Карачай-Черкесия

Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтэ
Карачаево-Черкесская Республика
Къарачай-Черкес Республика
Къэрэшей-Шэрджэс Республикэ


Флаг КЧР Герб КЧР
Карачай-Черкесия былааҕа Карачай-Черкесия дьаралыга
Map of Russia - Karachay-Cherkess Republic (2008-03).svg
Киинэ Черкесск
Иэнэ 14 300 км²
Дьонун ахсаана 434 500 к. (2005)
Федеральнай уокуруга Соҕуруу
Экономическай оройуона Хоту Хапхаас
Ил тыла абазин, карачай, ногай, нуучча уонна черкес
Президент Борис Эбзеев
Дьаhалта салайааччыта Владимир Кайшев
Кэм зоната MSK (UTC+3, сайын UTC+4)

Карачай-Черкес Өрөспүүбүлүкэтэ (Нууччалыы: Карачаево-Черкесская Республика; Кабарда-Черкестыы: Къэрэшей-Шэрджэс Республикэ; Карачай-Балкардыы: Къарачай-Черкес Республика) диэн Арассыыйа Федерациятын субъега. Киин куората Черкесск.

Тохсунньу 12 1922 тэриллибитэ.

ГеографиятаПравить

ӨрүстэрПравить

Республика сиригэр 172 өрүс баар. Сүрүн өрүстэрэ:

КүөллэрПравить

Республикаҕа 130 кэриҥэ күөл баар.

ХайаларПравить


Республика сирин улахан өттө хайалаах (сирин ~80%). Эуропа ордук үрдүк хайата Эльбрус, Кабардино-Балкария кыраньыыссатыгар баар.

Сир баайдараПравить

Карачай-Черкесия сирин баайдара: кыһыл көмүс, чох, туой уо.д.а.

КлиматаПравить

  • Тохсунньу орто температурата: -3.2 °C
  • От ыйын орто температурата: +20.6 °C
  • Сыллааҕы сөҥүү орто таhыма: 550 мм (сыhыыларга), 2500 (хайаларга)

Дьоно уонна омуктараПравить

Карачай-Черкесия элбэх омуктардаах республика: кини сиригэр 80 тахса омук олорор. Дьонун бүтүн ахсаана 434,5 тыh. к. (2005). Дьон чиҥэ — 30,8 к./км² (2005), куорат олохтоохторо — 44,1 % (2005).

Омук Ахсаана 2002,
тыh. киhи (*)
Карачайдар 169,2 (38,5 %)
Нууччалар 145,4 (33,5 %)
Адыгтар (Черкестар) 49,6 (11,3 %)
Абазиннар 32,3 (7,4 %)
Ногайдар 14,9 (3,4 %)
Осетиннар 3,3
Украиннар 3,3
Эрмээннэр 3,2
Казактар 2,5 (0,6 %)
Татаардар 2,0
Чеченнар 1,8
Гректар 1,3
Азербайдьаннар 1,0

Олохтоох пууннарПравить

5 тыh. тахса олохтоохтордоох пууннар
Тохсунньу 1 2008 туругунан
Черкесск 116,3 Теберда 7,4
Усть-Джегута 30,1 Псыж 6,8 (2002)
Зеленчукская 21,0 (2002) Преградная 6,6 (2002)
Карачаевск 20,0 Терезе 6,3 (2002)
Учкекен 15,1 (2002) Хабез 5,8 (2002)
Сторожевая 8,0 (2002) Первомайское 5,3 (2002)
Кардоникская 7,8 (2002) Али-Бердуковский 5,1 (2002)

Администрациянан араарыытаПравить

Республика 10 муниципальнай оройуоҥҥа арахсар, олорго 144 олохтоох пуун баар, олортон — 4 куорат: Черкесск, Карачаевск, Усть-Джегута уонна Теберда.

Оройуон Дьон ахсаана, к.
Тохсунньу 1 2007
Абазин оройуона 13 835
Адыг-Хабльскай оройуона 26 223
Зеленчук оройуона 50 493
Карачай оройуона 24 693
Малокарачаевскай оройуона 39 787
Ногай оройуона ???
Прикубанскай оройуона 27 654
Уруп оройуона 17 858
Усть-Джегута оройуона 48 927
Хабез оройуона 28 118

ЭкономикатаПравить

Индустрия күүстэрэ үксэ республика киин куоратыгар Черкесскайга бааллар. Сайдыылаах салаалара химия, мас уонна ас оҥоруулара.