Олоххо уларыйыылар киириилэрэ

Уһун үйэлээх саха дьонун олохторугар кэмиттэн кэмигэр киирэр уларыйыылар умнуллубакка иҥэн сылдьаллара остуоруйаларга, олоҥхолорго улаханнык тупсарыллан кэпсэнэллэр. Олоҥхо кэмигэр буолар сэриилэр, охсуһуулар омуктар икки ардыларыгар саҥа, үһүс омук үөскээн тахсан атыттары, икки кырдьаҕастары олохтоох сирдэриттэн үтүрүйэриттэн, үүрэриттэн, туоратарыттан хамсааһыннар тахсалларыттан үөскүүллэрэ бэлиэтэнэр. Ол иһин үс саха үөскүүр кэмигэр элбэх сэриилэр үөдүйэллэрэ олоҥхолорго уустаан-ураннаан кэпсэнэллэриттэн кэлэр көлүөнэлэр улаханнык тупсарыллыбыты билэллэр. (2,173).

Дьон олоҕо тосту уларыйыыта онно сөптөөх хамсааһыннартан үөскээн тахсаллар. Бу хамсааһыннар үөскээһиннэрэ дьон олоҕун тус-туспа кэрдиис кэмнэргэ араараллар. Саха дьонун уһун үйэлээх олохторо уларыйан, улаханнык хамсаан ылбыт кэмнэрин булуталаан ылан, ол кэмнэр үөскэппит уларыйыыларын быһаара сатыахха сөп.

Ол ааспыт кэмнэри, бу курдук тус-туспа арааран ааттаатахха бэйэ-бэйэлэригэр булкуллан хаалбаттара ситиһиллэр:

- Былыргы дьыллар быдан мындааларыгар диэн ааттанан олоҥхо кэмигэр буолан ааспыт уларыйыылар олоҥхолорго бэйэлэригэр ахтыллаллар.

- Олус былыргы кэмнэр диэн олоҥхо кэмин кэнниттэн кэлэр олус уһун кэми, нууччалар өссө кэлэ илик кэмнэрин этэбит. Бу олус уһун кэм сурукка киирбэтэҕинэн былыргы үһүйээннэртэн, остуоруйалартан, кэпсээннэртэн уонна атын омуктар быстах-быстах суруйууларыттан онон-манан билэргэ тиийиллэр.

- Былыргы кэм диэн туспа арааран нууччалар кэлбиттэрин кэннинээҕи, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэми ахтабыт. Бу кэм кыра-кыратык да буоллар сурукка киирбитинэн сахалар олохторугар киирбит уларыйыылар син биллэллэр. Ыал буолуу үгэстэрэ олус былыргы кэмтэн үөскээн баран, бу кэмҥэ биллэрдик уларыйбатахтара. Арай эр киһи биир ойохтоох буоларын православнай таҥара үөрэҕэ ыган киллэрбитэ. Ыраахтааҕы былааһа сахалар олохторугар улаханнык орооспотоҕуттан ыал буолуу үгэстэрэ уруккуларынан хаалбыттара. Арай салайар былаас уонна православнай таҥара үөрэҕэ, үөрэхтээһини сыыйа киллэрэн, саха дьонун өйдөрүн-санааларын кыралаан сайыннаран испиттэрэ. (3,25).

- Урукку кэм диэн сэбиэскэй былаас кэмин эттэхпитинэ, баай-мал барыта салайааччылар, биир партия бас билиилэригэр киирбитинэн, ыал буолуу үгэстэрэ олус улаханнык уларыйбыт кэмнэрэ этилэр. Дьахталлар былыргы кэмҥэ олус баттана сылдьыбыт аатыраннар саҥа былаас көмөтүнэн олохторугар элбэх чэпчэтиилэри оҥотторору ситиспиттэрэ. Бэйэлэрэ көҥүллэринэн, талан ылыыларынан ыал буолуулара, эргэ тахсыылара олоххо киирбититтэн эр дьон удьуордара, утумнара, буор куттара кэлэр көлүөнэлэргэ бэриллиитэ быстан хаалбыта. (1,64).

- Билиҥҥи кэм диэн дьон олоҕо сэбиэскэй былаас эстибитин кэнниттэн тосту уларыйбытын, былыргы ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ төннөн эрэрин билинэммит, туспа арааран ааттыыбыт. Бу кэмҥэ ырыынак сыһыаннаһыылара олоххо киирэннэр дьон байыыны-тайыыны ситиһэ сатыыр баҕа санаалара туолан үлэ-хамнас көнөн, олох тупсан эрэр кэмэ буолар.

Омук олоҕор уларыйыылар киириилэрэ ыал олохсуйбут үгэстэрин уларытар, туох эрэ саҥаны, тупсууну киллэрэр. Бу киирэр уларыйыылар олоххо туһаны аҕаллахтарына омук олоҕо уһуур, ахсааннара эбиллэр кыахтанар, онтон туһата суох эбэтэр буортулаах буолан хааллахтарына, омук кэхтэр, мөлтүүр. Сэбиэскэй былаас оҥорбут уларытыылара дьон олоҕор туһата суохтарынан уонна улахан буортуну оҥорбуттарынан, билигин Россия дьонун ахсааннара аҕыйаан иһэрэ, үлэ-хамнас олус бытааннык көнөрө бэлиэтэнэр.

Олоҥхо кэмин саҕанааҕы сахалар олохторо олоҥхолорго, остуоруйаларга уонна былыргы кэпсээннэргэ кэпсэнэллэр. Оччотооҕу кэмнэрдээҕи суругу-бичиги сахалар сүтэрэн кэбиспиттэринэн, олус былыргы билиилэрин уус-уран айымньылартан, өс хоһоонноруттан уонна тылбытыттан эрэ билэргэ тиийэбит. Олоҥхолорго уонна остуоруйаларга кэпсэнэр кэмнэргэ тус-туспа ыаллар баар эбиттэрэ кэргэн кэпсэтэллэриттэн арыллар.

Ыаллар үлэни-хамнаһы кыайар эр дьон баһылаан салайар кэмнэриттэн үөскээбиттэр. Эр дьон үйэлэрин тухары үлэлээн, элбэхтик хамсанан буор куту үйэлэрин тухары үөскэтинэллэр. Ыалы кыайа-хото үлэлиир эр дьон салайаллара ордук табыллар. Ыал эр дьон удьуордарын, утумнарын, үлэттэн, хамсаныылартан үөскээбит буор куттарын салҕаан, кэлэр көлүөнэлэргэ биэрэн иһэр аналлаах. Төрөппүттэриттэн ылыммыт сайдыылаах буор куттаах төрөөбүт оҕо үлэни сатыыра, дьоҕура элбэҕэ сайдыы түргэнник киирэрин үөскэтэр. Бу быһаарыы сокуоҥҥа киирэн туттулла сылдьарынан оҕо аҕатын араспаанньатын ылан улаатара буолар.

Аҕа оруолун туһунан Уткин К.Д. маннык суруйар:

- Аҕа ыал, дьиэ кэргэн олоҕор баһылык буолара мөккүһүллүбэт кырдьык. Былыр-былыргыттан олохсуйбут үгэс. Аҕа – баһылык буолар айылҕаттан анала. (4,117). Биһиги аҕа айылҕаттан ыалы баһылыыр аналын сайдыылаах буор кутун кэлэр көлүөнэлэригэр биэрэн иһэринэн быһаарабыт.

Элбэх ыаллар мунньустан омугу үөскэтэллэр. Ол аата омук үйэтэ уһааһына ыаллартан, ыаллар олохторуттан, оҕолорун хайдах иитэллэриттэн, үлэҕэ үөрэтэллэриттэн быһаччы тутулуктанар.

Иитии диэн оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитиини, онтон үөрэтии диэн салгын кута үөрэтиллэрин сахалар тус-туспа арааран этэллэр. Биһиги ыаллар тустарынан үлэбитин саха омук үйэтин кэлэр үйэлэргэ уһатар санааттан суруйдубут.

Суругу-бичиги баһылаабыт нууччалар кэлиилэриттэн ыла кэмнэри онон-манан да буоллар сурукка киллэрбиттэринэн туһанан сахалар олохторун, араас үгэстэрин билиэххэ сөп. В.Серошевскай “Якуты” диэн улахан үлэтиттэн сахалар былыргы кэмнээҕи олохторун туһунан толору кэриэтэ билиэххэ сөп.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр сахалар олохторун үөрэҕин А.Е.Кулаковскай, П.А.Ойуунускай, Алампа элбэхтик суруйбуттара. Бу сахалар олохторугар улахан уларыйыылары киллэрбит кэм этэ. Ыалы тэрийии былыргы үгэстэрэ барылара төрдүттэн уларыйбыттара, үгүстэрэ быраҕыллыбыттара, хаалбыттара, дьахталлар көҥүллэринэн барыыларыттан ханна эрэ суолга көрсө түспүт, ханнык эрэ эр киһини көрө түһээт да сөбүлүү охсон, ыал буолар саҥа үгэстэрэ үөскээн олоххо киирбитэ.

Билигин Россияҕа ырыынак сыһыаннаһыыларын олоххо киллэрэ сатааһын, баайы-малы үллэстии бара турар. Салайар былаастар экономика барыһы биэрэр тэрилтэлэрин бас билиини үллэстэннэр аһара байан олороллоро үлэһиттэри туоратан батталы үөскэтэр. Үлэһиттэр хантан да көмө ылаллара аҕыйаан, уурайан бэйэлэрэ эрэ кыайалларынан үлэлии сатыыллара олохсуйда.

Экономика мөлтөөбүтүгэр эбии өй-санаа үөрэҕэ эмиэ мөлтөөн сылдьар. Эйэлээх олох уһаабытыттан эр дьон мөлтөөһүннэрэ өссө улаатта. Ыаллар уол оҕолорун ордук атаахтык иитэллэриттэн, үлэҕэ үөрэнэллэрэ хаалан хаалбытыттан төрөппүттэр бэлэмнэригэр улааталлар, ол иһин бэлэмҥэ үөрэнэн хааланнар дьахталлар баһылааһыннарыгар түбэһэллэр.

Сэбиэскэй былаас ыал олоҕун улаханнык уларыппыта. Дьахталлары көҥүллэринэн ыытан, аны ыалы дьахтар бэйэтин мээрэйинэн талан ылан тэрийэр кэмэ кэлэн хаалбыта өйгө-санааҕа улахан халыйыыны үөскэттэ. Аҥардас дьахталлар элбээннэр оҕолор бас-баттах, атаахтык иитиллэллэрэ үксээн, араас хамсааһыннарга кыттыһаллара элбээтэ. Бу оҕону иитии, үөрэтии халыйыыта үйэлэргэ баһылаабыт нуучча омук эстиитигэр, симэлийиитигэр тириэрдэр кыахтанна.

Сахалар ыал олоҕун бу халыйыытыгар нууччалары үтүктэллэрэ элбэҕиттэн эмиэ киирэн биэрэн сылдьаллар. Биһиги бу халыйыыны көннөрөргө аналлаах бу үлэбитин суруйдубут.

Билигин Россияҕа үйэлэргэ баһылаан сылдьыбыт нуучча омук мөлтөөн, ахсааннара аҕыйаан иһэринэн саҥа омук үөскүүр кэмэ кэлэн турар. Россия арҕаа өттүгэр Украина республиката демократия үөрэҕин тутуһан сайдыыны ситиһии таһымыгар тахсан иһэрэ таһыттан баттааһыны оҥорор. Кавказ омуктарын эр дьоно күүстээхтэрэ, үлэни кыайаллара биллэн, атыттар үтүктэр санааларын улаатыннаран Россия иһигэр баттааһыны улаатыннарар.

Мусульманнар ыал буолууга сахалар былыргы үгэстэрин, кыыс ыраас кыыһынан эргэ барарын тутуһа сылдьалларыттан, эр дьон сайдыылаах буор куттара кэлэр көлүөнэлэригэр бэриллэн иһэриттэн, бу омуктар сайдыыны ситиһэллэрэ салҕанан иһэр.

Нууччалар уонна олохтоохтор үлэни кыайбаттарыттан Орто Азия омуктара, кытайдар үлэлии кэлэн элбээһиннэрэ нуучча дьахталлара кинилэргэ эргэ тахсыыларын үксэттэ. Саҥа үөскээбит бааһынайдар хайа омук диэн ааттанан улааталларыттан Россияҕа нуучча омук солбуллуута тутулуктанар.

Саха сиригэр нууччалар кэлиилэриттэн сыыйа үөскээн иһэр якут омук үчүгэй аата элбэҕиттэн, сахалартан ылыммыт сайдыылаах буор куттанан үлэни кыайалларыттан тутулуктанан ахсааннара үксүүр кэмэ кэлэн иһэр. Олохтоох нууччалар бэйэлэринэн якут буолары сөбүлүүллэрэ элбээтэ. Якут олохтоох омукка киирсэринэн айылҕа уларыйыыларын тулуйа үөрэммитэ элбэҕиттэн этэ-сиинэ бөҕөргүүрэ онно туһалыыр.

Билигин Саха сиригэр икки омук сайдан иһиитэ биллибэтинэн баран иһэр. Сайдан иһэр саха омугу кытта нууччалар эбиллэн биэрэр якут омуктара күөнтэһии суолугар киирэн эрэллэр. Бу күөнтэһиигэ сахалыы таҥара уонна Кут-сүр үөрэҕин тутуһар сахалар ыал буолуу үгэстэрин олоххо киллэрдэхтэринэ сайдыыны баһылыахтарын сөп.

Сэбиэскэй былаас көмөтүнэн оҕону иитии, үөрэтии атаахтатыы диэки улаханнык халыйан сылдьарыттан, хайы-сах улаатан хаалбыттары эбиискэ үөрэтэн, киһи быһыытыгар киллэрэ сатааһын олохсуйдаҕына уонна сахалыы таҥара үөрэҕэ тарҕаннаҕына дьон Кут-сүр үөрэҕин туһанан өйдөрө-санаалара тупсуута саҕаланнаҕына сайдыыны ситиһии кыаллар кыахтанар.

Сахаларга ыал олоҕо сэбиэскэй былаас кэмигэр былыргы кэмнэртэн улаханнык уларыйан, төрдө-ууһа биллибэт, сайдыыта суох дьадаҥы буор куттаах, үлэни-хамнаһы кыайбат, үлэлиэхтэрин баҕарбат оҕолору төрөтүүгэ тиийбитин уонна онно эбии кыра эрдэхтэринэ атаахтык иитии диэки халыйан сылдьарын билигин көннөрүү эрэйиллэр. (5,12).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Үс кут. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2017. – 156 с.

2. Ойунский П.А. Көҥүл ырыата. – Якутск: Якуткнигоиздат, 1968. – 440 с.

3. Национальная культура коренных народов Республики Саха (Якутия). – Якутск: Нац. кн. изд-во “Бичик”, 1994. – 104 с.

4. Уткин К.Д. Сах саҕаттан. Ытык санаа ыйар ыллыгынан. – Дьокуускай: Бичик, 2000. – 288 с.

5. Каженкин Иван Иванович. Ыал буолуу үгэстэрэ / Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2022. – 136 с.