Хаспах хахайа
Билим классификацията
Саарыстыба: Харамайдар
Кэлим: Хордалыктар
Кылаас: Кыыллар
Аймах: Сиэмэх кыыллар
Кэргэн: Куоскатыҥылар
Уус: Пантералар
Көрүҥ: P. spelaea
Латыынныы аата
Panthera spelaea

Хаспах хахайа (лат. {{{1}}}Panthera spelaea, атыннык евразиятааҕы хаспах хахайа, европатааҕы хаспах хахайа эбэтэр хонуу куйаар хахайа диэн ааттарынан биллэринэн[1]) хахай (лат. {{{1}}}Panthera) симэлийбит көрүҥэ буолар, 600000 сыл анараа өттүгэр, үһүс кромердааҕы муус үйэлэр икки ардыларыгар Европаҕа үөскээбит буолуон сөп. Төрүттэрин ырытан көрбүттэригэр билигин Африкаҕа уонна Азияҕа олорор хахайдааҕар (Panthera leo) чыҥха атын уонна генетиката отой туспа эбит[2].

Морфологиятын уратытын ырытыы түмүгүнэн уонна митохондриятын бэлиэлэринэн таксономияҕа хахайдартан 1,9 мөлүйүөн сыллааҕыта генетика өттүнэн арахсыбыт хаспах хахайа туспа көрүҥ быһыытынан бигэргэтиллибитэ.[3][4] Ядротыгар баар геннар хойутуу 500000 сыллааҕыта арахсыбыттарын уонна кэлин эт-хаан өттүнэн билиҥҥи хахайдар өбүгэлэрин кытта булкуспатахтарын туоhулууллар.[5] Отой былыргы биллэр уҥуохтара Саха сиригэр хаһар үлэлэр түмүктэригэр булуллубуттара уонна радиоуглероднай анализ кинилэр саастарын 62400 сыллааҕыта олоро сылдьыбыттар диэн көрдөрбүтэ. 13000 сыллааҕыта симэлийбиттэр.[6]

Tаксономия уларыт

 
Хаспах хахайын баhын уҥуоҕа Тулуза музейыгар көрдөрүүгэ ууруллубут, Франция

1810 сыллаахха Германия соҕуруу өттүгэр баар хайа хаспаҕар хаһар үлэ түмүгэр булуллубут, сиртэн хостоммут хахай баhын уҥуоҕун Георг Август Гольдфрус Felis spelaea (хаспах куоската) диэн билим аатын иҥэрбитэ, бэлиэтээбитэ.[7] Арааhа ити олоро сылдьыбыт кэмэ Вюрм мууһуруутугар сөп түбэһэр.[8][2][6]

 
Хойукку плейстоцен хахайдара тартаҕаммыт сирдэрин быhа холуйан оҥорбут каарталара. Кыһыл өҥ хаспах хахайа (Panthera spelaea) муҥутаан тарҕаммыт сирдэрин бэлиэтиир; халлаан күөҕэ өҥ америкатааҕы Panthera atrox муҥутаан тарҕаммыт сирдэрин көрдөрөр; от күөҕэ өҥ билиҥҥи хахайдар өбүгэлэрэ Panthera leo leo/Panthera leo persica муҥутаан тарҕаммыт сирдэрин көрдөрөр. Сулустар хахайдар уҥуохтара булуллубут сирдэрин быhа холуйан көрөрөллөр. Кыбытык уруhуйдарга Канадаҕа Юкон уонна Россияҕа Чукотка территорияларын, ону таһынан ыйыллыбыт сирдэр нэһилиэнньэлээх пууннарын көрдөрөллөр

Сорох автордар хаспах хахайын (Panthera spelaea) билиҥҥи хахайтан кыра уратылаах уонна биир көрүҥ буолаллар диэн сабаҕалыыллара уонна Panthera leo spelaea диэн ааттыыллара.[9][10][11][2] Биир автор хаспах хахайын баһын уҥуоҕун форматын чинчийэн баран баабыры кытта чугас онон билимнээҕи аатын Panthera tigris spelaea ааттыахайыҥ диэн этии киллэрбитэ.[12]

Морфологиятын чинчийии түмүктэринэн баһын уҥуоҕун уонна тиистэрин анатомията туспа уратылаахтар, онон хаспах хахайа ойдом турар диэҥҥэ кэлбиттэрэ. [13][14] Филогениятын, төрүттэрин, ырытыылар эмиэ итинник түмүккэ кэлбиттэрэ..[15][3][4]

2001 сыллаахха Сибииргэ уонна Юкоҥҥа булуллубут 7 экземплярга кыра уратылаах көрүҥҥэ, тиистэрэ арыый кыралар орто хаспах хахайынааҕар, Верещагин хаспах хахайын (P. spelaea vereshchagini ) аатын иҥэрбиттэр.[16] 2020 сыллаахха диэри генетикаларын ырытыы туспа кыра уратылаах көрүҥ буолалларын бигэргэппэт эбит, Европатааҕы уонна Аляскатааҕы ДНКларын бэлиэлэрэ уратылара суох эбит, ол бэйэ-бэйэлэрин кытта булкуhaр биир улахан бөлөх буолалларын бэлиэтинэн буолар. [3][17] Ол эрээри 31 хаспах хахайын митохондриятааҕы геннарын утумнарын-ситимнэрин чинчийии биир төрүттээх эрээри икки салааҕа хайдыhалларын көрдөрбүт. Плейстоцен кэмигэр биирдэстэрэ Арҕаа Европаҕа олорбут, иккиhэ Берингия сиринэн муҥурдаммыт. Итинтэн сылтаан Берингияҕа олоро сылдьыбыт хаспах хахайын бөлөҕө кыра уратылаах туспа көрүҥ быһыытынан ааҕыллар, Верещагин хаспаҕын хахайа (P. s. vereshchagini).[17][18]

Эволюция уларыт

 
Хаспах хахайдара уонна бизоннар Шове хайатын хаспаҕар, Франция[19]

Куоскалар дьиэ кэргэннэригэр киирсэр хахайга майгылыыр пантералар аан бастаан 1,7-1,2 мөлүйүөн сыл анараа өттүгэр Танзанияҕа баар Олдувай хайатын хапчааныгар үөскээбиттэрэ. Ол куоскалар Орто Европаҕа Илин Африкаттан орто плейстоцен бастакы аҥарыгар тарҕаммыттара, 610000 сыл анараа өттүгэр сиртэн хостонор хахай (Panthera fossilis) диэн ааттаах көрүҥү үөскэппиттэр.[20] 460000 сыл анараа өттүгэр Орто Европаҕа хойукку Сааль мууhуруутун кэмигэр эбэтэр эрдэтээҥи Эем мууhуруутун кэмигэр хаспах хахайа (Panthera spelaea) сиртэн хостонор хахайтан (P. fossilis) үөскээбитэ уонна 450000 сыл анараа өттүттэн 14000 анараа өттүгэр диэри Евразияҕа барытыгар тарҕаммыта. Соторутааҕыта ыытыллыбыт ядроҕа баар геннарын үөрэтиилэр түмүктэрэ билиҥҥи хахайдар өбүгэлэрэ бары евразиятааҕы хаспах хахайдарын кытта 500000 cыл анараа өттүгэр иссиhэ сылдьыбыттар диэн туоhулаабыттар, ол кэнниттэн 470000 сыл анараа өттүттэн бэттэх ити икки линия иссибэтэхтэр.[2][20][5]

Польшаҕа хостоммут хаспах хахайын уҥуохтарын кырамталара радиоуглеродунан эрдэтээҥи уонна хойукку Вейхзелев мууһуруутун саҕанааҕы кэм диэн дааталаммыттар уонна саастара 109000 сыл анараа өттүттэн 57000 сыл анараа өттүгэр диэри диэн буолбут. [21] Евразияҕа кини 14900 сыл анараа өттүттэн 14100 сыл анараа өттүлэригэр диэри кэмҥэ симэлийбит уонна Берингияҕа 13800 сылтан 13300 сыл анараа өттүлэригэр диэри олоро сылдьыбыт, Вейхзелев мууhуруута бүтүөр диэри.[22][23] Митохондрияларыгар баар ДНК-лар утумнарын-ситимнэрин чинчийии түмүгэр америкатааҕы хахай (Panthera atrox) хаспах хахайыгар балтылыы бөлөх буоларын көрдөрбүт уонна арааhа эрдэтээҥи хаспах хахайдарын бөлөхтөрө 340000 сыл анараа өттүгэр Кордильер муус хаххата бүөлээн туспа барбыттарыттарыттан үөскээбиттэр.[24]

Характеристикалара уларыт

 
Хаспах хахайдара, Куоскалар Палаталара, Ласко хайатын хаспаҕа

Ласко уонна Шове хайаларын хаспахтарыгар баар хаспах хахайдарын уустаан-ураннаан быһан оҥоруулара уонна сымара тааска уруһуйдара 15000-тан 17000-ҕа диэри саастаахтар диэн дааталаммыттар.[19][25] Шове хаспаҕар баар уруhуй икки хахай тэҥҥэ хаамсан иһэллэрин ойуулаан көрдөрбүт. Инники өттүгэр сылдьар хахай кэнники өттүгэр баар таhахтаах уонна сиэлэ суох уруhуйдаммыт хахайдааҕар арыый кыра гына көрдөрүллүбүт.[26] Итинник сымара тааска баар уруһуйдартан сабаҕалаатахха хаспах хахайдарын атыырдара отой сиэлэ суохтар эбэтэр сиэллэрэ олус кыра диэн көрдөрөллөр.[6]

Ориньяк культуратыгар киирсэр хахай-киhи (ниэм. {{{1}}} Löwenmensch) статуэтката Германия соҕуруулуу-арҕаа өттүгэр баар Шваб Альпаларын Фохельхерд диэн хайатын хаспаҕар булуллубута. Итинник археология булумньулара таас үйэтинээҕи итэҕэл ритуалларыгар хаспах хахайын ойуулара уонна уус-уран оҥоһуктара туһаныллыбыт буолуохтарын сөп диэн сабаҕалааһыны үөскэтэллэр. [27][28]

Хаспах хахайа олус бөдөҥ хахайдартан биирдэстэрэ диэн өйдөбүллээҕэ. 1985 сыллаахха Германияҕа Зигсдорфтан чугас булуллубут атыыр хахай уҥуоҕун саннытыгар диэри үрдүгэ 1,2 м чугаhыыр эбит уонна кутуруга суох төбөтүн кытта этин-сиинин устата 2,1 м эбит, уҥуоҕунан билиҥҥи бөдөҥ хахайдарга тэҥ. Ити атыыр уҥуоҕунан атын экземплярдары баһыйар эбит, онтон атын атыыр кутуруга суох устата 2,5 м тиийэр эбит. Ону таhынан, хаспах хахайын атыыра хаалларбыт суола диир суоллара кэтитэ 15 см эбит. Сабаҕалыылларынан, хаспах хахайын муҥутаан ыараабыт ыйааһына 339 кг тиийиэн сөп эбит[29]

Онон итилэр хаспах хахайдара билиҥҥи хахайдардааҕар 12% улаханнарын көрдөрөллөр, ол да буоллар эрдэтээҥи сиртэн хостонор хахайдардааҕар (Panthera fossilis) уонна америкатааҕы хахайдартан (Panthera atrox) кыралар эбит. Сымара тааска баар уруһуйдар хаспах хахайдарын наар сиэлэ суох бултуулларын көрдөрөллөр, онон сабаҕалаатахха атыырдара сиэлэ суохтар эбит. [30][31] Хаспах хахайын сирэйдэрэ билиҥҥи хахайдар сирэйдэриттэн уһун уонна синньигэс эбиттэр. Ол да буоллар, ити икки көрүҥ морфологияларыгар улахан уратылара суох.[6] Билиҥҥи хахайдар курдук тыһылара атыырдарынааҕар кээмэйдэринэн кыралар.[32]

2016 сыллаахха Малый Анюй диэн ааттаах өрүскэ булуллубут сиэли ДНК аналиһын түмүгүнэн хаспах хахайын гиэнэ диэн бигэргэтиллибитэ. Билиҥҥи хахай түүтүн кытта тэҥнээһин өҥүнэн билиҥҥи хахай гиэнигэр майгылыыр, ол эрээри арыый сырдык диэн көрдөрбүтэ. Ону таhынан, ааҕылларынан, хаспах хахайдара араҕастан маҕаҥҥа диэри өҥнөөх бүтэй, хаптайбыт нуолур түүлэртэн турар олус хойуу, чиҥ ньуолах түүлээхтэр уонна олортон аҕыйах кыллаахтар эбит, ол мууhуруу кэмигэр адаптация буолар.[33]

Тарҕаныыта уонна олорор сирдэрэ уларыт

 
Испания хоту өттүгэр хаспах хахайдара уонна атын фауна Мууhуруу Кэмигэр, Маурицио Антон уруhуйа

Хаспах хахайа сэлии хонуу куйаардарын сирдэрин нөҥүө Беринг муостатытан Европаттан Аляскаҕа диэри биир кэлимсэ бөлөҕү үөскэппитэ.[34] Пиреней тумул арыытыттан, Соҕуруулуу-Илиҥҥи Европаттан, Улуу Британияттан, Орто Европаттан, Илин Европа көнө ньуурдаах сирдэриттэн, Хоту Евразия улахан өттүттэн ылата Канадаҕа, Аляскаҕа диэри кини олус киэҥник тарҕаммыта. Отой былыргы биллэр тааhырбыт уҥуохтара Саха сирин хотугулуу- илин өттүгэр булуллубуттара уонна радиоуглеродунан саастарынан 62400 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыттар диэн дааталаммыттара. Отой эдэр, хойукку биллэр тааhырбыт уҥуохтара 11925 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыттар, итилэри Аляскаҕа Фэрбенкс чугаhыгар булаттаабыттар.[6]

Испанияҕа Ла Гарма диэн хайаларын хаспахтарын комплексыгар хаһар үлэлэр түмүктэригэр булуллубут тарбахтарын уҥуохтара 14300-14000 сыллааҕыта диэн радиоуглеродунан дааталаммыттар.[35] Словакияҕа бастарын, бууттарын уонна таастарын уҥуохтара карст (уу үөскэппит) хайа хаспахтарыгар 240 м-тэн 1133 м-ҕэ диэри үрдүктээх булгунньахтаах уонна хайалаах сирдэригэр булуллубуттара.[36]

Саха сиригэр Хайырҕас хайа хаспаҕар хаспах хахайын уҥуохтара дьон, бөрө, хотугу таба, плейстоцен сылгытын уонна балык уҥуохтарын кытта 13200-21500 саастаах сир араҥатыттан булуллубуттара.[37]

2008 сыллаахха Россияҕа Чукотка автономиялаах уокуругар Малый Анюй өрүс аттыгар хаспах хахайын түүтэ онон-манан ордон хаалбыт үчүгэй туруктаах экземпляра булуллубута.[38] Хаспах хахайа арааһа үксүгэр аһаҕас хонуу сирдэргэ олорбут, ол эрээри аһаҕас ойуурдарга эмиэ көстүтэлиэн сөп курдук.[6]

Арыйыылар уларыт

 
"Спарта", Сибииргэ Сөмүйэлээх өрүс кытылыттан булуллубут, 28000 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт мумия буолбут хаспах хахайын кыыс оҕото.[18]

2015 сыллаахха Саха сиригэр Уяндина өрүс аттыгар 25000 уонна 55000 саастаах икки тоҥ хаспах хахайын оҕолоро ирбэт тоҥҥо булуллубуттара.[39][40][41] Чинчийиилэр көрдөрбүттэринэн хахай оҕолоро саҥардыы нэдиэлэ эрэ буолбуттар, тоҕо диэтэр тииһиир тиистэрэ ситэ тахса иликтэр эбит. Салгыы үөрэппиттэриттэн көрдөххө хахай оҕолоро билиҥҥи хахайдар курдук ийэлэрин батыһан прайдка төттөрү киирэр гына күүһүрүөхтэригэр диэри ордууларыгар саһа сылдьыбыттар. Чинчийээччилэр сабаҕалыылларынан хахай оҕолоро буор сиҥнэн өлөртөөбүтэ буолуо дииллэр, буор анныгар абалык суоҕа сытыйыыга тиэрдибэтэх уонна күн бүгүҥҥээҥҥэ диэри үчүгэй туруктаах кэлбиттэригэр тиэрдибит. 2016 сылга хахай оҕолоруттан үһүстэрин буларга уонна баҕар ийэлэрин көрдүүргэ иккис экспедиция былааннаммыт.[42]

2017 сыллаахха атын тоҥмут экземпляр, сабаҕалыылларынан, хахай оҕото, Саха сиригэр Тирэхтээх өрүс аттыгар, Индигирка өрүс салаатыгар, булуллубута. Өйдүүллэринэн ити булуллубут хахай оҕотун атыыра 2015 сыллаахха булуллубут оҕолортон арыый обургу эбит, аахпыттарынан балтараа ыйтан икки ыйга диэри улаатан баран өлбүт. [43] 2018 сыллаахха ити булуллубут сиртэн 15 м-ҕэ тэйиччи үчүгэй туруктаах атын хахай оҕотун көрдөөн булбуттар. Өйдүүллэринэн биир ыйыгар 50000 сыл анараа өттүгэр өлбүт уонна сабаҕалыылларынан эрдэ булуллубут хахай оҕотун атыырын бииргэ төрөөбүтэ быһыылаах эбит.[44] Ол эрээри радиоуглерод даататынан кинилэр 15000 сыл уратылаах бэйэ-бэйэлэриттэн туспа олоро сылдьыбыттар, олортон тыhыта аахпыттарынан 28000 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт, онтон атыыра 43448 сыл анараа өттүгэр олоро сылдьыбыт.[18] Икки оҕолор үчүгэй туруктаахтар, кыратык буорту да буоллаллар, олортон тыһыта Мууhуруу Кэмиттэн булуллубут кыыллартан күн бүгүҥҥэ диэри "муҥутуур үчүгэй туруктааҕынан" биллиэн сөп.[45][46][47][48]

Палеобиология уларыт

 
Хаспах хахайа хотугу табалыын, Генрих Гардер уруhуйа[49]

Хаспах хахайа сэлии хонуу куйаардарын уонна бореальнай ойуурдар курдук аһаҕас сирдэргэ олорбут. Кини сэлии хонуу куйаардарын биир тутаах көрүҥэ эбит, бороҥ бөрөнү, хаспах гиенатын уонна хагдаҥ эһэни кытта сиэмэх кыыллар чыпчааллара буоларын быhыытынан.[50] Олус элбэх хаспах хахайын уҥуохтара хайа хаспахтарыгар хаһар үлэлэр түмүктэригэр булуллубуттара, ол сирдэргэ кинилэри кытта хаспах гиенатын, хаспах эһэтин уҥуохтара уонна таас үйэтинээҕи артефактар булуллубуттара.[51][52] Билиҥҥи хахай курдук элбэх төбөлөөх үөрү үөскэтэрэ биллибэт, сорох бэлиэлэр соҕотох сылдьарын ордорор курдук көрдөрөллөр эбит.[50]

Уҥуохтарыгар баар коллагены изотоп анализтарын түмүгэ көрдөрбүтүнэн хаспах хахайын аһылыгын рационугар сүрүннээн хаспах эһэтин, хотугу таба уонна атын моонньулаах табалар көрүҥнэрин оҕолоро киирсэллэр эбит. Арыый хойукку хаспах хахайдара арааhа аан бастаан хотугу табалары тарҕаммыт сирдэринэн иккиэн эстиэхтэригэр диэри бултаhаллар эбит.[53] Атын бултанар көрүҥнэринэн аарыма улахан таба, кыыл сылгы, овцебык, зубр, хонуу куйаарын бизона, эдэр түүлээх носорог уонна эдэр түүлээх сэлии буолуохтарын сөп. Бултуур аһылыгын былдьаһан европатааҕы мууһуруу кэминээҕи леопардары (P. pardus spelaea), ону кытта хаспах гиеналарын, хаспах эһэлэрин уонна бөрөлөрү кытта күрэстэспит буолуон сөп.[54] Изотоп анализтарын үөрэтии түмүгэ хаспах хахайдара үксүгэр хотугу таба этин сииллэр этэ диэн көрдөрбүт.[50]

Салгыы көр уларыт

Сигэлэр уларыт

  1. Diedrich, C. G. (2014). «Palaeopopulations of Late Pleistocene Top Predators in Europe: Ice Age Spotted Hyenas and Steppe Lions in Battle and Competition about Prey». Paleontology Journal 2014: 1–34. DOI:10.1155/2014/106203.
  2. 2,0 2,1 2,2 2,3 (2004) «Molecular phylogeny of the extinct cave lion Panthera leo spelaea». Molecular Phylogenetics and Evolution 30 (3): 841–849. DOI:10.1016/j.ympev.2003.07.020. PMID 15012963.
  3. 3,0 3,1 3,2 (2009) «Phylogeography of lions (Panthera leo ssp.) reveals three distinct taxa and a late Pleistocene reduction in genetic diversity». Molecular Ecology 18 (8): 1668–1677. DOI:10.1111/j.1365-294X.2009.04134.x. PMID 19302360.
  4. 4,0 4,1 (2016) «Mitogenomics of the Extinct Cave Lion, Panthera spelaea (Goldfuss, 1810), Resolve its Position within the Panthera Cats». Open Quaternary 2. DOI:10.5334/oq.24.
  5. 5,0 5,1 (2020) «The evolutionary history of extinct and living lions». Proceedings of the National Academy of Sciences of the United States of America 117 (20): 10927–10934. DOI:10.1073/pnas.1919423117. PMID 32366643. Халыып:Bibcode.
  6. 6,0 6,1 6,2 6,3 6,4 6,5 (2011) «Extinction chronology of the cave lion Panthera spelaea». Quaternary Science Reviews 30 (17): 2329–2340. DOI:10.1016/j.quascirev.2010.04.023. Халыып:Bibcode.
  7. Goldfuss, G. A. (1810). Die Umgebungen von Muggensdorf. Erlangen: Johann Jakob Palm. 
  8. Diedrich, C. G. (2008). «The holotypes of the upper Pleistocene Crocuta crocuta spelaea (Goldfuss, 1823: Hyaenidae) and Panthera leo spelaea (Goldfuss, 1810: Felidae) of the Zoolithen Cave hyena den (South Germany) and their palaeo-ecological interpretation». Zoological Journal of the Linnean Society 154 (4): 822–831. DOI:10.1111/j.1096-3642.2008.00425.x.
  9. Kurtén, B. (1968). Pleistocene Mammals of Europe. London: Weidenfeld and Nicolson. 
  10. Hemmer, H. (1974). «Untersuchungen zur Stammesgeschichte der Pantherkatzen (Pantherinae) Teil 3. Zur Artgeschichte des Löwen Panthera (Panthera) leo (Linnaeus, 1758)». Veröffentlichungen der Zoologischen Staatssammlung 17: 167–280.
  11. Turner, A. (1984). «Dental sex dimorphism in European lions (Panthera leo L.) of the Upper Pleistocene: palaeoecological and palaeoethological implications». Annales Zoologici Fennici 21: 1–8.
  12. Groiss, J. Th. (1996). «Der Höhlentiger Panthera tigris spelaea (Goldfuss)». Neues Jahrbuch für Geologie und Paläontologie (7): 399–414. DOI:10.1127/njgpm/1996/1996/399.
  13. Spassov, N.; Iliev, N. (1994). "Animal remains from the submerged Late Eneolithic – early Bronze Age settlements in Sozopol (South Bulgarian Black Sea Coast)". Proceedings of the International Symposium VI. Thracia Pontica. pp. 287–314. 
  14. Sotnikova, M. (2006). «Systematic position of the cave lion Panthera spelaea (Goldfuss) based on cranial and dental characters». Quaternary International 142-143: 218–228. DOI:10.1016/j.quaint.2005.03.019. Халыып:Bibcode.
  15. (2008) «Phylogeny of the great cats (Felidae: Pantherinae), and the influence of fossil taxa and missing characters». Cladistics 24 (6): 977–992. DOI:10.1111/j.1096-0031.2008.00226.x. PMID 34892880.
  16. (2001) «The Pleistocene cave lion, Panthera spelaea (Carnivora, Felidae) from Yakutia, Russia». Cranium 18 (1): 7–24.
  17. 17,0 17,1 (2020) «Early Pleistocene origin and extensive intra-species diversity of the extinct cave lion». Scientific Reports 10 (1). DOI:10.1038/s41598-020-69474-1. PMID 32724178. Халыып:Bibcode.
  18. 18,0 18,1 18,2 (2021) «The preliminary analysis of Cave Lion cubs Panthera spelaea (Goldfuss, 1810) from the permafrost of Siberia». Quaternary 4 (3). DOI:10.3390/quat4030024.
  19. 19,0 19,1 Chauvet, J.-M.; Brunel, D. E.; Hillaire, C. (1996). Dawn of Art: The Chauvet Cave. The oldest known paintings in the world. New York: Harry N. Abrams. https://archive.org/details/dawnofartchauvet0000chau. 
  20. 20,0 20,1 (2014) «First Asian record of Panthera (Leo) fossilis (Mammalia, Carnivora, Felidae) in the Early Pleistocene of Western Siberia, Russia». Integrative Zoology 9 (4): 517–530. DOI:10.1111/1749-4877.12082. PMID 24382145.
  21. (2010) «Two forms of cave lion: Middle Pleistocene Panthera spelaea fossilis Reichenau, 1906 and Upper Pleistocene Panthera spelaea spelaea Goldfuss, 1810 from the Bisnik Cave, Poland». Neues Jahrbuch für Geologie und Paläontologie, Abhandlungen 258 (3): 339–351. DOI:10.1127/0077-7749/2010/0117.
  22. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); Stuart20118 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  23. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); Manuel_al20208 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  24. Цитата сыыһата: Сыыһа <ref> тиэк (тег); Barnett20097 диэн хос быһаарыыларга аналлаах тиэкис суох
  25. Leroi-Gourhan, A.; Allain, J. (1979). Lascaux inconnu. XXIIe supplement à "Gallia Préhistoire". Paris. 
  26. (2004) «Evolution of the mane and group-living in the lion (Panthera leo): a review». Journal of Zoology 263 (4): 329–342. DOI:10.1017/S0952836904005242.
  27. Bahn, P. G.; Vertut, J. (1997). Journey Through the Ice Age. London: Weidenfeld & Nicolson. ISBN 9780297835882. https://archive.org/details/journeythroughic00bahn. 
  28. Guthrie, R. D. (2005). The Nature of Paleolithic Art. Chicago: University of Chicago Press. 
  29. Sherani, Shaheer (2016). «A new specimen-dependent method of estimating felid body mass». PeerJ Preprints: 16. DOI:10.7287/peerj.preprints.2327v2.
  30. Koenigswald, W. v. (2002) (in de). Lebendige Eiszeit: Klima und Tierwelt im Wandel. Stuttgart: Theiss. ISBN 978-3-8062-1734-6. 
  31. Koenigswald, W. v. (2002). Lebendige Eiszeit. Darmstadt: Theiss-Wissenschaftliche Buchgemeinschaft. ISBN 3-8062-1734-3. 
  32. Diedrich, C. G. (2011). «Late Pleistocene Panthera leo spelaea (Goldfuss, 1810) skeletons from the Czech Republic (central Europe); their pathological cranial features and injuries resulting from intraspecific fights, conflicts with hyenas, and attacks on cave bears». Bulletin of Geosciences 86 (4): 817–840. DOI:10.3140/bull.geosci.1263.
  33. (2016) «Morphological and genetic identification and isotopic study of the hair of a cave lion (Panthera spelaea Goldfuss, 1810) from the Malyi Anyui River (Chukotka, Russia)». Quaternary Science Reviews 142: 61–73. DOI:10.1016/j.quascirev.2016.04.018. Халыып:Bibcode.
  34. Ersmark, E., Orlando, L., Sandoval-Castellanos, E., Barnes, I., Barnett, R., Stuart, A., Lister, A., Dalén, L. (2015). «Population Demography and Genetic Diversity in the Pleistocene Cave Lion». Open Quaternary 1 (1): Art. 4. DOI:10.5334/oq.aa.
  35. Cueto, M., Camarós, E., Castaños, P., Ontañón, R., and Arias, P. (2016). «Under the Skin of a Lion: Unique Evidence of Upper Paleolithic Exploitation and Use of Cave Lion (Panthera spelaea) from the Lower Gallery of La Garma (Spain)». PLOS ONE 11 (10): e0163591. DOI:10.1371/journal.pone.0163591. PMID 27783697. Халыып:Bibcode.
  36. Sabol, M. (2011). «A record of Pleistocene lion-like felids in the territory of Slovakia». Quaternaire (4): 215−228.
  37. Kuzmin, Y. V., Kosintsev, P. A., Stepanov, A. D., Boeskorov, G. G., and Cruz, R. J. (2017). «Chronology and faunal remains of the Khayrgas Cave (Eastern Siberia, Russia)». Radiocarbon 59 (2): 575−582. DOI:10.1017/RDC.2016.39.
  38. (2015) «On the discovery of a cave lion from the Malyi Anyui River (Chukotka, Russia)». Quaternary Science Reviews 117: 135–151. DOI:10.1016/j.quascirev.2015.03.029. Халыып:Bibcode.
  39. "Extinct lion cubs found in Siberia are up to 55,000 years old – latest test results reveal". The Siberian Times. 3 November 2016. http://siberiantimes.com/science/casestudy/news/n0796-extinct-lion-cubs-found-in-siberia-are-up-to-55000-years-old-latest-test-results-reveal/. 
  40. Koryakina, Anastasia (26 October 2015). "Meet this extinct cave lion, at least 10,000 years old – world exclusive". The Siberian Times. http://siberiantimes.com/science/others/news/n0464-meet-this-extinct-cave-lion-at-least-10000-years-old/. 
  41. Black, Riley (28 October 2015). "Frozen Cave Lion Cubs from the Ice Age Found in Siberia". National Geographic News (National Geographic). https://www.nationalgeographic.com/science/article/151028-cave-lion-frozen-permafrost-science/. 
  42. "Whiskers still bristling after more than 12,000 years in the Siberian cold". The Siberian Times. 17 November 2015. http://siberiantimes.com/science/casestudy/news/n0491-whiskers-still-bristling-after-more-than-10000-years-in-the-siberian-cold/. 
  43. "Extinct cave lion cub in 'perfect' condition found in Siberia rising cloning hopes". The Siberian Times. 9 November 2017. http://siberiantimes.com/science/casestudy/news/extinct-cave-lion-cub-in-perfect-condition-found-in-siberia-rising-cloning-hopes/. 
  44. Gertcyk, Olga (12 September 2018). "Cute first pictures of new 50,000 year old cave lion cub found perfectly preserved in permafrost". The Siberian Times. https://siberiantimes.com/science/casestudy/news/cute-first-pictures-of-new-50000-year-old-cave-lion-cub-found-perfectly-preserved-in-permafrost-of-yakutia/. 
  45. Hunt, K. (5 August 2021). "Perfectly preserved cave lion cub found frozen in Siberia is 28,000 years old. Even its whiskers are intact". CNN. https://edition.cnn.com/2021/08/05/world/frozen-cave-lion-cubs-siberia-scn/index.html. 
  46. Fitzsimons, T. (6 August 2021). "Scientists unveil extinct Ice Age lion cubs pulled from Russian permafrost: The scientists believe that the cave lion cubs, dubbed Boris and Sparta, each briefly roamed the steppe of what is now eastern Russia thousands of years ago". NBC News. https://www.nbcnews.com/science/science-news/scientists-pull-extinct-cave-lion-cubs-russian-permafrost-n1276137. 
  47. Gertcyk, O. (9 August 2021). "Meet Sparta, the 'best preserved ice age animal ever found'". The Siberian Times. https://siberiantimes.com/other/others/news/meet-sparta-the-best-preserved-ice-age-animal-ever-found/. 
  48. Халыып:Cite magazine
  49. Bölsche, W.; Harder, H. (1900). Tiere der Urwelt. Serie III. Wandsbek-Hamburg: Verlag der Kakao-Compagnie Theodor Reichardt. 
  50. 50,0 50,1 50,2 Bocherens, H. (2015). «Isotopic tracking of large carnivore palaeoecology in the mammoth steppe». Quaternary Science Reviews 117: 42–71. DOI:10.1016/j.quascirev.2015.03.018. Халыып:Bibcode.
  51. Diedrich, C. G. (2011). «The largest European lion Panthera leo spelaea (Goldfuss 1810) population from the Zoolithen Cave, Germany: specialised cave bear predators of Europe». Historical Biology 23 (2–3): 271–311. DOI:10.1080/08912963.2010.546529.
  52. Diedrich, C. G. (2011). «Pleistocene Panthera leo spelaea (Goldfuss 1810) remains from the Balve cave (NW Germany) - a cave bear, hyena den and middle palaeolithic human cave – and review of the Sauerland Karst lion cave sites». Quaternaire 22 (2): 105–127. DOI:10.4000/quaternaire.5897.
  53. (2011) «Isotopic evidence for dietary ecology of cave lion (Panthera spelaea) in North-Western Europe: prey choice, competition and implications for extinction». Quaternary International 245 (2): 249–261. DOI:10.1016/j.quaint.2011.02.023. Халыып:Bibcode.
  54. Diedrich, C. G. (2013). «Late Pleistocene leopards across Europe – northernmost European German population, highest elevated records in the Swiss Alps, complete skeletons in the Bosnia Herzegowina Dinarids and comparison to the Ice Age cave art». Quaternary Science Reviews 76: 167–193. DOI:10.1016/j.quascirev.2013.05.009. Халыып:Bibcode.

Тас сигэлэр уларыт

Халыып:Wikispecies

 
Wikimedia Commons
Хаспах хахайа Биики Хааһахха

Халыып:Taxonbar Халыып:Authority control