Никифоров Степан Семенович

Никифоров Степан Семеновичтылбаасчыт, учуутал, редактор.

Олоҕун олуктара уларыт

Никифоров Степан Семенович 1906 с. Таатта оройуонун Эһэ нэһилиэгэр Хочо диэн сиргэ (билигин Томпо улууһа Байаҕантай) төрөөбүтэ. Кириэс-Халдьаайы сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран 1928-1929 сс. үөрэх сылыгар Дьокуускайга политехническай сырдатар үлэһиттэр биир сыллар куурустарыгар үөрэммитэ. Ол кэнниттэн Тааттаҕа учууталлаабыта. 1929 с. сайын Эһэ нэһилиэгэр ыытыллыбыт сир реформатыгар үлэлээбитэ. 1941-1961 сс. Саха Сиринээҕи кинигэ издательствотыгар дириэктэринэн үлэлээбитэ. 1961-1971 сс. Саха АССР кэмитиэтигэр сурук отделын сэбиэдэссэйинэн үлэлээбитэ.

Степан Семенович 1931 с. ССКП чилиэнэ этэ Издательствоҕа үлэлии олорон ССКП Дьокуускай кулраттааҕы кэмитиэтин чилиэнинэн, баартыйа Саха уобаластааҕы кэмитиэтин ревизионнай хамыыһыйатын чилиэнинэн талыллыбыта.

1972 с. сэтинньи 23 к. олохтон туораабыта.

Айар үлэтэ уларыт

Э.Казакевич "Сулус" диэн сэһэнин (1949), Елена Кошевая "Уолум туһунан сэһэн" диэн кинигэтин (1950), уо.д.а кинигэлэри тылбаастаан таһааттарбыта.

Сигэлэр уларыт

Николаев Н.С. Томпонский район. Годы. События. Люди 1931-2011. Якутск, 2014 г.