Саҥа таҥара дьон өйө-санаата сайдыытыттан, уларыйыытыттан, тупсуутуттан, саҥа баҕа санаа үөскээһиниттэн сайдан тахсар.

Билигин үөрэх-билии, наука сайдан иһэринэн былыргы үйэлэргэ хас да сыл устата эргийэ устар сирбит саара ракетанан чаас аҥара эрэ эргийэ көтүллэр кыра төгүрүккэ кубулуйда. Дьон-аймах саҥаттан саҥаны айан, айыыны оҥорон олоххо киллэрэн истэхтэрин аайы айылҕаны буорту оҥороллоро улаатан, кэҥээн иһэрин таба өйдөөн, аһара барар өйдөрүн-санааларын хааччахтыыллар, “Айыыны оҥорума” диэн үөрэҕи оҕону кыра эрдэҕиттэн иитиигэ туһаналлар.

Өй-санаа хааччахтаннаҕына, аһара барбатаҕына эрэ айылҕаны харыстыыр кыахтанар. Аһара баран саҥаттан-саҥаны арыйан, ол-бу, буолар-буолбат айыыны оҥорон иһэр өй-санаа айылҕаны алдьатара, буорту оҥороро улаатан, кэҥээн иһэр. Саҥаттан-саҥаны, үчүгэйтэн үчүгэйи эккирэтии, бииртэн бииргэ солумсаҕырыы барыта, айылҕаҕа буортуну оҥорууну элбэтэр.

Айылҕа сирин баайын саппааһа, күөх үүнээйилэрэ, тииттэрэ уонна тыынар-тыыннаахтара аҕыйаан иһэллэр. Ол иһин харыстыыр санаа ордук элбээтэҕинэ, сир баайын хостуу охсоору күөх үүнээйилэри алдьатыы, суох оҥоруу тохтоотоҕуна, чөлүгэр түһэрии үлэлэрэ ыытылыннахтарына эрэ, айылҕа уларыйыыта бытаарарыттан, уһуннук биир тэҥник турарын ситиһии кыаллар.

СахаларКиһи - Айылҕа оҕото” диэн билиниилэрэ, бэйэлэрин айылҕа оҕотунан ааттаныылара киһи айылҕаттан тутулугун таба сыаналыыр, кыратын, оҕотун билинэн айылҕаны харыстыыр, көмүскүүр санаатын улаатыннарар. Оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕаны, тугу барытын харыстыыр, көмүскүүр өйгө-санааҕа иитиигэ аналлаах “Харыстас” таҥара үөрэҕэ туһата улаатар, сахалары биир санааланыыга тириэрдэр.

Билигин айылҕаны харыстыыр санаабытын бары түмэн «Харыстас» таҥараны үөскэтэбит. Биһиги айылҕаны харыстыыр “Харыстас” таҥарабытыгар дьон-аймах барылара кыттыһаллар, айылҕаны, кыыллары, көтөрдөрү харыстааһыҥҥа биир санааланыыларыттан “Харыстас” таҥара сир үрдүгэр тэнийэн, тарҕанан барар.

Үөрэх-билии, аныгы тиэхиникэ сайдан дьон бары айылҕа уларыйан иһиитин куруук кэтээн көрөр кыахтаахтар. Айылҕа уларыйыылара күүһүрэн иһэллэриттэн харыстыыр санаа Аан дойду дьонугар барыларыгар тарҕанар кыаҕа улаатан иһэр.

“Кэриэстэс” диэн сахалар өлбүт киһини ахтар, саныыр, кини кэриэс этиитин толорор итэҕэллэриттэн үөскээн, тэнийэн тахсыбыт Христос таҥара билигин киэҥник тарҕанна. Ол да буоллар христианскай итэҕэл туох сабыдыалтан, хамсааһынтан үөскээбитин өссө билинэ илик. “Кэриэстээ” диэн сахалыы тылга «с» диэн тарҕаныы, ыһыы дорҕооно эбиллиитэ “Кэриэстэс” диэн элбэх киһиэхэ аналлаах ыҥырыыны үөскэтэрэ киэҥ сирдэргэ хунн омуктар көмөлөрүнэн тарҕанан Христос таҥара аатыгар кубулуйбута чахчы.

Саҥа үөскүүр айылҕаны көмүскүүргэ, харыстыырга аналлаах таҥара аатын талан ылыы улахан оруоллаах. Билигин айылҕа алдьанан, үрэллэн, кыыллара, көтөрдөрө, үүнээйитэ аҕыйаан эрдэҕинэ айылҕаны харыстааһын маҥнайгы күөҥҥэ тахсан иһэринэн «Харыстас» таҥара үөрэҕэ сайдар.

“Харыстаа” диэн тыл биир киһиэхэ аналлаах, үтүөҕэ баҕарар ыҥырыы буоллаҕына, «с» диэн ыһар, тарҕатар дорҕоон эбиллиитэ харыстааһын элбэх киһиэхэ, дьоҥҥо барыларыгар дьайыытын, тарҕаныытын үөскэтэр. Ол иһин дьон бары тутуһар, харыстыыр баҕа санаалара «Харыстас» таҥара диэн ааттанара оруннаах, сыалыгар-соругар сөп түбэһэр.

Киһиэхэ үчүгэйгэ ыҥырар баҕа санаата олус элбэхтэ хатыланан үгэс буола кубулуйдаҕына таҥараны үөскэтэр. Санаа, үгэскэ кубулуйан дьону инники диэки, сайдыы диэки ыҥырар, угуйар кыаҕа таҥараҕа кубулуйдаҕына ордук улаатар.

Олох сайдан, улахан тиэхиникэлэр оҥоруллан истэхтэринэ айылҕаҕа уларыйыылар үөскүүллэрэ эбиллэр. Билигин айылҕаҕа үөскээн, тэнийэн иһэр сылыйыы сыыйа-баайа улахан уларыйыылары киллэрэн эрэрэ дьоҥҥо барыларыгар биллэр буолла. Хоту уонна Соҕуруу полюстарга мунньуллубут муустар ириилэриттэн сир үрдүгэр уу элбээһинэ бэлиэтэнэр. (1,43).

Былыргы дьыллар мындааларыттан дьон-аймах ууһаан олорбут сирдэрэ билигин улахан кумах куйаардарга кубулуйан сыталлар. Ол курдук дьон сир баайын тоҕо хаһан хостоорулар үүнээйи үүнэр кырыһын суох оҥороллоруттан олорор сирдэрин хас эмэ үйэлэринэн туох да үүммэт кумах куйаардарыгар кубулуталлар.

Саха дьоно айылҕаны харыстыыр санаалара атын омуктардааҕар быдан күүстээх. Чөл туруктаах, айылҕата алдьана илик олорор сирдээх дьон биһиги эрэ хааллыбыт.

Биһиги, сахалар хас биирдии аан дойду киһитигэр «Харыстас» таҥараҕа кыттыс диэн ыҥырыы оҥорор толору кыахтаахпыт. Биһиги айылҕаны харыстыырбытыгар кыттыс, «Кэл, биһигини кытта харыстас», -диэн ыҥырыы, киһиэхэ харыстыыр үтүө санааны уһугуннарыы, ону иитиэхтээһин, үгэскэ кубулутуу буолар. Бу тыл бүтүүтүн «с» дорҕооно харыстыыры ыһар, киэҥ сирдэргэ тарҕатар үтүө өйдөбүллээх. Таҥара итэҕэлэ үөскээһинигэр бу тылбыт сүрүн оруолу ылар кыахтаах.

Айылҕаны, кыыллары-сүөллэри барыларын аны харыстааһын эрэ тэнийдэҕинэ, сиргэ олох уһууругар тириэрдэр кыахтааҕын дьон билэн эрэллэр. Дьон айылҕаны харыстаатахтарына эрэ уһуннук уларыйбакка эрэ туруон сөбүн билигин билэн, харыстыыр санаалара уһугунна уонна сайдан, тарҕанан эрэр. 450 төбө эрэ хаалбыт уссурийскай тиигири, кыталыгы хайдах харыстыыр туһунан үөрэппиттэрэ син ыраатта.

Аан дойду дьонун барыларын түмэр “Харыстас” таҥараны биһиги сахалар үөскэтэбит, сирбитин-дойдубутун харыстыырбыт күүһүрэр. Харыстыыр санаабыт күүһүрүүтэ өйбүт-санаабыт сайдыыта инники диэки барарын үөскэтэр. Билигин айылҕа уларыйыылара дириҥээн иһэллэрин аан дойду хас биирдии олохтооҕо билэр буолбута “Харыстас” таҥара үөрэҕэ киэҥник тарҕаныытыгар тириэрдэр.

Дьон-аймах өйө-санаата аныгы “Харыстас” таҥара үөрэҕин тутуһан сайыннаҕына сир үрдүгэр олохпут салҕанар, уһун үйэлэнэр кыаҕа улаатар. Олох бары өрүттэригэр харыстыыр санаа улааттаҕына, харыстааһын күүһүрдэҕинэ сиргэ олох уһуура ситиһиллэр.

Таҥара диэн элбэх дьоҥҥо туһалаах, инники диэки ыҥырар үтүө баҕа санаа үгэс буоллаҕына, оннук өйү-санааны дьоҥҥо тарҕатар таҥара үөрэҕэ сайдар, чэчириир, тарҕанар.

Айылҕаны харыстас диэн ыҥырыы, «Харыстас» таҥараны үөскэтэр. Аан дойду үрдүнэн айылҕаны харыстыыр тэрилтэлэр элбэхтэр. Олор бары сахалар кут-сүр үөрэхтэрин, алгыстарын туһанан дьарыктаныылара биһиги итэҕэлбит киэҥник тарҕанарыгар тириэрдэр.

Кут-сүр үөрэҕэ «Туох барыта иччилээх» диэн быһаарар. От-мас, кыыллар, көтөрдөр, дьон иччилэрэ бары көннөрү киһиэхэ көстүбэккэ эрэ сиргэ-дойдуга эмиэ сылдьаллар. Бу сахалар үөрэхтэрин айылҕаҕа сыһыаҥҥа хайаан да тутуһуллара ирдэнэрин бар дьоҥҥо тириэрдии айылҕаны харыстааһыҥҥа төрүт буолар. Иччилэри харыстааһын диэн олору ыспакка, аймаабакка этэҥҥэ сылдьалларын хааччыйыы буолар.

Таҥара үөскүүрүгэр ханнык эрэ төрүт, дьон биир санааланыылара, бары онно дьулуһуулара наада буолар. Айылҕаҕа баар иччилэр дьоҥҥо ханнык эрэ көрүҥүнэн биллиилэрэ, “Харыстас” таҥара тэнийэн сайдыытыгар хайаан да көмө буолар кыахтаахтар.

Айыыны оҥорон иһэр киһи айылҕаны харыстаабат, алдьатар киһи буолар. Туой аайы саҥаттан саҥаны, айыыны оҥороругар уруккуттан айылҕаҕа олохсуйбут тэҥнэһии балаһыанньатын уларытарыгар, алдьатарыгар, олохсуйбут үгэстэри, сиэри кэһэригэр тиийэр. Саҥаттан саҥаны айыы диэн сиэри кэһии, урукку олохсуйбут үгэстэртэн туорааһын, тумнуу, хаалларыы буолар.

Айылҕаны харыстааһын сахалыы өйү-санааны, кут-сүр үөрэҕин тутуһан салаллар уонна дьоҥҥо барыларыгар тиийэр “Харыстас” таҥараны үөскэтэр. (1,8).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Каженкин И.И. "Харыстас" таҥара үөрэҕэ. - Дьокуускай: ГБУ РС(Я) "Бизнес-инкубатор", 2015. - 128 с.