Үрдүкү үүнээйилэр, эбэтэр Сир үүнээйилэрэ, эбэтэр Эмбриофиты (лат. Embryophyta) — күөх үүнээйилэр көрүҥнэрэ, кинилэр анныкы үүнээйилэртэн (уу салахайдарыттан) уратылара килиэккэлэрэ араас аналлаах ткааннарга арахсар (дифференциация). Үрдүкү үүнээйилэргэ муохтар уонна тымырдаах үүнээйилэр (папоротниктыҥылар, псилоттуҥулар, боруутуҥулар, плауннуҥулар, сыгынньах сиэмэлээхтэр, уонна сабыылаах сиэмэлээхтэр) киирэллэр.

Үрдүкү үүнээйилэр эволюциялара кураанах сиргэ тахсыыны кытта ситимнээх.

Килиэккэлэрэ туспа аналлаах бөлөхтөргө (ткааннарга) арахсыылара сиргэ тахсыыга улахан суолталаах этэ. Салгыҥҥа хатан хаалбат туһугар эпидермис сайыннарбыттара. Иҥэмтэлээх эттиктэри тарҕатар туһугар аһарар ткааннары (тымырдары) сайыннарбыттара. Салгыҥҥа тахсыы түмүгэр үүнээйилэр силис, умнас уонна сэбирдэх курдук тус-туспа оҥоһууламмыттара.