Дунаай (рум. Dunăre, мадь. Duna, ниэм. Donau, хорв. Dunav, сиэрб. Дунав, Dunav, словакDunaj, болг. Дунав, укр. Дунай, лат. Danubius, Danuvius, был.-гириэк. Ίστρος) — Европа бөдөҥ өрүстэриттэн биирдэстэрэ, уһунунан Волгаттан иккис миэстэҕэ турар. Элбэх омук олорор сиринэн устар.

Саҕаланыыта уларыт

 
Брег уонна Бригах үрүччэлэр силбэһэр сирдэрэ

Германияҕа Шварцвальд хайаларыттан Донауэшинген таһыгар муора таһымыттан 678 м үрдүктээх сиргэ икки үрүйэ холбоһор сирдэригэр саҕаланар: Брег (уһуна 48 км) уонна Бригах (уһуна 43 км). Олохтоох заамокка Дунаай мантан саҕаланар диэн суруктаах үрүччэни көрдөрөллөр.

Дунаай сир аннынан устуута уларыт

Иммендинген таһыгар, саҕаламмыт сириттэн отучча килэмиэтирдээх сиргэ Дунаай сир анныгар сүтэр, уутун улахан аҥаара испиэскэ боруодалар быыстарынан сүүрүгүрдэр.

Онтон 12 км соҕуруу Германия саамай бөдөҥ дьүүктэтэ сир анныттан тахсар. Ол дьүүктэ сөкүүндэҕэ 25 тонна ууну таһаарар эбит. Бу дьүүктэттэн А-ах диэн Боден күөлүгэр түһэр өрүс саҕаланар (бу күөлтэн Рейн өрүс тахсар).