Токсоплазмоз — төрүкү эбэтэр кэлин бэриллэр өрдүк барар уонна ардыгар хроническай өттүгэр кубулуйар паразитарнай ыарыы. Киһи доруобуйатыгар сүрүннээн таарыйар сирдэрэ: ниэрбинэй систиэмэ[1], харах, быар[2], уонна да атын уорганнар.

Уопсай характеристката уларыт

Ыарыыны көбүтээччи - Toxoplasma gondii простейшие тииптэригэр (protozoa) споровиктар кылаастарыгар (sporozoa), кокцигий этэрээттэригэр (coccidia), токсоплазмалар эрээттэригэр киирсэр клетка иһинээҕи паразит. Быһыытынан апельсиҥҥа эбэтэр кэлтэгэй ыйга маарынныыр. Кинилэр өҕүллэҕэстэр, эттигин биир уһуга сытыы, атына - ордук төгүрүк быһыылаах, кээмэйэ 4-7x2-5 мкм буолар.

Ыарыы бэриллэр көрүҥнэрэ уларыт

Токсоплазмоз ыарыыга сыстар кутталлаахтар сөптөөх термическэй обработканы ааспатах эти уонна сымыыты сиэччи дьон.Трансмиссивнай уонна внутриутробнай көрүҥүнэн сытыы эмиэ көрүллэр. Сүрүн токсоплазмоз бэриллэр биричиинэлэрэ:

  • ыарытыган дьиэ кыылларыттан сыстыы;
  • дьиэ иһигэр куоска аһыыр иһиттэн уонна куоска сааҕыттан сыстыы;
  • сиикэй, ситэ буспатах үксүн сибиинньэ[3], ынах[4], бараан, таба этиттэн сыстыы;
  • уорган уонна хаан көһөрөн кутуута (олох биирдэ эмит көстүөҕүн сөп);
  • оҕо төрөппүттэрэ ыалдьар буоллахтарына.

Клиническэй хартыыната: уларыт

Токсоплазмоз острай көрүҥэ мэлдьи клиническэй үтүөрүүгэ тириэрдэр, ол эрээри организм сыстыганнаах ыарыыларга, дьаакка ылларбат кыаҕа мөлтөх буолар. Ол гынан баран үксүгэр хроническэй өттүгэр кубулуйуон, доруобуйа биллибэттик аһардардан, боростуой ыарыылары кытта бутуйуохха сөп:

 - сэниэтэ суох буолуу, ыарытыйыы, үрдүк температура;
 - лимфалаах былчархайдар көбөллөр;
 - чуоҕур ымынах[5];
 - быар уонна таал кээмэйэ улаатыыта.

Үксүн ыарыһахтарга миокардит[6], холецистит[7], гастрит[8], энтероколит[9], тыынар уорган, мэйии ыалдьыыта, менингоэнцефалит, бронхит уонна да атын ыарыылар баар буолаллар.

Эмтээһин көрүҥнэрэ уларыт

Сыстыганнаах ыарыы стационарыгар сытан эмтэнээһин ирдэнэр.

Токсоплазмоһу эмтииргэ туттуллар сүрүн эмтэр көрүҥнэрэ:

  • антипротозойнай эмтэр;
  • антигистаминнай эмтэр;
  • ноотроптар[10];
  • антиоксиданнар[12].

Ыарыы дьайыытын түмүгэ уларыт

Киһи этэ-сиинэ сыстыганнаах ыарыыларга, дьаакка ылларбат кыаҕа күүстээх буоллаҕына инники олоҕор туох да куттал суоһаабат.

Токсоплазмоз ыарыыга сыстыбыт хат буолбут дьахтарга төрүөхтээх оҕото нуорматтан туоруур, мэйиитигэр, нервнэй системэтигэр,хараҕар уонна да атын уорганнарыгар куһаҕаннык дьайар кутталлаах.

Токсоплазмоз ыарыытыттан харыстыыр дьаһаллар уларыт

  • Дьиэ кыылларын токсоплазмозка сыстыыларын суох оҥоруу;
  • Аһы буһарарга уонна кыыллары көрөр-харайар санитарнай быраабылары тутуһуу;
  • Хат дьахталлары токсоплазмозка бэрэбиэркэлээһин;
  • Эккэ баар токсоплазманы термическэй обработкалааһын ( кини 67 °C итиигэ уонна −13 ° тымныыга өлөр)

Хос быһаарыы уларыт

  1. Hunter C. A., Sibley L. D. Modulation of innate immunity by Toxoplasma gondii virulence effectors. (англ.) // Nature reviews. Microbiology. — 2012. — Vol. 10, no. 11. — P. 766—778. — DOI:10.1038/nrmicro2858. — PMID 23070557.
  2. Flegr J., Prandota J., Sovičková M., Israili Z. H. Toxoplasmosis--a global threat. Correlation of latent toxoplasmosis with specific disease burden in a set of 88 countries. (англ.) // Public Library of Science ONE. — 2014. — Vol. 9, no. 3. — P. e90203. — DOI:10.1371/journal.pone.0090203. — PMID 24662942.
  3. Jones J. L., Parise M. E., Fiore A. E. Neglected parasitic infections in the United States: toxoplasmosis. (англ.) // The American journal of tropical medicine and hygiene. — 2014. — Vol. 90, no. 5. — P. 794—799. — DOI:10.4269/ajtmh.13-0722. — PMID 24808246.
  4. Перейти к: 1 2 Г. Ю. Никитина, Л. П. Иванова, С. Х. Зембатова, Ф. К. Дзуцева, Ю. В. Борисенко. Особенности диагностики и лечения токсоплазмоза у беременных. Лечащий врач (ноябрь 2011).
  5. Parasites - Toxoplasmosis (Toxoplasma infection). Epidemiology & Risk Factors (англ.). Centers for Disease Control and Prevention (26 March 2015). Проверено 23 сентября 2015. Архивировано 24 апреля 2015 года.
  6. Paul R Torgerson & Pierpaolo Mastroiacovo. Глобальное бремя врождённого токсоплазмоза: систематический обзор. . Бюллетень Всемирной организации здравоохранения, Выпуск 91, № 7, стр. 465-544 (7 июля 2013). Проверено 23 сентября 2015.

↑ Исаев Д. Н. Умственная отсталость у детей и подростков. Руководство. — СПб: Речь, 2003. — С. 63. — 397 с. — ISBN 5-9268-0212-1.

  1. Parasites - Toxoplasmosis (Toxoplasma infection). Treatment (англ.). Centers for Disease Control and Prevention (10 January 2013). Проверено 23 сентября 2015. Архивировано 27 июля 2015 года.
  2. Doggett J. S., Nilsen A., Forquer I., Wegmann K. W., Jones-Brando L., Yolken R. H., Bordón C., Charman S. A., Katneni K., Schultz T., Burrows J. N., Hinrichs D. J., Meunier B., Carruthers V. B., Riscoe M. K. Endochin-like quinolones are highly efficacious against acute and latent experimental toxoplasmosis. (англ.) // Proceedings of the National Academy of Sciences of the United States of America. — 2012. — Vol. 109, no. 39. — P. 15936—15941. — DOI:10.1073/pnas.1208069109. — PMID 23019377.
  3. Parasites - Toxoplasmosis (Toxoplasma infection). Resources for Health Professionals (англ.). Centers for Disease Control and Prevention (14 April 2014). Проверено 23 сентября 2015. Архивировано 23 сентября 2015 года.
  4. Robert-Gangneux, F.; Darde, M.-L. (2012). “Epidemiology of and Diagnostic Strategies for Toxoplasmosis”. Clinical Microbiology Reviews. 25 (2): 264—296. DOI:10.1128/CMR.05013-11. ISSN 0893-8512.
  5. Jones J., Lopez A., Wilson M. Congenital toxoplasmosis. (англ.) // American family physician. — 2003. — Vol. 67, no. 10. — P. 2131—2138. — PMID 12776962.
  6. McLeod R., Kieffer F., Sautter M., Hosten T., Pelloux H. Why prevent, diagnose and treat congenital toxoplasmosis? (англ.) // Memorias do Instituto Oswaldo Cruz. — 2009. — Vol. 104, no. 2. — P. 320—344. — PMID 19430661.
  7. What are the risks of toxoplasmosis during pregnancy? / NHS Choises, 03/05/2014 (англ.)
  8. Parasites — Toxoplasmosis (Toxoplasma infection) — Pregnant Women // CDC, March 26, 2015 (англ.)
  9. Toxoplasmosis in Pregnancy: Prevention, Screening, and Treatment / J Obstet Gynaecol Can 2013;35(1 eSuppl A):S1-S7
  10. Topley, 2007, p. 439.]

Туттуллубут литэрэтиирэ уларыт

  1. Васильев В. В. Токсоплазмоз: современные научно-практические подходы [Электронный ресурс] / СПб., 2004. Режим доступа: http://www.infectology.ru/mnenie/index.asp Архыыптаммыт 2008, Кулун тутар 3 күнүгэр.;
  2. Практическое руководство по антиинфекционной химиотерапии. Под ред. Л. С. Страчунского, Ю. Б. Белоусова, С. Н. Козлова. – М.: Боргес, 2002 175-182стр;
  3. Токсоплазмоз человека. Под ред. А. Г. Пап и Д. Н. Засухина. – М.: Медицина, 1974, 67-81стр;
  4. Новинская В.Ф. Токсоплазмоз плотоядных. - В кн.: Проблемы токсоплазмоза животных. Алма-Ата, 1966, с. 56-58.
  5. Галузо И.Г. Эпизоотология токсоплазмоза. - В кн.: Токсоплазмоз животных. Алма-Ата, 1965, с. 451-473.

Сыылкалар уларыт

  1. Быар
  2. Быар
  3. Сибиинньэ
  4. Ынах
  5. https://ru.wikipedia.org/wiki/Сыпь
  6. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/Миокардит
  7. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/Холецистит
  8. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/Гастрит
  9. https://ru.m.wikipedia.org/wiki/Энтероколит
  10. https://ru.wikipedia.org/wiki/Ноотропы
  11. Битэмииннэр
  12. https://ru.wikipedia.org/wiki/Антиоксиданты