Туматтары хантан yoдуйэн кэлбит норуот диир буоллахха, Ураанхай кыраайа диэн биллибит Туваттан торуттээхтэрин ыйыахха син. Туматтары yгyс ученайдар былыргы уйгуурдарга онтон тyyрдэргэ киирсэр Тува сиригэр олорбут дубо бииһин удьуордара диэн ыйаллар. Кытай суругунан дубо yс бииһэ: дубо (тумат), эчжи (эчжень урянха), милиге (меркит) хоту кыра муора кытыытыгар олорбуттара биллэр. И.Бичурин Хубсугул кyoлэ диэн тылбаастаабытынан билинни Тува сиригэр олохтоох биис диэн oйдoбyл yoскээн хаалбыт. Бары oрyстэр бу кyoлгэ (Бэйхэй) кэлэн тyhэллэр диэн этии уонна монгол кэлиитигэр меркиттар уонна туматтар Байкал таһыгар олороллоро кэккэ ыйытыыны yoскэтэр. Холобур Хубсугулга биир да улахан oрyс кэлэн тyспэт эбит. Аны туран дубо (тумат) уонна курыкан (хори) биистэрэ бииргэ ахтыллаллара баар.

Кытай суругар дубо бииһин хайыһардаах тyyрдэр – “мума тугю” диэн ааттыахтара дуо? Биир кытай суругар этиллэринэн, былыргы дубо бииһэ балыктаан уонна бултаан эрэ айагын ииттинэрэ биллэр, ол иһин самоди тo-рyттээхтэр быһыылаах диэн сабагаланар. Атын сурукка, олус yчyгэй элбэх сылгылаахтара биллэр. Онон бу дубо (тумат) норуота былыргыттан араас yгэстээх биистэртэн турар дуу диэн санаага кэлэбит.

Туматтар Согуруу Сибиир атын биис-уустарын курдук, меркит хааннаах Джучи аармыйата кэлэн бас бэринэрин модьуйбутугар, туох да утарылаһыыта суох бас бэриммиттэрэ. Монголлары утары oрo туруу тoрдyнэн, 40-ча саамай кыраһыабай кыыһы Хорчи нойонно биэрии диэн Чынҥыс Хаан суостаах уураага буолбута. Бу кыргыттар хоринкалар этилэр. Того дьиктитэй диэтэххэ, монгол «Ытык сэһэнэ» кэпсииринэн, хаһан эрэ былыр X yйэгэ туматтартан арахсыбыт хоролор (хорилар) биистэрэ кohoн кэлэн монгол тoрyттэрин кытта ыалласпыт. Монгол тoрдyгэр тахсыбыт хоро кыыһын Алан-куону онтон ыла бары монгол биистэрэ саамай ытык тoрyттэринэн билинэр, хоро тoрyттээхпит диэн киэн туттунар буолбуттар. Алан-куоттан тoрyттээх монгол биистэрэ yтyo тoрyттээх нирун (ньургун биитэр ньуурун?) диэн киэптэнэр буолбуттар. Оттон Алан-куоттан тoрyттэммэтэх, тoрyт былыргы монгол биистэрэ, чагар, хамначчыт дьон – дарлекин диэн ааттаммыттар. Монгол сэһэнэ кэпсииринэн, бу кэмтэн ыла монгол норуотун туох эрэ биллибэт кyyс буулаабыт. Ол курдук Алан-куо ытык куттан оголоммут, ол оголорум удьуордара аан дойду баһылыктарынан, атын дойдулар ханнарынан буолуохтара диэн эппит.

Оччолорго туматтары Дойдухул-Сохор олбyтyн кэннэ, кини ойого Эмис Ботохой салайара. Холобур, Дойдухул-Сохор аатын саха баһылыга Дойдууһа дарханы кытта тэннии тутуохха соп курдук. Хорчи нойону уордайбыт туматтар бэйэлэригэр хаалларбыттар. Онтон туматтарга Чынгыс Хаан ойраттар баһылыктара Худука-беги туматтар тылларын уонна «тыатаагы биистэр» yгэстэрин yчyгэйдик билэр киһини ыыппыт. Манна сурулларынан монголлар бу хори-туматтары кытта сибээстэһэллэригэр, тылларын кыайан oйдooбoт буолан олус эрэйи кoрсoллoр эбит. Онон бу хори-туматтар билинни бурят тылынан санарбакка, тyyрдyy (сахалыы?) тыллаах буолуохтарын сoп эбит. Ол эрээри Худука-беги эмиэ кoнyлy таптыыр туматтар этэрээтин кырган баран, бэйэтин чороччу кэлгийэн кэбиспиттэр. Баарин бииһиттэн Ная-нойону эн бардаххына багар кыайыан диэбитин, ыалдьабын диэн куотуммут.

Дьэ ол кэнниттэн 1215-1216 сылга оро турбут туматтары утары Чингисхан Борохул-нойону ыытар. Монгол сэһэнинэн Борохул нойон икки киһилээх инники истэгинэ туматтар харабыллара ыас хара тыанан тэннэ айаннаан иһэн эмискэ саба тyhэн кырган кэбиспиттэр. Эрэллээх нойонун Борохулу туматтар сиэбиттэрин истэн баран, Чингисхан олус диэн уордайан, бэйэтэ туматтары кытта сэриилэһэ бараары кыммыт. Бу кутталлаах походка барарын, сyбэлээччилэрэ нэһиилэ тохтоппуттар. Арааһа анардас кyyhyнэн киһи кыайбат дьоно, албыннаан эрэ хотуохха сoп диэн сүбэлээбиттэр. Дoрбoт бииһиттэн тoрyттээх Дорбо-Докшин (билигин ойраттар салаалара) сэриини ыллык суолунан сирдээн, yohээ хайага тахсан баран, олус соһуччу кэм буолуо аһыы-сии олорор туматтар yрдyлэригэр, oмyтyннэрэн саба тyспyттэр уонна кыайан-хотон, билиэн ылбыттар. Сyyс тумат буойунун Борохулу кoмyyгэ тыыннаахтыы уматан сиэртибэ оностубуттар!

Рашид-ад-дин суруйарынан, монголлар олус улахан кыргыһыылар эрэ кэнниттэн аһары кyyстээх сэрииһит тумат сэриитин биитэр бииһин бас бэриннэрбиттэр. Туматтары куһаган санаалаах уонна yтyoнy багарбат биис буолалларын иһин, монголлар yгyстэрин кыргыбыттар.

Дьинэр бу да кэнниттэн туматтар оро турбуттара биллэр. Ол курдук 1270 сылга эмиэ Енисей кыргыстарын кытта оро туран, сyyрбэ сыл устата монгол батталыттан босхолоно сылдьыбыттара биллэр. Кытай Юань династиятын (монгол) императора Хубилай хан кинилэри утары кыпчактар корпустарын ыыппыт. Дьэ ол эрэ кэнниттэн туматтар хам баттаммыттар да, Байкал таһыттан тиһэх дьон 15 yйэ сагаланыыта куотуохтарыгар диэри, утарсыы мэлдьи баар быһыылаах.