Азра́ Акы́н (дьиҥэр кинии аата Азра́ Аки́н диэн буолуохаатаҕын сыыһа транскрипциялаан суруйаллар; 1981 сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр төрөөбүт, Турция өрөспүүбүлүкэтэ, Алмело куорат) — турок биллиилээх артыыһа, аан дойду таһымнаа модела уонна үҥкүүһүтэ. 2002 сыллаахха аан дойду үрдүнэн ыытыллар «Мисс мира» кэрэ дьахталлар куонкурустарын муҥутуур кыайыылааҕа.

Биографията уларыт

Азра Акын 1981 сыллаахха ахсынньы 8 күнүгэр Алмело диэн дьоҕус куоракка турок ыалын дьиэ кэргэнигэр төрөөбүт. Кини төрөппүттэрэ, Назым уонна Айда, 1971 сыллаахха Турцияттан куотан, эмиграциялаан барбыт дьон. Азра Акын бииргэ төрөөбүт балтылаах. Кини аата Дорук диэн[1]. 1998 сыллаахха 17 саастааҕар Азра Акын Турцияҕа элитнэй дэнэр модель аатын сүкпүтэ. Европа араас куораттарыгар ыытыллар элитнэй моделлар күрэхтэригэр кыттыбыта. Ницца куоракка ыытыллыбыт кэрэ дьахталлар куонкурустарыгар уон биэс бастыҥ кыыс иһигэр киирэн, финалга тахсыбыта. Ити кэннэ кини молель быһыытынан Германияҕа «Otto GmbH» диэн аатырбыт, биллэр улахан хампаанньаҕа эмиэ модель быһыытынан үлэлээбитэ.

2002 сыллааха Азра Акын «Мисс Турция» диэн Турция кэрэ дьахталларын ортотугар ыытыллар куонкуруска бастаабыта. Ол түиүгэр кини «Мисс мира» куонкуруска кыттар чиэскэ тиксибитэ уонна онно тиийэн, эрэлээхтик кыайбыта[2][3]. Ол куонкуруска бириис быһыытынан киниэхэ 156 тыһыынча Америка дуолларын туттарбыттара. Бирииһи 2001 сыллааҕы куонкурус муҥутуур кыайыылааҕа Агбани Дарего туттарбыта[4][5]. 2003 сыллаахха, кини Мисс Мира эбээһинэһин толорон Улуу Британияөа, Турцияҕа, АХШка, Саҥа Зеландияҕа, Ирландияҕа, Ямайкаҕа,Австралияҕа,Китайга уонна да атын дойдуларга сылдьыбыта.[6] Үгүс аһымал аахсыйа сирэйэ буолбута.[7] Кини үрдүгэ - 176 см.

Азра Акын турок тылын, нидерланд тылын уонна англия тылын толору билэр[8][9].[10] [11]

Бэлиэтээһиннэр уларыт

  1. Sabah News. Birinci olmak beni değiştirmedi. Тургутулунна 23 Ахсынньы 2010.
  2. Star Gazete. Star‘la star oldular. Тургутулунна 23 Ахсынньы 2010.
  3. Hello Magazine. Turkey's Azra Akin wins Miss World. Тургутулунна 23 Ахсынньы 2010.
  4. The Turkish Times. Miss Turkey Wins Miss World Competition. Тургутулунна 23 Ахсынньы 2010.
  5. BBC. "Miss Turkey Wins Miss World". http://news.bbc.co.uk/1/hi/england/2552593.stm. Retrieved on 2010-12-23. 
  6. Азра Акын турецкая актриса. Тургутулунна 3 Ахсынньы 2016.
  7. Красота по-турецки | Восточный экспресс. Тургутулунна 8 Ахсынньы 2016.
  8. The Guardian. "Channel 4 lets The Games begin". http://www.guardian.co.uk/media/2003/aug/01/realitytv.channel4. Retrieved on 2010-12-23. 
  9. UK Game Shows. The Games. Тургутулунна 23 Ахсынньы 2010. Төрүт сириттэн архыыптанна 30 Сэтинньи 2010.
  10. "MUSTİ, DÜNYA GÜZELİ AZRA İLE TOPKAPI SARAYI’NA KAPANACAK! - Magazinci.com". http://www.magazinci.com/icerikler/magazin/musti-dunya-guzeli-azra-ile-topkapi-sarayina-kapanacak_1535.html. Retrieved on 2016-12-02. 
  11. "Джансу Дере, Фахрие Эвджен и Азра Акын на вечере, посвященном открытию кинофести...". Archived from the original on 2016-12-20. https://web.archive.org/web/20161220074610/http://inserials.net/turkey-serials/18604-dzhansu-dere-fahrie-evdzhen-i-azra-akyn-na-vechere-posvyaschennom-otkrytiyu-kinofesti.html. Retrieved on 2016-12-08. 

Сигэлэр уларыт

https://ru.wikipedia.org/wiki/%D0%90%D0%BA%D1%8B%D0%BD,_%D0%90%D0%B7%D1%80%D0%B0