Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт

Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт диэн этии бэйэ кыаҕа суоҕуттан ыра санааларга оҕустарыытын биллэрэр.

Остуоруйа диэн былыргы олохпут туһунан кэлэр көлүөнэлэрбитигэр анаан кэпсээммит буолар. Сорох остуоруйалар олоххо буолбуту хайдах баарынан кэпсиир буоллахтарына, атыттара бары кэриэтэ баары улаатыннаран, элбэтэн, аһара күүһүрдэн, улаатыннаран, дарбатан көрдөрөллөр. Итини тэҥэ аҥардас ыра санаалар тустарынан кэпсиир аптаах остуоруйалар эмиэ бааллар. Ол аата остуоруйаларбыт эмиэ “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиигэ сөп түбэһэн дьиҥнээх олох остуоруйалара уонна ыра санаа остуоруйалара диэн икки аҥы арахсаллар.

Оҕо кыра эрдэҕинэ ким эрэ баҕа санаатын толорон биэрэригэр үөрэнэн улаатар. Ийэ, аҕа оҕо кыра эрдэҕинэ бары баҕа санаатын толороллор, көрөллөр-истэллэр. Арай оҕо улаатан, этэ-сиинэ ситэн истэҕинэ өйө-санаата уларыйыахтааҕын, бэйэтин баҕа санааларын бэйэтэ толорорго үөрэниэхтээҕин төрөппүттэр билиэ, бу уларыйыылары хойутаппакка эрэ киллэрэн биэриэ этилэр. Ол аата төрөппүттэр оҕо бары баҕа санаатын толорон биэрэн иһэр санааларын хаалларан, тохтотон, оҕо бэйэтин баҕа санааларын, көрдөбүллэрин бэйэтэ толорорун ситистэхтэринэ, онно үөрэттэхтэринэ оҕолоро киһи буолууну ситиһэр кыахтанар. Оҕо аһыырга баҕа санаатын толороору бытыылкатын бэйэтэ тутарга үөрэнэриттэн баҕа санаатын бэйэтэ толоруута саҕаланар.

Улахан да дьон ким эрэ баҕа санааларын толорон биэрэригэр олуһун баҕараллар. Араас социальнай көмөлөрү оҥоруу кыамматтар баҕа санааларын толоро сатааһын биир көрүҥэ буолар. Дьадаҥы киһи баайа, кыаҕа, күүһэ тиийбэтинэн араас баҕа санааларын кыайан толорбокко ыра санааҕа кубулутара олус элбэх. Ол иһин дьадаҥы киһи баҕа, ыра санаата аһара элбэх буоларын, таһынан таһымныырын бэлиэтээн “Дьадаҥы киһи остуоруйаһыт” диэн өс хоһооно оҥорбуттар.(1,52).

Дьадаҥы киһи оҥорууга, тутууга кыаҕа, күүһэ тиийбэтиттэн олус элбэхтик хаһан да туолбат ыра санааларын саныырыттан, ол санаалара үгэскэ кубулуйан хаалбыттарын түүлүгэр элбэхтик көрүөн сөп. Кэлин ол санааларын бэйэтэ итэҕэйэн оннук үтүө, ыра санаа дойдута баарын курдук саныан сөп.

Католическай, православнай таҥара дьиэлэрэ киһи өллөҕүнэ ыра санаатын дойдутугар, Ырайга тиийэн көҥүл талбытынан сылдьар, баҕа санаатын барытын толорор диэн итэҕэйэр дьону барыларын албынныыллар. Сахалыы ыра санаа диэни уларытан Ырай дойдута диэни айан оҥорбуттар. Манна ордук дьадаҥылар, ыра, баҕа санааларын кыайан толорботтор эрээри, куруук олору санааларыгар оҥорон көрө сылдьалларыттан онно ылларан хаалаллара Ырай дойдута үөскээһинигэр төрүөт буолбут. Кинилэр ыра санаабыт арай өллөхпүтүнэ туолуо, Ырайга тиийиэхпит диэн православнай таҥара дьиэтин албыныгар киирэн биэрэллэр.

Элбэх араас аптаах остуоруйалары дьадаҥы дьон оҥорбуттара саарбаҕа суох. Тохтоло суох ас буһарар көһүйэни аһылыктара тиийбэт дьон баҕа санаа оҥостуохтарын сөп. Ол курдук элбэх, талбыт астаах, тот киһи атын ас баарын туһунан санаатыгар да оҕустаран көрбөккө эрэ атынынан, үлэнэн-хамнаһынан дьарыктана сылдьар кыахтаах. Онтон аччык киһи ас туһунан санаата аһара барыан, ыра санааҕа кубулуйуон, араас аптаах остуоруйалары үөскэтиэн сөп.

Ыра санаалар диэн киһи хаһан да туолбат, бэйэтин кыаҕынан кыайан толорбот баҕа санаалара ааттаналлар. Үгүс дьон ыра санааҕа элбэхтик оҕустарыылара баар олохтон тэйэн барыыларын, албын, минньигэс санааҕа ылларыыларын үөскэтэр. Ол албын санаалара кэлин үгэс буолан хааллахтарына киһи бэйэтэ онтун итэҕэйэрэ тиийэн кэлиэн сөп. Бары улахан таҥаралар дьон баҕа санаалара үгэскэ кубулуйбуттарыттан үөскээбиттэр.

Баай киһи харчы, баай эккирэтиитигэр олоҕун аныырыттан араас элбэх ыра санааларга оҕустарар, ону саныы сытар солото суох. Баай киһи баҕа санаатынан баайын, харчытын элбэтии буоллаҕына, кини утуйарын, сынньана сытарын умнан туран үлэлиир, барар-кэлэр, өйүн-санаатын онно уурар. Үлэни-хамнаһы кыайыыга, туһалаах үлэни оҥорууга баай дьону үтүктүү туһата улаханын, аныгы ырыынак үйэтигэр туһанабыт. Ол курдук дьоҥҥо баайга-малга тардыһыы олохторун сыала буоллаҕына уонна үчүгэйи, куһаҕаны таба арааран туһаннахтарына үлэни-хамнаһы сайыннарыахтарын сөп. Арай үлэлээн-хамсаан байбыттар билигин аҕыйахтара, босхо ылан, онон туһанан байбыттары эдэрдэр үтүктэ сатыылларын элбэттэ. Ырыынак саҕаланыытыгар үллэстиигэ барыһыран босхону ылан байбыттар элбэхтэриттэн куһаҕан быһыылар, уоруулар, халааһыннар билигин элбээн тураллар.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр бары дьадаҥылары, туга да суохтары, үлэни-хамнаһы кыайбаттары үтүктэммит, батыһаммыт билигин ханнык да үлэни эдэрдэрбит кыайан үлэлээбэт буола мөлтөөн сылдьаллар. Элбэх үлэлээх тыабыт сиригэр үлэлии хаалар эдэрдэр букатын суохтарын кэриэтэ. Билигин оҕону кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ-хамнаска ииттэхпитинэ, үөрэттэхпитинэ, оннук үгэстэри иҥэрдэхпитинэ эрэ, бу үөрэхтээһини эккирэтииттэн халыйан, сыыһа барбыт хайысхаттан босхолонор кыахтаахпыт.

Киһилии баҕа санаа диэн киһи бэйэтин кыаҕынан, күүһүнэн ситиһэр баҕа санаата, киһилии быһыыны аһара барбат буоллаҕына ааттанар. Киһилии баҕа санаа туолуута киһи санаатын толорон дьоллоох буолуутун үөскэтэринэн дьиҥнээх туһаны оҥорор.

Араас, киһи бэйэтин кыаҕынан толорбот ыра санааларыгар ылларыы киһилии олоххо сөп түбэспэт, өйү-санааны онон-манан туһата суоҕунан аралдьытыы, саататыы буолар.

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Саха таабырыннара, өс хоһоонноро, чабырҕахтара / хомуйан оҥордо И.К.Попов. - Дьокуускай: Бичик, 2006. - 112 с.