Сыл диэн кэм кээмэйэ, Сир Күнү эргийэн кэлэр кэмигэр тэҥ. Григориан уонна Юлиан халандаардарыгар биир сыл 12 ыйдаах (365 эбэтэр 366 күннээх).

Сыл уларыт

Бэйэтин дьаалытынан эбэ сууругун курдук тохтоло суох устар кэм икки утумнаах: 1 Төгүрүк күн утума (сарсыарда, күнүс, киэhэ,түүн). 2 Дьыл утума (сайын,күһүн,кыһын,саас).Ити утумнар киhи аймахтан туох да тутулуга суохтар. Аны туран сахаҕа кэм кээмэйдэрэ диэн өйдөбул баар. Холобура, халлааҥҥа ый үөскээн-бүтэн өссө саҥа ый үөскүөр дылы кэм кээмэйэ ый дэнэр. Өбүгэбит халлааҥҥа көстөр ый дьыл утумун кытта алтыhыыларыттан уонна олохтон-дьаhахтан көрөн, бэйэтин эт мэйиитигэр буhаран, хас биирдии кэмигэр көстөр халлаан ыйыгар тустааҕынан тус бэйэ аат биэртэлээбит эбит. Сыл диэн тугуй? Былыргы саха тоҕо эрэ " сыл оройо", "сыл ыпсыыта" диэбэтэх .Холбуон(уопсайынан) сыл диэн өйдөбүл ханнык эрэ чопчу саҕаланар-бүтэр кэмэ диэн суох. Айылҕаҕа дьыл ханнык эрэ утума (эбэтэр ыйа) саҕаланан-бүтэн , өссө эргийэн кэлиэр дылы кэм сыл дэнэр.