Лөкөчөөн нэһилиэгэ (Бүлүү улууһа)

(Мантан: Лөкөчөөн көстө)

Лөкөчөөн нэһилиэгэ — Бүлүү улууһун нэһилиэгэ, киинэ Лөкөчөөн.

БүлүүКыһыл СыырАрыылаах нэһилиэгэЧернышевскай нэһилиэгэЧернышевскай нэһилиэгэЧочу нэһилиэгэХалбаакы нэһилиэгэБастакы Күүлэт нэһилиэгэТылгыны нэһилиэгэБаппаҕаайы нэһилиэгэКыргыдай нэһилиэгэТоҕус нэһилиэгэҮгүлээт нэһилиэгэТааһаҕар нэһилиэгэБастакы Тоҕус нэһилиэгэБөкчөҥөө нэһилиэгэБороҕон нэһилиэгэДьөккөн нэһилиэгэИккис Күүлэт нэһилиэгэХаҕын нэһилиэгэЛөкөчөөн нэһилиэгэӨкүндү нэһилиэгэӨлөөн улууһаЭдьигээн улууһаКэбээйи улууһаҮөһээ Бүлүү улууһаГорнай улууһа

Улуус кииниттэн 179 км Бүлүү суолунан соҕуруулуу-илин диэкки сытар.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 419 киһи (2007 сыл).

Сирин уопсай иэнэ 5 627 гектар
Ол иһигэр оттонор сирэ — 2 976 гектар
Мэччирэҥ сирэ — 517,9 гектар
Бултанар сирэ — 517,9
Ыарҕа, толоон, маар — 219,4
Тиит мастаах ойуур — 186,8
Хатыҥ мастаах ойуур — 14,2

Историяттан уларыт

1917 сыллаахха диэри нэһилиэк Орто Бүлүү улууһун Өргүөт нэһилиэгэр киирсэр этэ. Орто Бүлүү өргүөттэрин туһунан бастаан 1639 с. сурукка киирбит, онтон туспа кыра нэһилиэк быһыытынан «на Токсоме озере» 1640 с. Бүлүү умнаһын 35 буолаһын иһигэр ахтыллыбыта. Уонна 1675 с. диэри сурукка баар курдук эрээри, 1808 сыллаахха диэри сурукка суох. Итиэннэ 1816 с. ревизскаэй скаскаҕа[биллибэт тиэрмин] Өргүөт нэһилиэгэр 90 эр киһи, 82 дьахтар испииһэккэ суруллубут. Ити 172 киһиттэн 157 киһи сүрэхтэммит.

Өргүөт нэһилиэгэ итинтэн ыла 1917 с., Баппаҕаайы нэһилиэгэ туспа арахсыар диэри уларыйбат. Лөкөчөөн билиҥҥи көрүҥүнэн Баппаҕаайы нэһилиэгиттэн арахсан 1989 сыл алтынньы 30 күнүгэр Саха АССР Үрдүкү Сүбэтин уурааҕынан тэриллибитэ.

Тыа хаһаайыстыбатын көрдөрүүлэрэ уларыт

2005 с. нэһилиэнньэҕэ 459 ынах сүөһү, ол иһигэр ыанар ынах — 214, сылгы — 2005, ол иһигэр биэ 112 төбө баар эбит.

Нэһилиэк биллиилээх дьонноро уларыт

Сигэлэр уларыт