Вилли Смитс (нидерл. Willie (W.T.M.) Smits; төр. олунньу 22 күнэ 1957 сыл, Верт (ааҥл. Weurt), Гелдерланд, Нидерланды) — Нидерланды уонна Индонезия учуонайа, микробиолог, эколог, активист, уопсастыбаннай диэйэтэл, чунуобунньук, түмэт урбаанньыт уонна менеджер, ойуурдары харыстааччы уонна кыыллар бырааптарын араҥаччылааччы.

Вилли Смитс
Willie (W.T.M.) Smits
Үлэтэ:

түмэт урбаанньыт

Төрөөбүт күнэ:

22 олунньу 1957({{padleft:1957|4|0}}-{{padleft:2|2|0}}-{{padleft:22|2|0}}) (67 саастаах)

Гражданствота:

Нидерланды, Индонезия (2005 сылтан)

Дойдута:

Королевство Нидерландов уонна Индонезия

Ойоҕо:

индон. Syennie Watoelangkow

Биографията уларыт

Вилли Смитс 1957 сыллаахха олунньу 22 күнүгэр Вертегэ (ааҥл. Weurt) Гелдерланд провинцияҕа (илин Нидерланды) төрөөбүтэ.

1980 сыллаахха Калимантанҥа[1] бастакы сырыытыгар сылдьан индонезийка дьахтары ойох ылбыта[2] Халыып:Lang-id2[3].

1985 сылтан Индонезия Илиҥҥи Калимантан провинциятыгар Баликпапан аттынааҕы ойуурдары чинчийэр ыстаансыйаҕа үлэлээбитэ.

1989 сыллаахха ырыынак атыыһыттара бырахпыт орангутаан оҕотун булан, атаҕар туруорбута[1].

Ол кэннэ бу кыыллары көмүскүүр дьарыктаммыт[1].

1990-с сыллар саҕаланыыларыгар Tropenbos International пуонда уонна дойду тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ бииргэ оҥорбут бырайыактарын салайбыта.

 
Орангутанг Борнеоҕа

1991 сыллаахха Вилли Смитс Калимантанҥҥа (Борнео) «Орангутааннары быыһыыр пуонда»ны (ааҥл. Borneo Orangutan Survival Foundation, BOS) тэрийбитэ, хойут пуондата сүтэн эрэр кыыллары харыстыыр биир бөдөҥ тэрилтэ буолбут.

1994 сыллаахха ойуур хаһаайыстыбатын уонна кырыс буор үөрэҕин уобалаһыгар Нидерлаандылар Вагенинген үнүбүрсүтүөтүгэр дуоктар истиэпэнин ылбыта[4].

 
Паальма арыытын хомуйуу

2001 сыллаахха Томохоҥҥа (ааҥл. Tomohon) (Хотугу Сулавеси, Индонезия) Masarang (индон. Yayasan Masarang) пуонданы арыйбыт [2], пуонда түмэт урбаан бириинсиптэрин тутуһан Индонезияҕа социаальнай уонна экологиическэй кыһалҕалары быһаарар[2][5].

2007 сыллаахха тохсунньу 14 күнүгэр Индонезия бэрэсидьиэнэ Сусило Бамбанг Юдойоно Смтс пуондата туппут Масаранг (ааҥл. The Masarang Palm Sugar Factory) саахар собуотун арыйбыта[3], собуот оҥорон таһаарыыга экологияҕа сыһыаны тутуһар, тулалыыр айылҕаҕа эппиэттэхтик сыһыаннаһар[2][6][7][8].

Саахар собуотун бырайыага 6285 дьиэ кэргэни үлэнэн хааччыйар уонна 200 000 кв. м иэннээх ойууру харыстаабыт[9].

Masarang пуонда 2010 сыллаахха Нидерлаандыга (Masarang Internatiol Foundation) уонна Гонконгга (ааҥл. Masarang HK Society Limited) офистары арыйбыта[5].

Награадалара уонна премиялара уларыт

Вилли Смитс Satya Lencana Pembangunan Award (1998) бириэмийэнэн нагараадаламмыта; итини таһынан, Нидерлаандыга «хоруол лиэнтэтинэн» (нидерл. Koninklijke onderscheiding; рыцарь уордьана) (1995)[1].

2005 сыллаахха дойдутун иннигэр өҥөлөрүн иһин Индонезия гражданствотын ылбыт[1].

Быһаарыылар уларыт

  1. 1,0 1,1 1,2 1,3 1,4 The Flying Dutchman. Dr. Willie Smits, Founder of the BOS.(ааҥл.). schuetz-flechtwelten.de. Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 Chad Lipton. The Value of Sugar Palm in Indonesia(ааҥл.). National Geographic (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  3. 3,0 3,1 Presiden SBY Resmikan Pabrik Gula Aren Masarang(ааҥл.). tomohononline.com (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  4. Smits WTM, 1994, Dipterocarpaceae: mycorrhizae and regeneration. Thesis. Tropenbos Series No. 9. Backhuys Publishers. Lead.
  5. 5,0 5,1 Masarang Internatiol Foundation (annual report)(ааҥл.). Masarang Internatiol Foundation (2011). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  6. Kafil Yamin. INDONESIA: PALM SUGAR OFFERS SWEET HOPE FOR A FAR-FLUNG ISLE(ааҥл.). tmcnet.com (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  7. Kafil Yamin. INDONESIA: Palm Sugar Can Sweeten Economy and Environment(ааҥл.). IPS (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  8. Tapping the Left o ver Steam from Geothermal Power Plant for Environment and Sugar Palm Farmers in Tomohon and Its Surroundings(ааҥл.) (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.
  9. Programme three: World Challenge 2007 profiles two further initiatives in this year's global competition(ааҥл.). BBC (Халыып:TranslateDate/en). Тургутулунна 1 Ыам ыйын 2015.

Сигэлэр уларыт