Хамнас диэн үлэһит киһи төһө сыаналаах үлэни оҥорбутугар ылар төлөбүрэ ааттанар.

Сахалар «Yлэ-хамнас» диэн холбуу этиини куруук тутталлар. Yлэлээтэххэ, элбэхтик хамнаннахха, тугу эмэ туһалааҕы оҥордоххо хамнас диэн ааттанар, үлэлэммит үлэ иһин төлөбүр кэлэрин иһин итинник эппиттэр, аналлаах тыллары үөскэппиттэр. Yлэ уонна хамнас аргыстаһан сылдьаллар. Yлэ уонна хамнас диэн сахалыы тыллар үлэ, хамнас сыһыаннара сахаларга олус былыргы кэмнэртэн, саха тыла саҥа үөскүөҕүттэн ыла сайдыбыттарын быһаарар. «Хамнастаах үлэ» диэн этии оҥоруллубут үлэттэн кэлэр хамнас үлэлэммит үлэҕэ сөп түбэһэрин, өссө арыычча ордорун, олоҕу тупсарарын биллэрэр.

Сахалар хамнаска үлэлиир киһини хамначчыт диэн ааттыыллар, үлэлээтэҕинэ, хамнаатаҕына, ким эрэ эппитин толордоҕуна төлөбүр, хамнас ыларын иһин итинник ааты иҥэрбиттэр. Үлэһит, хамначчыт киһи бэйэтин олоҕун ылар хамнаһыгар тэҥнээн оҥостунар. Хамнаһа олус кыччаатаҕына быстар дьадаҥылар кэккэлэригэр киирсэн хаалара, олоҕо ылар хамнаһыттан улахан тутулуктааҕын быһаарар. Сөбүгэр соҕус, айаҕыттан, араас түһээннэриттэн, нолуоктарыттан туох эмэ ордор хамнастаннаҕына орто киһи, сэниэ ыал ахсааныгар киирсэн барар.

Үлэһит дьон ылар хамнастарыгар государство тутула ордук улахан сабыдыаллаах. Дьон олоҕо тупсарын туһугар урут-бастаан кыһанар государствоҕа үлэһиттэр ылар хамнастара үрдүк буолар. Тоҕо диэтэххэ үлэһиттэр ылар хамнастара үлэлэммит үлэттэн государство бэйэтин туһугар нолуоктаан, быһа тутан ылбытын кэнниттэн биирдэ ааҕыллан кэлэр. Олус элбэх ахсааннаах бюрократ чиновниктардаах, аһара элбэх армиялаах государствоҕа нолуок элбэҕиттэн үлэһиттэр ылар хамнастара аҕыйыыр.

Государствоҕа оҥорон таһаарыы сайыннаҕына хамнас улаатан биэрэн иһэр. Европа сайдыылаах дойдуларыгар уонна АХШ-ка үлэһит киһиэхэ бэриллиэхтээх хамнас алын кээмэйэ диэн баар. Бу сокуонунан ылыныллыбыт нуорма харчы буолар. Хайа да киһи үлэ чааһыгар үлэлээтэҕинэ ылыахтаах харчытын саамай кыра кээмэйэ итинник ааттанар. Үлэлии сылдьар киһи итиччэ харчыны илиитигэр ыллаҕына эрэ аһын-үөлүн, дьиэтин-уотун, таҥаһын-сабын хааччынан, көрүнэн, сөптөөхтүк сынньанан салгыы үлэлиир кыахтанарын ааҕаннар ити нуорманы оҥорбуттар.

Арассыыйа эмиэ итинник, хамнас алын кээмэйин ылыммыта. Бу нуорма харчы киһи олоххо туһанар саамай кыра нуорматыгар ханан да тиийбэт уонна өтөр тиийэр кыаҕа суоҕа үлэһиттэри санаарҕатар.

Аһары баай дьон оҥорон таһаарар производствоны бас биллэхтэринэ элбэх үлэһиттэри салайаллар. Арассыыйаҕа оҥорон таһаарыы мөлтөҕүттэн үлэһиттэр бары кэриэтэ дьадаҥылар, бэйэлэрин эрэ кыайан көрүнэллэр, ол аата хамнастара аһыыр аһылыктарыгар уонна таҥнар таҥастарыгар эрэ тиийэр. Үлэ миэстэтэ аҕыйааһыныттан кинилэр үлэ биэрэр, хамнас төлүүр киһиттэн олус улахан тутулуктанан хааллылар. Олорор олохторо барыта үлэлиир үлэлэриттэн, ылар хамнастарыттан быһаччы тутулуктанара үлэ усулуобуйатын уонна хамнас эбиллэрин туруорсалларын суох оҥорор.

Баай киһи үлэһиттэригэр аҕыйах хамнаһы төлөөтөҕүнэ баайа, барыһа эбиллэн иһэр. Төһө аҕыйах хамнаһы уонна араас көмөлөрү үлэһиттэригэр төлүүр даҕаны соччонон бэйэтин баайа эбиллэн иһэрин сыысхала суох ааҕына сылдьар кыахтаах.

Аһары баай дьон былыр-былыргыттан дьадаҥылары үлэлэтэн баран хамнастарын төлөөбөттөрө, ситэ биэрбэттэрэ биллэр суол. Билигин да байан эрээччилэр ахсааны үчүгэйдик билэллэр, бэйэлэрин тустарыгар хата барыстаахтык ааҕалларын умнубаттар.

Россияҕа Өктөөп революциятын кыайыытын биир сүрүн төрүөтүнэн аһара баай дьон үлэһиттэригэр, хамначчыттарыгар хамнастарын ситэ биэрбэттэрэ, олус уһуннук, 11,5 чаас устата ыарахан үлэҕэ үлэлэтэллэрэ, бэйэлэрин киһинэн да аахпаттара буолбута. Ыраахтааҕы православнай таҥара дьиэтин кытта кыттыһан үлэһит дьону оннооҕор саллааттарынан ытыалатара.

1905 сыллаахха Гапон баачыка үлэһиттэри сирдээн аҕалан ытыалаппыта. 1912 сыллаахха Бодойбо көмүстээх бириискэтин үлэһиттэрин саллааттар ытыалаан икки сүүстэн тахса киһини биир сиргэ охторбуттара. Ыраахтааҕы былааһын үлэһиттэргэ сыһыана саа буулдьатынан быһаарыллар кэмнэргэ тиийбитэ революция саҕаланыытыгар олук буолбута.

Аһара баайдар, ол иһигэр ыраахтааҕы үлэһит дьону олус күүскэ баттааһыннара, атаҕастааһыннара кэмэ кэллэҕинэ бэйэлэригэр төттөрү эргийэн кэлиэн сөбүн итэҕэйбэттэр этэ. Оччотооҕу кэмҥэ үлэ чааһа олус уһун буолуута, үлэһиттэр олус элбэхтик үлэлээн баран нэһиилэ айахтарыгар эрэ тиийэр-тиийбэт хамнаһы аахсыылара революция олус түргэнник, киэҥник тэнийиитигэр уонна эрэллээхтик кыайыытыгар тириэрдибитэ. Дьадаҥылар, үлэһиттэр саа-сэп күүһүнэн, элбэх хааннарын тоҕон туран былааһы ылан бараннар үгүс үйэлэргэ мунньуллубут иэстэрин, эрэйдэммиттэрин, муҥнаммыттарын, харахтарын уутун иэстэһэн баайдар, христианскай таҥара үлэһиттэрин баайдарын-малларын тутан, былдьаан ылбыттара, салайар былаастан туораппыттара, саа-сэп тутан утарылаһар өртүлэрин харса суох кыдыйбыттара.

Революция кэнниттэн үлэһиттэр былааһы ылан бараннар аан маҥнай үлэһиттэргэ, хамначчыттарга хамнастарын толору биэрэллэрин ситиспиттэрэ. «Киһиэхэ киһилии сыһыаннас» диэн сахалар этэллэр. Социализм кэмигэр үлэһиттэргэ бэриллэр хамнас алын кээмэйэ хайа баҕарар киһи оччотооҕу көрдөбүлгэ сөп түбэһэр олохтоох буолуутун толору хааччыйара. Үлэһиттэр бу сүрүн көрдөбүллэрэ, үлэлээбит үлэлэрин иһин сөптөөх хамнаһы аахсан ылыылара баар-суох баҕа санааларыгар сөп түбэһэрэ.

К.Маркс үөрэҕинэн дьону үлэлэтэн, туһалааҕы оҥотторон баран хамнастарын ситэ төлөөбөттөн эбиискэ барыс үөскээн тахсар. Бу үөскээбит барыһы барытын аһара баай дьон бэйэлэрин тустарыгар туһаныыларыттан өссө байан иһэллэр. Государство олус элбэх нолуогу түһэриититтэн тэрилтэлэр хамнас төлүүр кыахтара аҕыйыыр. Үлэһиттэргэ сөптөөх хамнаһы төлөөһүн государствоттан тутулуга ордук улахан.

Сайдыылаах дойдуларга билигин туттулла сылдьар хамнас алын кээмэйэ диэн сокуон государстволар сайдыыны ситиһэллэригэр, баай уонна дьадаҥы дьон икки ардыларыгар сөбүлэһэр сыһыаны олохтуулларыгар улаханнык көмөлөспүтэ. Хамнас төлөөһүн кыаллыбатаҕына, дьону наймылаһан үлэлэтии суох буоларын бу сокуон хонтуруоллуур.

Маннык сокуон хас биирдии үлэһит киһи бэйэтин үлэтинэн айаҕын ииттинэрин хааччыйар. Бу сокуон үлэ биэрэр киһи уонна үлэһит бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннарын быһаарарга ордук туһалыыр. Үлэлэтэн баран хамнас биэрбэт буолуу эбэтэр олох аҕыйаҕы төлөөһүн биһиэхэ олус тарҕанна. Дьон бэйэлэрин икки ардыларыгар сыһыаннарыгар үөскээн эрэр ити куһаҕан майгыны маннык сокуон суох оҥорор кыахтаах. Саҥа үйэ саҕаланыытыгар Россия ырыынак сокуоннарынан олорор государствоҕа кубулуйан иһиитэ салгыы баран иһэр. Ол хамсааһын биир холобурунан Госдума хамнас алын кээмэйин уонна хайдах төлөнөрүн быһаарар сокуону ылыммыта буолар. Бары үлэһиттэргэ бу сокуон хайаан да улахан туһаны аҕалар.

Ырыынак усулуобуйатыгар үлэһиттэр бырааптарын көмүскүөхтээх тэрилтэлэринэн профсоюзтара буолар. Бу тэрилтэлэр аан бастаан элбэх ахсааннаах үлэһит-хамначчыт дьон көрдөбүллэрин толорор сыалга үлэлээһиннэрэ государство олоҕо туруктаах буолуутугар тириэрдэр.

Бары үлэһиттэр бэйэлэрин бырааптарын көмүскүүр сокуоннары ылынарга туруннахтарына кыайаллар. Демократия сокуоннарын туһанан кинилэр государствоны салайыыга депутаттарын нөҥүө быһаччы кыттыһаллар. Элбэх ахсааннаах үлэһиттэр бэйэлэрэ куоластаан талбыт депутаттарын нөҥүө туһалаах сокуоннары ылыннахтарына үлэ-хамнас өссө тупсуутун ситиһэллэр. (1, 85).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Каженкин И.И. Үлэ - олох үөрэҕэ. - Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. - 100 с.