АлмаасЭргиэнБаан (АлмазЭргиэнБанк) — толору аата "Акционернай комменбескай баан «Алмазэргиэнбанк» АО - Саха Сирин саамай бөдөҥ баана уонна Даальнай Восток улахан баана буолар, уонна Арассыыйа 117 баана буолар[1], харчыта элбэҕинэн. Төбө офиһа Дьокуускайга баар. Арассыыйа центральнай бааныттан 2602 нүөмэрдээх лицензиялаах. Вклад страхованиетын агентство систиэмэтин 2005 сыллаахтан кыттыылааҕа.

Алмазэргиэнбанк
Көрүҥэ Аһаҕас акционернай хампааньа
Тэриллибитэ (1993)
Штаб-квартира Дьокуускай, Арассыыйа
Тутаах дьоно Миронов Александр Степанович (Тойоно)
Данчикова Галина Иннокентьевна (Кэтээн көрөр сэбиэтин пирисидээтэлэ)
Индустрията Баан
Оҥоһуулара Үп-харчы өҥөтө
Барыhа 2 млрд солкуобай (2009)
Net income 23 мөл солк. (2010)
Бүтүн активтара 1020 мөл солк. (2009)
Бас билээччилэрэ Саха сирин правительствота
Үлэhиттэрэ 2500
Уэбсайта www.albank.ru
Бэрдьэгистээххэ отделение

Алмаасэргиэнбаан Россия бааннарын, региональная бааннар ассоцияларын чилиэнэ, ММВБ биир атыы эргиэн чилиэнэ, VISA, MasterCard, JCB МИР диэн төлөбүр системаларын кыттыылааҕа.

Историята уларыт

Бастаан 1993 сыллахха Эргиэн диэн ааттаах арыллыбыта.
1994 сыллахха аатын Алмазэргиэнбааҥҥа уларыппыта. Араасыыйа бааннарын ассоциациятыгар киирбитэ.
1998 сыллахха Барабылыанньа бэрэсидээтэлинэн Николаев Айсен талыллыбыта.
2000 сыллахха Алмазнай палата чилиэнэ буолбута - ол аата алмаастары батарарга правовой, таможеннай, финансовай уонна информационнайкөмө буолар кыахтаммыта.
2001 сыллаахха Арассыыйа сыаналаах кумааҕылары атыылаһар уонна атыылыыр быраап ылбыта.
2003 үп-харчы өҥөлөрүн оҥорор Арассыыйа киин бааныттан лицензияны ылбыта
2006 сыллаахха Саха сиригэр судаарыстыбаттан ылар харчыны нэһилиэнньэҕэ тиэрдэргэ аһаҕас конкурска кыайбыта.
2011 сыллахха ил көмөтүн баан нөҥүө тиэрдэр буолбута.
2015 сыллаахха Эксперт рейтинговай агентствота А+ рейтиҥы иҥэрбитэ.
2016 сыллахха Арассыыйа киин баана Арассыыйа суолталаах бааннарын тиһилигэр киллэрбитэ. Дьокуускай куорат транспорын каартатын үлэҕэ киллэрбитэ.

Бас билэччи уларыт

Билигин акциялартан 69,9% Саха Сирэ бас билэр, 2,19 - Дьокуускай мериятыгар, 23,12% "Нижне-Ленскай" алмаас хостуур хампаанньаҕа, 3,21% - "Нижне-Ленское-Инвест" хампаанньаҕа.

Баан кэтээн көрөр салалтатын бэрэсэдээтэлинэн Саха Сирин Малын уонна сир сыһыаннаһыытын министерын солбуйааччыта Местников Сергей Васильевич тойонноон олорор.


Быһаарыылар уларыт