Физикаҕа Нобель бириэмийэтэ

Физикаҕа Нобель бириэмийэтэ (швед. Nobelpriset i fysik) Швед хоруоллугун билимҥэ акадьыамыйата сылга биирдэ аныыр бириэмийэтэ. Бу Альфред Нобель 1895 сыллаахха бэйэтэ олохтообут биэс Нобель бириэмийэлэриттэн биирдэстэрэ, 1901 сыллаахтан туттарыллар. Атын бириэмийэлэр: Химияҕа Нобель бириэмийэтэ, Литэрэтиирэҕэ Нобель бириэмийэтэ, Нобель Эйэҕэ бириэмийэтэ уонна Мэдиссиинэҕэ уонна физиологияҕа Нобель бириэмийэтэ. Бастакы физикаҕа Нобель бириэмийэтэ ньиэмэс физигэр Вильгельм Конрад Рентгеҥҥэ «в знак признания необычайно важных заслуг перед наукой, выразившихся в открытии замечательных лучей, названных впоследствии в его честь» туттарыллыбыта. Бу наҕарааданы Нобель Пуондата дьаһайар уонна физик үлэтин чыпчаал үрдүк билиниитин быһыытынан ааҕыллар. Бу бириэмийэни Стокгольмҥа сылын ахсын анал сиэри-туому тутуһан ахсынньы 10 күнүгэр туттараллар (Нобель өлбүт күнэ).

Вильгельм Рентген
(1845—1923), Физикаҕа Нобель бириэмийэтин бастакы лауреата.

Анааһын уонна талыы уларыт

Үс лауреаттан ордугу талар сатаммат.[1] Атын Нобель бириэмийэлэртэн уратыта диэн, физикаҕа бириэмийэҕэ талыы ордук өр уонна кытаанах буолар. Ол иһин сылтан сыл бу бириэмийэ аптарытыата үрдээн испитэ, уонна түмүгэр аан дойдуга физиктар саамай суолталаах бириэмийэ быһыытынан ылыммыттара.[2]

 
Үс лауреат. Бастакы эрээккэ хаҥастан уҥа: Альберт А. Майкельсон, Альберт Эйнштейн и Роберт Милликен.

Лауреаттары биэс киһиттэн турар Нобель физикаҕа кэмитиэтэ талар, бу дьону Швед хоруоллугуна билимҥэ акадьыамыйата аныыр. Бастакы түһүмэххэ хас да тыһыынча киһи хандьытааттары туруорар. Бу дьону эспиэртэр түмүк тахсыар диэри чинчийэллэр уонна ырыталлар.

Үс тыһыынча кэриҥэ киһиэхэ бэйэлэрин кадидатураларын туруорар туһунан этиилээх форма ыытыллар. Номинацияҕа туруорбут дьон аата 50 сыл тухары аһаҕастык биллэриллибэт, номинааннарга эмиэ этиллибэт.

Сайаапкалары хамыыһыйа тургутар, онтон 200 кэриҥэ киһилээх баллыр испииһэк хайысхаларынан эспиэрдэргэ ыытыллар. Эспиэрдэр хас биирдии испииһэккэ 15-тии кэриҥэ ааты хааллараллар. Кэмитиэт сүбэлиир дакылаат бэлэмниир. Өлбүт дьону номинацияҕа киллэрбэттэр, ол эрээри номинант бириэмийэ кэмитиэтэ быһаарбытын кэннэ өлбүт буоллаҕына (үксүн алтынньыга) бириэмийэ ананар. 1974 сыллаахха диэри номинант бириэмийэ анаммытын кэннэ өлбүт эрэ буоллаҕына аймахтарыгар туттарыллара.[3]

Физикаҕа Нобель бириэмийэтин быраабылата арыйыыны "кэм тургутуохтааҕын" ирдиир. Ол аата арыйыы оҥоһуллубутун кэнниттэн сүүрбэччэ сыл ааһыахтаах, сороҕор онтон быдан уһун кэм ааһар.

Наҕараадалааһын уларыт

Физикаҕа Нобель бириэмийэтин лауреата көмүс мэтээли, туох иһин ылбытын туһунан суруктаах туоһу суругу уонна харчынан бириэмийэни тутар.[4] Денежная сумма зависит от доходов Нобелевского фонда в текущем году.[5] Бириэмийэ хас да киһиэхэ туттарыллар түгэнигэр харчы тэҥҥэ үллэриллэр; үс лауреат буоллаҕына сороҕор биир киһиэхэ харчы аҥаарын, иккитигэр чиэппэрдэрин биэриэхтэрин сөп.[6]

Мэтээл уларыт

Нобель бириэмийэтин мэтээллэрин [7] Швецияҕа уонна 1902 сыллаахтан Норвегия Манньыатын тиэргэнигэр чеканкалыыллар. Хас биирдии мэтээл сирэйигэр Альфред Нобель хаҥас өттүттэн көстүүтэ ойууланар. Физикаҕа, химияҕа, мэдиссиинэҕэ эбэтэр физиологияҕа уонна литэрэтиирэҕэ туттарыллар бириэмийэ мэтээллэрин сирэйэ биир: Альфред Нобель ойуута уонна олорбут сыллара (1833—1896). Нобель Эйэҕэ уонна Экэниэмикэҕэ бириэмийэтин мэтээллэрин сирэйигэр эмиэ Нобель мэтириэтэ ойууланар, ол эрээри дизайна арыый атын.[8][9] Мэтээл кэлин өттө ханнык тэрилтэ аныырыттан тутулуктаах. Химияҕа уонна физикаҕа тутарыллар мэтээллэр биир дизайннаахтар.[10]

 
Мария уонна Пьер Кюриларга 1903 с. бэриллибит Физикаҕа бириэмийэ туоһу суруга, Франция наассыйатын бибилэтиэкэтин илиинэн суруллуу пуондатыгар харалла сытар

Туоһу сурук уларыт

Нобель лауреаттарыгар туоһу суругу Швеция хоруола туттартыыр. Хас биирдии туоһу сурук туһунан дизайннаах буолар.[11] Туоһу сурукка лауреат аата уонна туох иһин бириэмийэ анаммыта суруллар.[11]

Харчынан бириэмийэ уларыт

Лауреаттарга харчынан бириэмийэ туттарыллар, ол туһунан докумуону туоһу суругу уонна мэтээли кытта туттараллар; 2009 сыллаахха харчынан бириэмийэ 10 мөлүйүөн швед кронатыгар тэҥнэһэрэ (1,4 мөл. АХШ дуоллара).[5] Харчы сууммата сылтан сыл уларыйыан сөп, ол Нобель пуондата ол сыл төһө харчыны туттарар кыахтааҕыттан тутулуктаах. Биир категорияҕа икки лауреат ананар түгэнигэр харчы икки тэҥ чааска араарыллан туттарыллар. Үс лауреат анаммыт түгэнигэр наҕараадалыыр кэмитиэт үс тэҥ чааска араарар эбэтэр суумма аҥаарын биир киһиэхэ, оттон биирдии чиэппэрин атын икки киһиэхэ түҥэтэр бырааптаах.[12][13][14][15]

Туттарыы уларыт

Кэмитиэт уонна талар хамыыһыйа оруолун толорор тэрилтэлэр лауреаттар ааттарын үксүн сэтинньигэ биллэрэллэр. Бириэмийэни сылын ахсын анал сиэри-туому тутуһан Стокгольм дьаһалтатыгар ахсынньы 10 күнүгэр, Нобель өлбүт күнүгэр туттараллар. Nobel Prize Foundation Website</ref>

Лауреаттар уларыт

Быһаарыылар уларыт

  1. «What the Nobel Laureates Receive». Retrieved November 1, 2007. Архыыптаммыт 2007, Алтынньы 30 күнүгэр.
  2. «The Nobel Prize Selection Process», Encyclopædia Britannica, accessed November 5, 2007 (Flowchart).
  3. FAQ nobelprize.org
  4. Tom Rivers. 2009 Nobel Laureates Receive Their Honors | Europe| English(суох сигэ — история). .voanews.com (10 Ахсынньы 2009). Тургутулунна 15 Тохсунньу 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 14 Ахсынньы 2012.
  5. 5,0 5,1 The Nobel Prize Amounts(суох сигэ — история). Nobelprize.org. Тургутулунна 15 Тохсунньу 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 3 От ыйын 2006.
  6. «Nobel Prize — Prizes» (2007), in Encyclopædia Britannica, accessed 15 January 2009, from Encyclopædia Britannica Online:

    Each Nobel Prize consists of a gold medal, a diploma bearing a citation, and a sum of money, the amount of which depends on the income of the Nobel Foundation. (A sum of $1,300,000 accompanied each prize in 2005.) A Nobel Prize is either given entirely to one person, divided equally between two persons, or shared by three persons. In the latter case, each of the three persons can receive a one-third share of the prize or two together can receive a one-half share.

  7. Medalj – ett traditionellt hantverk(швед.). Myntverket. Тургутулунна 15 Ахсынньы 2007. Төрүт сириттэн архыыптанна 18 Ахсынньы 2007.
  8. «The Nobel Prize for Peace» Архыыптаммыт 2009, Балаҕан ыйын 16 күнүгэр., «Linus Pauling: Awards, Honors, and Medals», Linus Pauling and The Nature of the Chemical Bond: A Documentary History, the Valley Library, Oregon State University. Retrieved 7 December 2007.
  9. The Nobel Medals(суох сигэ — история). Ceptualinstitute.com. Тургутулунна 15 Тохсунньу 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 14 Ахсынньы 2012.
  10. «Nobel Prize for Chemistry. Front and back images of the medal. 1954» Архыыптаммыт 2011, Атырдьах ыйын 12 күнүгэр., «Source: Photo by Eric Arnold. Ava Helen and Linus Pauling Papers. Honors and Awards, 1954h2.1», «All Documents and Media: Pictures and Illustrations», Linus Pauling and The Nature of the Chemical Bond: A Documentary History, the Valley Library, Oregon State University. Retrieved 7 December 2007.
  11. 11,0 11,1 The Nobel Prize Diplomas(суох сигэ — история). Nobelprize.org. Тургутулунна 15 Тохсунньу 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 1 От ыйын 2006.
  12. Sample, Ian (2009-10-05). "Nobel prize for medicine shared by scientists for work on ageing and cancer | Science | guardian.co.uk". London: Guardian. http://www.guardian.co.uk/science/2009/oct/05/nobel-prize-medicine-2009-award. Retrieved on 2010-01-15. 
  13. Ian Sample, Science correspondent (2008-10-07). "Three share Nobel prize for physics | Science | guardian.co.uk". London: Guardian. http://www.guardian.co.uk/science/2008/oct/07/physics.nobel. Retrieved on 2010-02-10. 
  14. David Landes. Americans claim Nobel economics prize – The Local(суох сигэ — история). Thelocal.se. Тургутулунна 15 Тохсунньу 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 14 Ахсынньы 2012.
  15. The 2009 Nobel Prize in Physics - Press Release(суох сигэ — история). Nobelprize.org (6 Алтынньы 2009). Тургутулунна 10 Олунньу 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 14 Ахсынньы 2012.

Литэрэтиирэ уларыт

Сигэлэр уларыт