Остуоруйа дуу, устуоруйа дуу

Остуоруйа диэн саха омук урукку, ааспыт олоҕун туһунан кэпсээнэ ааттанар, онтон устуоруйа диэн тыл үөрэхтээхтэрэ була сатаан туһаннара сатыыр сахалары албынныыр аналлаах тыллара буолар. Бу саҥа тыл саха омук былыргы олоҕун остуоруйатын умнан, атын омук буоларын үөскэтиэн сөп.

Сахабыт тыла атын омук тылларыттан хаалсыбакка сайдан иһэр. Атын омуктартан киирэр тыллары сахалыы дорҕооннорго киллэрэ, сахатыта сатыыбыт. Тылбыт дорҕоонноро ол уларыйыытыттан атын суолталанан, өйдөбүллэнэн тахсарын тыл үөрэхтээхтэрэ билбэттэр.

Саҥаны айа, айыыны оҥоро охсон олоххо киллэрэ сатааһын үксүгэр табыллыбакка, сыыһа-халты буолан хаалара элбэҕинэн дьиҥнээх олоххо буортуну, куһаҕаны оҥороро элбиир. Араас элбэх саҥаны айа, айыыны оҥоро сатааччылар дэлэччи оҥорон туһаҕа таһаара сатыыр саҥа тыллара саха тылын төрүт тутулугун алдьаталлар.

Саха тыла олус былыргы кэмнэргэ үөскээбит уонна билигин да уларыйбакка сылдьарынан хас биирдии дорҕоонноруттан олус улахан тутулуктардаах. Хас биирдии саҥа үөскээбит элбэх сүһүөхтээх тыл иннинээҕи, биирдии сүһүөхтээх тыллар өйдөбүллэригэр тирэҕирэн үөскүүр уонна ол өйдөбүлэ хаһан да уларыйбат.

«Бас» диэн тыл төрүтүттэн салгыы үөскүүр тыллар бары «бас» диэн тыл өйдөбүлүн иҥэринэн илдьэ сылдьаллар. Ол иһин бастаа, бастыҥа, бастыҥ диэн тыллар бастаан иһэр киһини быһаараллар.

Бу быһаарыыны атын омук тылыттан киирэр саҥа тиэрминнэри сахалыы ааттыырга хайаан да тутустахпына табыллар. Тыл үөрэхтээхтэрэ саҥа тылы була, саҥаны айа сатыыллара аһара барыытыттан араас, дорҕоонноро суолтатыгар сөп түбэспэт тыллары айан туһаннара сатыыллар.

Тыл үөрэхтээхтэрэ отвертка диэн тылы сахалыы этибиэркэ диэҥҥэ уларытыахха сөп дииллэр. Бу тылы маннык уларытыыга тыл төрүтэ уларыйарын аахайбаттар, аахсыбаттар. Тыл төрүтэ «эт» диэҥҥэ кэлэн хаалыыта тыл өйдөбүлүн төрдүттэн уларытан «эти биэр» диэҥҥэ тириэрдэн кэбиһэр, ол иһин бу тылы маннык уларытыы саха тылыгар букатын сөп түбэспэт.

Отвертка – отвернуть диэн тылтан үөскээбит. Бу тыл эрийии диэн төрүттээх, өйдөбүллээх, оннук сыалга, сорукка анаммыт тэрил буолар. Бу тылы сахалыыга уларытыыга эрийиини кытта сибээстэннэҕинэ, тутулуктаннаҕына өйдөбүлэ уларыйбакка эрэ сыала, соруга барыта толору бэриллэр. Эрийиик, эрийэр эҥин диэн буолара ордук табыллыа этэ эбэтэр бу кэмҥэ нууччалыыттан киирбитин быһыытынан бэйэтинэн, отвертка диэнинэн да сылдьа түһүөн сөп.

Сорох нууччалыы тыллар сүрүн өйдөбүллэрэ сахалыыга бэйэлэрэ да сөп түбэһэллэр. Революция - өрө барыы - өрөбөлүүссүйэ. Бу тыл суолтата, өйдөбүлэ уонна тылын дорҕоонноро сөп түбэһэринэн бэйэтинэн сахалыы барара сөп. Төрдүттэн да сахалыыта тарда сылдьар тыл буолар. Сиэм диэн саха тыла нууччаларга "сьем" буолан сылдьар.

Саха дьоно былыр-былыргыттан урукку олохторун туһунан кэпсээннэрин остуоруйа диэн ааттыыллар. Бу кэпсээннэргэ кэлин араас үлүннэриилэр, элбэтиилэр эбиллэннэр сорохторо кырдьыктарын дуу, сымыйаларын дуу быһаарыы улахан уустуктардаах да буоллар, үксүлэрэ олоххо баар буола сылдьыбыттара дакаастанан тураллар. Остуоруйа диэн былыргы олохпут кэпсээннэрэ хайдах баарынан кэпсэнэллэрэ буолар. Олус уһун үйэлээх саха омук буоларбытын былыргы остуоруйабыт баара дакаастыыр. Остуоруйабытыттан аккаастаныы саха омук буоларбытыттан аккаастаныы буоларын тыл үөрэхтээхтэрэ биллэхтэринэ табыллар.

Билигин тыл үөрэхтээхтэрэ уонна учууталлар остуоруйа диэн тылбытын уларытан, саҥа тылы, «устуоруйа» диэни булан туттуохха уонна туттуҥ дииллэр, онно-манна суруйа сатыыллар.

Тыл дорҕооннорунан тутулугар остуоруйа диэн тылы «устуоруйа» диэҥҥэ уларытыы сөп түбэспэтин биһиги быһааран ааҕааччыларбытыгар тириэрдэ сатыыбыт. Тылбыт үөрэхтээхтэрэ уонна сорох суруйааччылар сахабыт тылын төрүт тутулугун ситэ билбэттэр диэн санаалар дьоҥҥо олохсуйан эрэллэр.

Саха тылыгар хас биирдии элбэх сүһүөхтээх тыллар хас да биирдии сүһүөхтээх тыллартан хомуллан, таҥыллан үөскүүллэр уонна бу тыллар өйдөбүллэриттэн хомуллан, саҥа тыл өйдөбүлэ үөскүүр. Остуоруйа диэн тыл ос, туор уонна уйа диэн биирдии сүһүөхтээх тыллартан маннык хомуллан үөскээбит:

Ос – баас-үүт оһуута, отунан-маһынан саба үүнүүтэ, умнуллубута ааттанар. Бу тыл кистэлэҥ өйдөбүлүнэн баас-үүт оспута ойууланан, хаһан да умнуллубат, сотуллубат буолан хаалбытын быһаарар. Этэрбэс оһо ос диэн ааттаныыта уларыйбат ойуулааҕынан быһаарыллар.

Туор – туордаа, бэлиэтээ, бэлиэтээн ыл диэн өйдөбүллээх.

Уйа – туох эмэ дьиэтэ-уота, олохсуйбута.

Остуой – хаалан, тохтоон хаалбыт, аны уларыйбат буолбуту туой, кэпсээ диэн өйдөбүллээх.

Остуоруйа диэн уруккуну, оспуту, тохтообуту, хаалбыты уустаан-ураннаан, ойуулаан-дьүһүннээн бэлиэтээһин, кэпсээһин уонна умнуллубат гына олохсутуу, уйалааһын ааттанар. Маннык киэҥ, дириҥ өйдөбүллээх баар-суох тылбытын тыл үөрэхтээхтэрэ уларыта сатыыллара саха тылын билбэттэрин биллэрэр.

Уруккуну, былыргыны кэпсээһин, сурукка киллэрии аата остуоруйа диэнинэн хайаан да хаалара ирдэнэр. Остуоруйа диэн тылбытын бэйэтинэн илдьэ сырыттахпытына кэлэр көлүөнэлэр былыргыларбыт, өбүгэлэрбит олохторун ордук сыаналыыр, харыстыыр санаалара улаатар. Бу тыл дорҕоонноро биэрэр өйдөбүллэригэр бэйэтин өйдөбүлэ толору сөп түбэһэр. Былыргыттан баар, билигин да киэҥник туттулла сылдьар үтүө тылларын харыстыыллар.

Тылбыт үөрэхтээхтэрэ була сатыыр «устуоруйа» диэн тыллара былыргыны, уруккуну, олоҕу бэлиэтииргэ, кэпсииргэ сөп түбэспэт. «Ус» диэн тылтан сахалыы өйдөбүл тахсыбат буола умнуллубут. Бу тылтан усках, устар, ускул-тэскил диэн босхо барыыны, туһалаах быһыы аҕыйааһынын бэлиэтиир кыра, барбах суолталаах тыллар үөскүүллэр.

Олус былыргы кэмнэргэ нууччалар сахалартан арахсалларыгар остуоруйа диэн тылы история диэҥҥэ уларытан арахсыбыттар, бу тыллар дорҕоонноро бэйэ-бэйэлэригэр сөп түбэһэринэн быһаарыллар кыахтаах. Билигин тыл үөрэхтээхтэрэ сахалары эмиэ араараары, үрэйээри, ыһаары, икки аҥы ыытаары аны «устуоруйа» диэн саҥа тылы булан туһаннара сатыыллар. Омук остуоруйатын, олоҕун кэпсээнин суох оҥорон, уларытан саҥаттан саҕалааһын сахалары үрэйэн, ыһан, араартаан саҥа устуоруйалаах саҥа омугу үөскэтэ сатааһыҥҥа тириэрдиэн сөп.

Остуоруйаны кэпсээччи, дьоҥҥо тарҕатааччы киһи аата остуоруйаһыт диэн буолар. Остуоруйаны үөрэтэр киһи өссө элбэх остуоруйаны билэринэн, дьоҥҥо кэпсииринэн, үөрэтэринэн син-биир остуоруйаһытынан хаалыа эбэтэр остуорук да диэн буолуо этэ.

Остуоруйа да араастааҕын, эмиэ икки өрүттээҕин өйдөөх-санаалаах киһи бэйэтэ арааран билэрэ ордук этэ. Ханнык эмэ остуоруйаҕа олус үлүннэрэн-балыннаран биэриилэри дьиҥнээх олоххо буолбут быһыылартан арааран билиини киһи бэйэтин өйүн-санаатын күүһүнэн оҥороро ордук табыллар, олоҕор таба туһанар кыахтанар.

Саха дьоно, үлэһиттэр тыл үөрэхтээхтэрин албыннарыгар, сымыйаларыгар киирэн биэрбэттэр. «Устуоруйа» уонна «устуорук» диэн тыллар сахаларга суох этилэр уонна букатын да суох да буоллахтарына төрүт даҕаны итэҕэстийиэхпит суоҕа, хата түмсүүлээх буолуубут улаатар.

Уһун үлэлэр тухары олорон кэлбит олохпут кэпсээннэрин аанньа ахтыбат, бэйэлээх бэйэбит олохпут үөрэҕин сөбүлээбэт, урукку остуоруйабытыттан сиргэнэр, кыбыстар, остуоруйаһыт, остуорук буолуохтарын баҕарбат нууччатымсыйбыт үөрэхтээхтэр сахалар остуоруйаларын үөрэппэтиннэр. Остуоруйа диэн тылбытын уларыта сатаабатахтарына табыллар. Бэйэбит остуоруйабытын бэйэбит уларыппакка, хайдах баарынан билэрбит, үөрэтэрбит омукпут үйэтэ уһууругар тириэрдэр. Урукку олорон ааспыт олохпутун сирэ-тала сатаабакка бэйэтэ хайдах баарынан ылынарбыт сайдыыны ситиһэрбитигэр ордук улаханнык туһалыыр. (1,37).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Каженкин И.И. Дорҕооннор өйгө-санааҕа дьайыылара. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2013. - 108 с.