Сиик (айылҕа көстүүтэ)

(Мантан: Сиик көстө)

Сиик (нууч. роса) — дьыл ичигэс кэмигэр түүн тымныйдаҕына, окко, сиргэ, араас эттиктэргэ уу паара эбэтэр туман сөҥөн уу таммаҕыгар кубулуйан олорон хаалара. Маннык көстүүнү сиик түспүт диэн ааттыыллар.

Drops I.jpg

Ол гынан баран кэлин сиик диэн тылынан салгыҥҥа эбэтэр бүтэй туох эрэ эттиккэ уу таһымын (нууч. влажность диэн тиэрмини) эмиэ бэлиэтиир буолбуттар, холобур, салгын сиигэ 80% тэҥнэстэ, бу дьиэ сииктээх баҕайы.

Өссө маны көрПравить

Ылыллыбыт сирэПравить

География Якутии: учеб. для 9-го Кл. сред. шк./ И.И. Жирков [и др.]. – Якутск: Бичик, 2004. -300, [1] с.: ил, карты; 20 см. ISBN 5-7696-1049-2