Дьай диэн өй-санаа хамсааһына, уларыйыыта, туох эмэ дьайыы үөскээһинигэр тириэрдиитэ ааттанар.

Билигин өй-санаа үөрэхтэрэ сайдан истэхтэрин аайы санаа киһиэхэ дьайар күүһүн дьон итэҕэйэн иһэллэр. «Коллективное бессознательное» диэн З. Зигмунд Фрейд элбэх өй-санаа мунньустуута баарын дакаастаабытын кэнниттэн сахалар Үөһээ дойду диэн өйдөбүллэрэ олус былыргы кэмнэртэн ыла баарын уонна ойууннар Үөһээ дойдуга кыыран тиийэн инникини билгэлээн билэллэрин ордук итэҕэйэҕин, кырдьык эбит диэн билинэҕин. Өй-санаа, айыылар мунньустар дойдуларынан Үөһээ дойду буоларын сахалар былыр-былыргыттан билэллэр, ойууннар көмөлөрүнэн инникини билгэлээн олоххо туһаналлар этэ. Бу мунньустар айыыларбыт үчүгэй, үрүҥ эбэтэр куһаҕан, хара диэн икки аҥы арахсаллар, үчүгэй, үрүҥ айыылары олоххо туһаныллар, онтон хара, куһаҕан айыылары умнуллар.

Саха тылыгар олус элбэх суолталаах былыргы, төрүт, өйү-санааны быһаарар тыллар элбэхтэр. Бу тыллар киһи өйүгэр-санаатыгар дьайыылара «Туох барыта икки өрүттээҕин» курдук эмиэ икки утарыта өрүттээхтэр.

Ханнык эрэ санаа киһиэхэ биллибэтинэн киирэн киһи санаатын соһуччу уларытарын сахалыы дьайыы диэн ааттанар. «Саха тылын быһаарыылаах кылгас тылдьытыгар» дьай диэн тыл суолталара маннык бэриллэллэр:

- Дьай диэн урукку өйдөбүлүнэн таһыттан сыстар айыылаах-харалаах кир, быртах, туох эмэ куһаҕан тыын сабыдыала.

- Кирдээх, түктэри үгэс, идэ; дьаллык.

- Хара баттал, кыһалҕа.

- Сабыдыаллаа, туох эмэ содуллаах буол.

- Оҥор, ай, үлэлээ.

Бу быһаарыыларга дьай төһө да куһаҕан өттө баһыйбытын иһин үчүгэйи оҥоруу өттө оҥор, ай, үлэлээ диэн суолталарынан толору бэриллэр.

Дьай өй-санаа хамсааһынын биллэрэр. Дьай ордук өйгө-санааҕа сыһыаннаах, быһаччы баара биллибэт буоллаҕына, илэтигэр оҥоруллан тахсарын бэлиэтээн онно «ыы» диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллэр. Дьай оччоҕуна дьайыыга кубулуйдаҕына тугу эмэ уларытар, хамсатар кыахтанарын тэҥэ, куһаҕан өттө улаатан биэрэр.

Киһи санаата хайа эрэ диэки салаллыыта, хайысхаланыыта дьай, онтон өйүгэр-санаатыгар уларыйыыны киллэриитэ дьайыы диэн ааттанар. Дьайыы диэн тыл «ыы» диэн ытааһын дорҕоонунан бүтүүтэ бу дьайыы куһаҕан өрүтэ элбэх буолуон сөбүн биллэрэр.

Дьайыы хайдах тиийэрэ ситэ биллибэтинэн таба быһаарарга улахан уустуктары үөскэтэр. Атын киһи санаата анараа киһиэхэ бэйэтин быһаарыыларын быһаччы соҥнуон, тылынан этиэн сөп. «Бу үчүгэй» диэн быһаарыыны уларытан «Ханнык эмэ» диэҥҥэ тириэртэххэ балаһыанньа улаханнык, төттөрү өттүгэр да уларыйар кыахтанар.

«Туох барыта икки өрүттээх» диэн сахалар этиилэрэ дьайыы хайысхата үчүгэйдээҕин уонна куһаҕаннааҕын быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэр.

Санаа күүһэ киһиэхэ ханнык эрэ хайысхалаах; үчүгэй дуу, куһаҕан дуу дьайыыны үөскэтэрин билигин билинэн эрэллэр. «Киһини санаата салайар» диэн сахалар этиилэрин дьон бары таба өйдөөн олохторугар туһаналлара үчүгэй санаалара эбиллиилэрин үөскэтэн үчүгэй быһыылар элбээһиннэригэр быһаччы тириэрдэр кыахтаах.

Түүл киһиэхэ дьайыыта олус күүстээх. Хаһан да умнуллубат, дьөлө хатанар иччилээх түүллэр куруук бааллар. Санаа киһиэхэ түүл буолан киирэн киһи санаатын уларытыан сөбө итинник быһаарыллар.

Үчүгэй эйгэ, тулалааһын үчүгэйинэн дьайар. Бу дьайыы күүһүттэн киһи үчүгэйи үтүктэн, үчүгэй санааланан үчүгэйи оҥорорго үөрэнэр, олору оҥороро элбиэн сөп. Бу утарытынан куһаҕан сабыдыалга киирэн биэрэн куһаҕаны оҥоруохха сөп.

Дьай дьайыыга кубулуйбута ханнык эрэ хамсааһыны оҥордоҕуна, өйү-санааны уларыттаҕына биллэр. Санаа хайа эрэ диэки хайысхаланан, баттааһыны оҥоруута дьайыы диэн ааттанар. Ким эрэ болҕомтотун ууран көрөрүн киһи кэнниттэн да билэн эмискэ эргиллэн көрүөн сөп.

Киһиэхэ араас санаалара элбэхтэр. Өр кэмҥэ саныы сылдьар санааларын куруук баалларын курдук, олохсуйбут санааларым дии саныыр. Ол санаалартан уратыларын, быстах, соһуччу киирэн кэлэр уонна оннук быһыылары оҥоро охсорго тириэрдэр санааны дьай диэн ааттанар. Дьай диэн быстах, ситэ ырытыллыбатах, быһаарыллыбатах быһыыны оҥорууга тириэрдэр соһуччу киирэр санаа буолар.

Бу санаа баар буолбута соһуччута бэрдиттэн киһи хантан эрэ кэлэн киирэрин курдук санааҕа ылларар. Санаа уларыйара түргэнин ааҕыстахха киһи бэйэтин быстах санаалара эмиэ буолуохтарын сөп. Субу оҥорор быһыытын ситэ-хото сыаналаабакка, ырыта, быһаара барбакка эрэ оҥоро охсорго үөрэммит киһи бу санаа хантан кэлбитин кыайан быһаарбатыгар эмиэ сөп.

Быстах санаалаах киһи диэн быстах, ситэ ырыппакка, сыаналаабакка эрэ оҥоро охсор киһини этэллэр. Быстах санаалаах киһи дьайга киирэн биэрэр кыаҕа улахан. Күүстээх санаалаах киһи быстах санаалаах киһиэхэ өй уган, дьайыыны оҥорор кыахтааҕын сахалар билэллэр.

Дьай үчүгэй буолуон эмиэ сөп. Быстах, соһуччу киирэн кэлэр санаа биирдэ эмэтэ да буоллар табыллан, олоххо туһалаах буолан хаалара дьай аҥардастыы куһаҕан диэн этии сыыһатын быһаарар.

Куһаҕан быһыыны киһи элбэхтик сыыһа-халты туттунан соһуччу оҥороро ханнык эрэ күүстэр, дьай киирэн оҥоттороллорун курдук санааҕа киллэриэн сөп. Киһи бэйэтэ туруктаах өйө-санаата суоҕуттан быстах санааҕа киирэн биэрэр уратытын сахалар былыр үйэҕэ быһааран билэннэр «Санаабычча быһыылаах» диэн быстах быһыыны оҥорон иһэр киһини этэллэр.

Дьай ордук киһи санаатыгар сыһыаннаах буоллаҕына сабыдыал киһи оҥорор быһыытыгар ордук чугас. Сабыдыалтан киһи оҥорор быһыылара быһаччы уларыйаллар.

Куһаҕан сабыдыал куһаҕаны үтүктүүттэн, куһаҕан санаалары иҥэринииттэн үөскүүр. «Куһаҕаны үтүктүмэ» диэн куһаҕан сабыдыалга киирэн биэримэ диэн үөрэтии төрүтэ буолар. «С кем поведешься, что и пожнешь» диэн этии бу сабыдыал суолтатын быһаарар.

Ханнык баҕарар хамсааһын икки өрүттээх. Сабыдыал эмиэ дьай курдук үчүгэйдээх уонна куһаҕаннаах. Үчүгэй сабыдыал диэн үчүгэй санаалары үөскэтэр быһыы. Спорт үчүгэй сабыдыаллааҕын бары билэллэр.

Араас дьайыыларга, сабыдыалларга киирэн биэрбэт туһугар киһи майгына кытаанах, чиҥ буолара эрэйиллэр. Чэпчэки майгылаах киһи араас дьайга, сабыдыалга киирэн биэрэрэ элбиириттэн майгынын дьарыктаан, кытаатыннаран биэриэ, «Саха өһөс, онтон оҕото өссө өһөс» диэн өс хоһоонун тутуһуо этэ.

Саха дьоно өй-санаа уратыларын, уларыйарын, киһиэхэ биллибэтинэн дьайар күүстээҕин арааран билэннэр тылларыгар былыр үйэҕэ киллэрбиттэр. Хас биирдии тылларбытыгар дорҕооннорун дьайыыларыгар сөп түбэһэр өй-санаа иҥэн сылдьарыттан тылбыт олус күүһүрэр, иччилэнэр.

Саха тылыгар “дьа” диэн тыл өйү-санааны кытта тутулуга олус улахан. Уратытык «дьэ» диэн эмиэ этиллиэн сөп. Бу «дьа» диэн тыл өй-санаа баарын, мунньуллубутун биллэрэр. Бу дорҕоонтон дьай, дьаҥ, дьабын, дьабака, дьаҕыл, дьалыҥ, дьахтар, дьадаҥы, дьааһыйыы диэн өй-санаа баарын уонна уратыларын быһаарар тыллар үөскүүллэр.

Санаа туохтан да иҥнибэт, хааттарбат, ханна баҕарар тиийэр. Санаа атын киһиэхэ тиийэн тугунан эмэ биллиитэ дьай диэн ааттанар. Дьа диэҥҥэ “ый” диэн хамсааһыны, уларыйыыны биллэрэр дорҕоон эбиллиититтэн дьай үөскүүр. Дьай киһиэхэ тиийэн өйүн-санаатын уларытыыта дьайыы буолан тахсар. “Ыы” диэн ытааһын сыһыарыыта эбиллиитэ куһаҕан өттө элбээбитин биллэрэр. Тымныы киһиэхэ тиийиитэ этэ-сиинэ тымныйан, дьагдьайан ылыытынан биллэр буоллаҕына, санаа итиннэ маарынныырдык туһааннаах сиринэн тымныйан ылыынан дьайыыта биллэр.

“Эмискэ дьагдьайан ылбытым” диэн этии ханнык эрэ биллибэт күүс эт-сиин быыһынан киирэн дьайыытын биллэрэрин бэлиэтэ. Ханан эрэ эмискэ тымныйан ылыы эмиэ ханнык эрэ дьайыы буолбутун биллэрэр.

Дьай диэн биир эрэ сүһүөхтээх, олус былыргы кэмҥэ үөскээбит тыл. Дьай киһиэхэ дьайыыта дьагдьайыынан, эмискэ тымныйан ылыынан биллэрэ аатыгар ордук сөп түбэһэр. Бу быһаарыы саха тыла хаһан үөскүөҕүттэн ыла өйтөн-санааттан тутулуктанан үөскээбитин биллэрэр.

Дьаҥ диэн быстахтык киирэн ааһар ыарыылар киһи санаатыттан ордук улахан тутулуктаахтарын биллэрэр олус былыргы тыл буолар. Үгүс ыарыылар эти-сиини хамсатар өйтөн-санааттан, буор куттан тутулуктаахтарын кут-сүр үөрэҕэ бигэргэтэр. Дьаба диэн туох эрэ биллэр кыйыалаах буоллаҕына этэллэр. «Дьа» уонна баар диэн тыллар холбоспуттарыттан үөскээбит тыл. «Дьа» ханна баарын, мунньуллубутун биллэрэр. Дьабаҕа өй-санаа, буор кут, эт-сиин хамсыыр дьоҕура, кыаҕа мунньустар. Дьабалдьы диэн айахпыт кыйыатын ааттыыбыт.

Дьабын диэн ойууннар, удаҕаннар сиртэн, Орто дойдуттан букатын бардахтарына өйдөрө-санаалара тиийэн сылдьар сирдэрэ ааттанар. Бу этэ-сиинэ суох сылдьыллар, аҥардастыы өй-санаа мунньустар дойдута. Ойуун, удаҕан өйө-санаата ол дойдуттан дьайарын биллэрэн итинник ааттаабыттар. Олус былыргы кэмнэргэ бу дьон өйдөрө-санаалара атыттартан туспа, ыраах сылдьалларын бэлиэтээн ааттаабыт буолуохтарын сөп.

Дьалыҥ диэн өйү-санааны күүркэтэн, күүһүрдэн биэрии аата. «Дьа» ылыыта диэн ааттанар. Былыргы сахалар дьахталлар ууһуур кыахтарын улаатыннарыыга анаан-минээн ойууну кыырдан туһаналлара биллэр.

Дьахтар диэн тылбыт «дьа» уонна ахтар диэн тыллар холбостуттарыттан үөскээбит. Ахта диэн бары билэр миэстэбитигэр ханнык эрэ улахан өй-санаа мунньустуута баарын биллэрэн итинник ааттаммыт.

Дьадаҥы диэн өй-санаа уратытын, туохха да эппиэтинэһэ, эбээһинэһэ суох сыһыаннаһыыны, бытаан, сыылба, кыайан хамсаммат буолууну бэлиэтиир тыл. «Дьа» уонна даҥ диэн тыллартан үөскээбит. Туох да баайа-мала суох буолуу, бу ураты аһара барарыгар тириэрдэн эппит тылы букатын толорбот буолууну, сымыйалааһыны, хаһан да туолбат ыра санааланыыны үөскэтэрин “даҥ” диэн тылбыт биллэрэр.

Дьалаҕай киһи диэн эттэхтэринэ өйө-санаата туруга суоҕуттан, тугу да аахайбатыттан сыыһа-халты туттунуон, тута-бааччы умнуон сөптөөх киһи буолар. Туруга суох өйү-санааны биллэрэр.

Дьаллык диэн киһи оҥорор быһыыларыгар сөп түбэспэт, түргэнник оҥоруллар куһаҕан быһыылары ааттыыбыт. Оҥорор быһыыларын ситэ сыаналаабакка, ханнык эрэ куһаҕан сабыдыалга киирэ охсон биэрии дьаллыкка ылларыы диэн ааттанар.

Дьаллай диэн туох эрэ олус кэҥээһинэ, улаатыыта ааттанар. «Дьа» уонна аллай диэн тыллар холбоһоннор «дьа» улааппытын, кэҥээбитин, аллайбытын биллэрэллэр.

Дьааһыйыы диэн киһи өйө-санаата сылайдаҕына, салтаҕына оҥорор ураты хамсаныыта буолар. Дьааһыйыы сыстыганнаах диэн этэллэр. Ким эрэ дьааһыйдаҕына атыттар эмиэ дьааһыйан барыахтарын сөп. Былыргы ойууннар дьааһыйыыны турукка киириилэригэр элбэхтик туһаналлар эбит.

Былыргы саха тыла саҥа үөскүүр кэмигэр өй-санаа эмиэ тэҥҥэ сайдан испитин бэлиэтинэн дьай диэн тылбыт буолар. Ойууннар көннөрү киһи билбэтинэн оҥоруллар быһыылар, уларыйыылар үгүстүк куһаҕан өрүттээх буолан тахсалларын быһааран, “ыы” диэн ытааһын сыһыарыытын эбэн дьайыы диэн ааттаабыттар. Оччотооҕу кэмнэргэ киһиэхэ биллибэтинэн, бэйэтэ билбэтинэн дьайыыны атын киһи санаата эбэтэр атыттарга бэйэтин санаата оҥорор кыахтааҕын арааран билбиттэр. Киһи санаата оҥорор кыаҕын, күүһүн арааран билэр кыахтаах буоланнар дьайыы оҥорулларын, уларыйыылары оҥорорун быһааран тылларыгар киллэрбиттэр.

Дьайыы хайдаҕын быһаарарга үчүгэйи уонна куһаҕаны араарыыны билии эрэ туһалыыр. «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга сөп түбэһэн дьайыы эмиэ икки өрүттээх:

1. Үчүгэй дьайыы. Бу дьайыы үчүгэй санааланыыга тириэрдэн, үчүгэйи оҥоруу элбээһинин үөскэтиэн сөп.

2. Куһаҕан дьайыы. Киһини куһаҕан санааланыыга тириэртэҕинэ, куһаҕан быһыылары оҥороругар күһэйиэн сөп.

Санаа атын киһиэхэ биллиитэ дьайыы диэн ааттанар. Санаа киһи баһын иһигэр сылдьарынан үчүгэйэ эбэтэр куһаҕана кыайан араарыллыбат. Дьай киһиэхэ тугунан эмэ биллиитэ, санаатын уларытыыта эбэтэр тугу эмэ оҥотторуута дьайыы диэн ааттанар, киһи оҥорор быһыытыгар кубулуйар. Бу тыл бүтүүтэ хоһуласпыт “ыы” дорҕооннооҕо куһаҕан өттө элбээн тахсарын биллэрэр. Дьайыы аһара кылгас кэмҥэ дьайарыттан, киирэриттэн киһини сыыһа-халты тутуннарара элбиирин былыргылар быһаараннар “ыы” диэн ытааһыны биллэрэр дорҕооннообуттар.

Туох эмэ суолталаах быһаарыыны ылынарга сахаларга “Хонон туран баран быһаарынаар” диэн этии баар. Бу этии дириҥ суолтатынан киһи утуйа сытан араас санаалар дьайыыларыгар түбэһэрин уонна ол санаалар кини быһаарыыны табатык ылынарыгар көмөлөһөллөрүн биллэрэр. Быһаарыыны ылынар кэмҥэ түһэммит түүллэр ордук дириҥ суолталаналлар.

Түүлгэ хаар маҕан баттахтаах кырдьаҕас оһох холумнаныгар турар кыра оҕону саҥарда үөрэтэр уонна этэр: “Оҕону саҥа саҥаран эрдэҕиттэн сахалыы үөрэтиллэр”, -диир. Оҕо кыра, саҥа саҥаран эрдэҕиттэн сахалыы саҥаран ийэтин - ийэ диэн, аҕатын - аҕа диэн ааттыы үөрэннэҕинэ, өйө-санаатын сайдыыта туруктаах буолара, төрөппүттэрин ытыктыыра, этэр тылларын истэрэ улаатарын төрөппүттэр билиэ этилэр.

Көннөрү киһи билбэтинэн уларыйыы, кубулуйуу дьайыы диэн ааттанар. Киһиэхэ биллэр дьайыыны түүлү көрүү үөскэтэр. Хаһан да умнуллубат, дьөлө хатанар иччилээх түүллэр киһи санаатын уларытар кыахтара улахан. Үчүгэй түүл дьайыыта киһи санаатын ураты күүскэ көтөҕүөн сөбүн тэҥэ, куһаҕан түүл санааны хам баттыыр күүстэнэр.

Дьай тугунан эмэ билиннэҕинэ, киһиэхэ тиийдэҕинэ саныыр санаатын уларытыыта дьайыы диэн ааттанар. Дьайыы диэн көннөрү киһиэхэ биллибэтинэн тугу эмэ оҥоруу, оҥотторуу ааттанар. Дьайыы киирбитин киһи бэйэтэ урут хаһан да санаабатах санаата киирэн хаалбытыттан арааран билиэн сөп. “Түһээн да баттаппатах” диэн этии ханнык да дьайыы суоҕун биллэрэр.

Дьайыы үгүстүк куһаҕан сабыдыаллаах буоларынан куһаҕан курдук ааттаннар даҕаны «Туох барыта икки өрүттээх» диэн быһаарыыга эмиэ сөп түбэһэр. Үчүгэйинэн дьайыы дьоҥҥо ордук элбэх уонна туһалаах дьыалалары үгүстүк оҥорторор. Үчүгэй санаа киирдэҕинэ куһаҕан майгы көнөн, тупсан барыан эмиэ сөп. Үчүгэйи үтүгүннэҕинэ, үчүгэй быһыы дьайыытыттан киһи үчүгэй быһыылары оҥороро элбиир.

Дьайыы олус түргэнник дьайарыттан, тарҕанарыттан, табан сыаналыыр уустугуттан, тиэтэйииттэн төһө да туһалаах буолбутун иһин, сыыһа-халты туттунууну элбэтэринэн киһи быһыылаах дьон сөбүлээбэттэр.

Дьай диэн санаа буолан олус түргэнник тиийэриттэн киһини сыыһа-халты тутуннарар кыаҕа аһара улахан. Дьайыы диэн тылбыт “ыы” диэн ытааһын дорҕоонноох уонна быстах быһыыны үөскэтэрэ элбэх. Араас дьайыылартан дьон сэрэнэ, харыстана сылдьаллара, оҥорор быһыыларын тиэтэйбэккэ, ыксаабакка сыаналыыллара, үчүгэйи уонна куһаҕаны арааран билэллэрэ, олохторугар таба туһаналлара эрэйиллэр. Оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кутун иитии олус улахан суолталанар, үчүгэй үгэстэри иҥэрэн биэрии үчүгэй, киһи быһыылаах буоларыгар тириэрдэр. Киһи ханнык баҕарар быһыыны оҥороругар ийэ кутугар иҥэн сылдьар үгэһигэр тэҥнээн көрөн баран биирдэ оҥорор. Ийэ кутугар үчүгэй быһыылары оҥорор, куһаҕаны оҥорбот туһунан үгэстэр иҥэн сылдьар буоллахтарына, киһи үчүгэй диир быһыыларын оҥороро элбиир, куһаҕаны оҥороро аҕыйыыр.

Араас элбэх дьайыыларга, быстах быһыыларга киирэн биэрбэт буолууну оҕо кыра эрдэҕинэ ийэ кута үчүгэй быһыыларга иитиллиитэ быһаарар оруола улаханын төрөппүттэр туһаныа этилэр. (1,102).

Туһаныллыбыт литература. уларыт

1. Каженкин И.И. Күн таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор, 2016. - 148 с.