Айылҕаҕа талан ылыы бэрээдэгэ кытаанахтык тутуһуллар.

Айылҕа бары тыынар-тыыннаах харамайдарыгар, кыылларыгар уонна көтөрдөрүгэр күүстээҕи, кыахтааҕы талан ылыы кытаанах бэрээдэгэ үйэттэн-үйэҕэ уларыйбакка дьайар. Сир үрдүгэр үөскүүр бары тыынар-тыыннаах харамайдар, кыыллар уонна көтөрдөр олохторо бу бэрээдэккэ сөп түбэһэллэриттэн сылтан-сыл аайы салгыы сайдан, күүһүрэн, эттэрэ-сииннэрэ тупсан иһэллэр. Былыргы, эмп-том, үөрэх, эҥин суох кэмнэригэр дьон-аймах олохторо Айылҕа бу тулхадыйбат талан ылыытын бэрээдэгэр эмиэ сөп түбэһэн испиттэр.

Айылҕаҕа саҥа үөскээн улаатар көлүөнэлэр кырдьаҕас көлүөнэлэри бары өттүлэринэн баһыйар күүстээх, кыахтаах буолан тахсаллара ирдэнэр. Саха дьоно Айылҕа бу тутаах көрдөбүлүн былыр-былыргыттан билэн олохторугар туһана сылдьыбыттарын «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһооно баара быһаарар. Бу өс хоһооно оҕо төрөппүтүнээҕэр ордук тулуурдаах, дьулуурдаах уонна үлэһит буола улаатарын хааччыйар кыахтааҕын сахалары мөлтөтөөрү сэбиэскэй былаас саҕана куһаҕан өс хоһооно диэн туората сылдьыбыттара. Билигин ырыынак үйэтигэр хас биирдии төрөппүт оҕотун иитиитигэр уонна үөрэтиитигэр бу өс хоһоонун тутуһара эрэйиллэр.

Бары тыынар-тыыннаахтарга саҥа үөскүүр көлүөнэлэр билигин баар көлүөнэтээҕэр өссө күүстээх, кыахтаах буолан тахсалларын ситиһэргэ Айылҕа талан ылыы бэрээдэгин халбаҥнаабакка эрэ тутуһуннарар.

Тыынар-тыыннаахтарга күүстээҕи, кыахтааҕы талан ылыы аан маҥнай атыырдары талан ылыыга олоҕурар. Ордук кыахтаах, күүстээх буолан атыттары баһыйа тутан кыайбыт атыыр, бэйэтэ эмиэ талан ылыы бэрээдэгин тутуһан, кэлэр көлүөнэлэри үөскэтиини бэйэтигэр ылынара сайдыы, эт-сиин күүһүрэн иһиитэ салгыы сайдан иһэрин толору хааччыйар.

Айылҕаҕа кыахтаах, күүстээх атыыры талан ылыы күрэстэһии бэрээдэгинэн барар. Кытаанах, кыра даҕаны сымнаан биэриитэ суох бу күрэстэһиигэ, харсыһыыга күүстэринэн-уохтарынан кыаттарбыттар туораан биэрэллэригэр эрэ тиийэллэр. Кыахтаахтан кыахтаах, күүстээхтэн күүстээх эттээх-сииннээх көлүөнэлэр үөскээн тэнийэн иһиилэрэ тохтообокко эрэ, сылтан сыл, салгыы баран иһэрэ хааччыллар. Бу бэрээдэк араас тыынар-тыыннаахтар Айылҕа ыарахан усулуобуйатыгар уһун үйэлэргэ мөлтөөбөккө сайдан уонна күүһүрэн биэрэн иһэллэрин хааччыйарыттан кыыллар уонна көтөрдөр үйэлэрэ хас да мөлүйүөнүнэн сылларынан ааҕыллар.

Өйдөрө-санаалара олус түргэнник сайдан иһэр дьон-аймах, Айылҕа бу халбаҥнаабат бэрээдэгин кэһэллэрэ, тутуспаттара эбиллэн иһэр. Кэнники кэмҥэ букатын да умнан, суолтатын да сүтэрэн кэбистилэр. Дьон-аймах науканы, эмп-том күүһүн күүскэ сайыннаран уонна «социализм» идеятын тутуһан, киһи барыта "тэҥ буолар" диэн өйдөбүлүнэн туһанан, күүстээҕи таба талан ылар кыахтарын сүтэрдилэр.

Айылҕа талан ылар бэрээдэгин дьон-аймах кыайан тутуспаттара киһи өйө-санаата уонна этэ-сиинэ тус-туһунан буолууларыттан үөскээн тахсар. Бу талан ылыы сахалар этэллэрин курдук икки өрүттээх, икки өттүттэн тутулуктаах. Эт-сиин өттүнэн аһара сайдыбыт киһи өйө-санаата сөбүгэр соҕус буоларынан дьон-аймах күүстээҕи уонна өйдөөҕү талан ылыылара улаханнык уустугуран турар.

Бу талан ылыыга өйдөөҕү уонна эт-хаан өттүнэн сайдыылаах дьону тус-туспа арааран талыы кыайан чуолкайдык быһаарыллар бэлиэтэ суоҕа ордук уустуктары киллэрэр. Арай билигин даҕаны дьон үлэлиир үлэлэрэ икки аҥы, өй уонна илии үлэлэрэ диэн арахсар курдуктарын да иһин талан ылыыга сөптөөх быһаарыыны син-биир биэрбэттэр. Өй уонна илии үлэлэрин дьүөрэлэһиннэрэн сайыннардахтарына, эргиччи сайдыылаах дьон үөскээн тахсыахтарын сөп.

Бу икки араас үлэлэртэн биирин аҥардастыы баһылаабыт киһини булан, талан ылыы сайдыы ситэтэ суох буолуутугар тириэрдэр. Дьон-аймах толкуйдуур өйдөрө, салгын куттара сайдыбыт буоланнар талан ылыыга бу икки сүрүн хаачыстыбалары, эт-сиин күүһүн-уоҕун уонна өй-санаа сайдыытын тэҥнээн көрөн талан ыла сатыыллар.

Дьон-аймах күүстээҕи, кыахтааҕы уонна өйдөөҕү холбуу тутан талан ылар бэрээдэктэригэр кэнники кэмҥэ арыгы эмиэ киирсэр буолуута бу дьыаланы ордук табатык быһаарарга кыаҕы биэрэр. Билиҥҥи кэмҥэ арыгы бу талан ылыыга ураты өйдөбүлү киллэрэр. Күүстээх, кыахтаах уонна өйдөөх киһини талан ылыыга арыгы эмиэ эбиллэн, эбиискэ көрдөбүлү киллэрэн биэрэн, аны арыгыһыт буолбатах, арыгыны аһара испэт, ол аата өйө-санаата тулуурдаах, туруктаах киһини талан ылыы көрдөнөр буоларын киллэрэр.

Күүстээҕи, кыахтааҕы талан ылыы бэрээдэгэр арыгы олус сөп түбэһэр. Аан маҥнай санаалара түспүт эбэтэр дьонтон ордук сананар киһиргэс уонна майгылара-сигилилэрэ мөлтөх, олоххо көрсөр ыарахаттары тулуйарга үөрэтиллибэтэх дьон арыгыга ыллараннар арыгыһыт буола охсоллор.

Күүстээх санаалаах, кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах гына үөрэтиллибит, өһөс майгылаах, бэйэтин, оҕолорун, аймахтарын, чугас дьонун олохторун тупсарарга аналлаах араас сыаллардаах уонна соруктардаах, ол сыалларын толорорго бары кыаҕын ууран дьулуһар киһи хаһан даҕаны арыгыга кыаттарбат.

Кэлэр көлүөнэлэри иитиигэ уонна үөрэтиигэ сахалар «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһооннорун кытаанахтык тутуһуу ирдэнэр кэмэ кэлэн турар. Кэлэн иһэр көлүөнэлэр өйдөрө-санаалара уонна эттэрэ-сииннэрэ ордук бөҕөргүүрүн ситиһэр кыахтааҕынан бу өс хоһоонун хас биирдии төрөппүт хайаан да тутуһа сылдьара көрдөнөр буолла.

Арыгыһыт буолбатах киһини талан ылыы бу айылҕа талан ылыытын бэрээдэгэ аныгы үйэҕэ саҥалыы сайдыбытын биир сүрүн көрдөбүлэ буолар.

Арыгыһыт буолбат, арыгыга кыаттарбат буолуу диэн, дьон-аймах бэйэлэрэ олох иһин охсуһан, тулуурдарын улаатыннаран инники диэки сайдан иһиилэрин лаппа сымнаабыт көрүҥэ буолара быһаарыллар. Дьоҥҥо бу арыгыны кыайыы, аһы ас курдук өйдөөн-санаан киһилии аһааһын эбэтэр аһара испэт буолуу, бу аймах, бу омук уһун үйэлээх буолар кэскиллээҕин уонна олох сайдан иһэр көрдөбүллэриттэн, таһымыттан хаалсан хаалбакка инники диэки барсан иһэрин бэлиэтэ буолар.

Арыгыны аһара испэт буолуу диэн киһи бэйэтин өйө-санаата күүһүрэн, сайдан лаппа үрдүк кэрдиискэ тахсыбытын уонна дьулуурдаах, тулуурдаах, өһөс буолуута эмиэ үрдээбитин көрдөрөр бэлиэ буолар.

Сайдыыны ситиспит норуоттар бары арыгыны сөбүлээн көрөн иһэргэ үөрэммиттэр. Арай биһиги Россия дьоно атын омуктартан өй-санаа өттүнэн хаалан иһэрбит бэлиэтинэн арыгыны сатаан испэт арыгыһыттарбыт өссө да элбэхтэрэ буолар.

Билигин дьоҥҥо өссө күүстээх өйү-санааны буккуйааччы, эмиэ талан ылааччы буолар туруктаах, аны наркотик киэҥник тарҕанан кэлэн иһэр. Наркотик күүскэ тарҕанар биир биричиинэтинэн арыгы сыанатын аһара үрдэтии уонна арыгыны бобо-хаайа сатааһын аһара барыыта буолар. Бобуу аһара барбыт кэмиттэн ылата биһиэхэ наркоманнар уонна токсикоманнар үөскээннэр эбиллэн бардылар.

Айылҕа тутаах бэрэээдэктэрин дьон-аймах кыайан уларытар күүстэрэ суох. Хата ол оннугар тулуйар, тулуурдаах буолуу дьон-аймахтан ордук күүскэ эрэйиллэр. Тымныы сиргэ олоруоххун баҕарар буоллаххына, тымныыны тулуйарга үөрэниэхтээххин, эрчиллиэхтээххин, онтон итии сири сөбүлээтэххинэ итиини тулуйа үөрэн диэн Айылҕа үөрэҕэ этэр.

Айылҕа бары тыынар-тыыннаах харамайдарыгар, көтөрдөрүгэр уонна кыылларыгар дьайар, талан ылыы бэрээдэгэ дьоҥҥо эмиэ дьайа сылдьар. Дьон-аймах кыахтаах, тулуурдаах өттүлэрэ арыгыны уонна наркотиктары кыана туттунан туһанар буола үөрэннэхтэринэ эрэ салгыы сайдан, үөскээн бараллара хааччыллар кэмэ кэлэн иһэр. (1,58).

Туһаныллыбыт литература. уларыт

1. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. - 78 с.