Тойон уонна хотун диэн саха дьонугар салайааччылар ааттаналлар.

Ытыктабыллаах дьоммутун «Тойоттор уонна хотуттар» диэн ыҥырдахпытына, сорохтор баҕар хомойбут курдук сананыахтара. Итинник хом санаа киириитигэр бу тыллар сүрүн өйдөбүллэрин ситэ билбэккэ, сыаналаабакка сылдьыы тириэрдэр. Ааспыт «социализм» кэмигэр чааһынай бас билиини букатыннаахтык эһии, дьону барыларын тэҥнии сатаан туох да бас билэр, дьаһайар баайа-мала суох, дьадаҥыларга кубулутуу, ким да, тугу да саҥалыы оҥорорго уонна баары даҕаны харыстыырга кыһамматтарыгар тириэрдэн кэбиспитэ, бу тыллар мөлтөөһүннэрин үөскэппитэ.

Билигин, ырыынак сыһыана киирэн эрэр кэмигэр, ити ааспыт кэмҥэ олохсуйбут өйү-санааны сыыйа уларытан, урукку, чааһынай бас билии баарын саҕанааҕы оннугар түһэрии үлэтэ ыытыллар. Киһи кыра да буоллар бэйэтэ бас билэр, салайар дьыалаланнаҕына, баайданнаҕына-малланнаҕына өйө-санаата сайдыыта тирэхтэнэн дириҥ силистэнэригэр, сайдыыны ситиһэригэр олук ууруллар.

Былыргы кэмҥэ сахалар аан маҥнай аҕа уустарынан олорбуттар. Аҕа ууһун баһылыга «Аҕа тойон»- диэн ааттаах буолуохтааҕын билигин ханнык даҕаны саха киһитэ саарбахтаабат. Сахаларга «Аҕа»- диэн тыл суолтатыгар «Тойон» - диэн тыл киэҥник туттуллар эбит. Ол туттулла сылдьыбыт бэлиэтинэн, ыаллар кийииттэрэ кэргэнин аҕатын «Тойонум», онтон кэргэнин ийэтин «Хотунум» диэн ааттаан билигин даҕаны ыҥырара буолар. Маннык сыһыаннаһыы олус былыргыттан олохсуйбут үгэс буолара быһаарыллар. Бу үгэс сахалар олохторугар аҕа уонна ийэ аан маҥнайгы дуоһунастаах дьон буолалларын уонна элбэх ахсааннаах дьиэ кэргэни хааччыйар туох баар үлэни-хамнаһы барытын бэйэлэрэ салайан олорбуттарын көрдөрөр.

«Аҕа» уонна «Ийэ» диэн тыллар оннуларыгар «Тойон» уонна «Хотун» диэн тыллар туттулла сылдьыбыт бэлиэлэрэ ити ааттаммыт үгэстэргэ иҥэн ордон хаалбыт.

Билигин туттуллар «Тойонноо»- диэн тыл урукку кэмҥэ тойон киһи улахан былаастааҕын, били этэргэ дылы: «Кутургуйа таптаабытынан тахсар, тойон талбытынан дьаһайар»,- диэн этиигэ толору сөп түбэһэ сылдьыбытын көрдөрөр. Оччотооҕу суут-сокуон мөлтөх кэмигэр сыыһа-халты, аһара туттуулар хайа да өттүттэн таһаарыллаллара биллэллэр. Оччотооҕу, ыраахтааҕы баарын саҕанааҕы кэмҥэ Саха сирин олохтоохторун үгүс өттүлэрэ бэйэлэрин үлэлэрин-хамнастарын сөптөөхтүк тэрийэн дьаһанар сэниэ ыаллар эбиттэр. Хас биирдии ыал баһылыктара, аҕа уонна ийэ эбэтэр тойон уонна хотун, бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын, элбэх ынахтарын, сылгыларын көрөн салайыыга уонна сайыннарыыга, элбэтиигэ бары кыахтарын ууран кыһаналлар эбит.

Билигин саха дьоно бу тойон, хотун диэн тыллартан куттаммат уонна абааһы көрбөт кэмнэрэ эргийэн кэллэ. Туох да куһаҕаны аҕалбат, көннөрү бэйэлэрин чааһынай хаһаайыстыбаларын үчүгэйдик баһылаабыт, үлэни-хамнаһы сөптөөхтүк көрөн салайар уонна бэйэлэрин оҕолорун, сиэннэрин үлэҕэ-үөрэххэ, үчүгэй майгыга үөрэппит элбэх оҕолордоох аҕа уонна ийэ итинник ааттаналлар.

«Социализм» кэмигэр ким да тугу да бэйэтэ бас билбэтэ, барытын государство эрэ бас билэр этэ. Онтон билигин ырыынак кэмигэр олохтоох дьоҥҥо кыратык эмэтик чааһынай бас билиини син киллэрэн иһэллэр. Маннык чааһынай бас билиини эрэллээхтик дьаһайар уонна үксэтэр дьонунан аҕа уонна ийэ, улаатыннаран ааттаатахха тойон уонна хотун эрэ буолуохтарын сөп. Кинилэр бэйэлэрин хаһаайыстыбаларын бөҕө туруктаахтык тэринэннэр, үлэлэрэ-хамнастара таһаарыыланнаҕына, тубустаҕына Саха республикатын туруга эмиэ бөҕө буолуоҕа.

Саха республикатын бөҕөргөтөргө аан маҥнай аҕа уонна ийэ оруолларын үрдэтэн, баайдарын-дуолларын хаҥатан, тойон уонна хотун буолууларыгар тириэрдии эрэйиллэр. Эдэрдэр, ийэ уонна аҕа буолуу сотору кэминэн, хас да оҕолоннохторуна, дьиэ кэргэн ахсаана эбилиннэҕинэ уонна хаһаайыстыба кэҥээн улааттаҕына, кинилэри бэйэтэ хотун уонна тойон буолууга тириэрдэрин итэҕэйиэхтэрэ этэ. Оҕолордоох ыал ийэтэ уонна аҕата элбэх киһилээх хаһаайыстыба үлэтин-хамнаһын көрөн-истэн салайдахтарына, баайдарын-малларын дьаһайдахтарына эрэ табыллар. Кинилэр бэйэлэрэ үлэлээн-хамсаан, сөптөөхтүк салайан хаһаайыстыбаларын сайыннардахтарына уонна оҕолорун үлэҕэ-хамнаска, үчүгэй майгыга, киһилии быһыыга үөрэттэхтэринэ үчүгэй, талааннаах салайааччылар үүнэн тахсаллар. Элбэх киһини көрөр-истэр, үөрэтэр уонна салайар дьонунан былыргыттан тойон уонна хотун буолаллар.

Ыал аҕалара уонна ийэлэрэ дьиҥнээх салайааччы, тойон уонна хотун буоллахтарына, оҕолоро кинилэри ытыктабыллаахтык ийэ уонна аҕа диэн ааттаан ыҥыра үөрэннэхтэринэ оҕолорун иитэр уонна үөрэтэр күүстэрэ өссө үрдүөхтээх. Төрөппүттэр бэйэлэрин олохторунан оҕолоругар холобур көрдөрөллөр, үлэлээн-хамсаан баайы-малы мунньунарга, ыал олоҕун уустуктарын хайдах туоруурга үөрэтэллэр. Кинилэр оҕолоругар, кэннилэригэр хаалар кэнчээри ыччаттарыгар, үйэлэрин тухары муспут баайдарын-малларын харыстыыр, элбэтэр, туйах хатарааччыларыгар туруорар көрдөбүллэрэ эмиэ үрдээн биэриэхтээх.

Ийэ уонна аҕа оруоллара үрдээһинэ оҕо иитиитигэр сыһыан тосту уларыйыытыгар, төгүрүччү сайдыылаах, тулуурдаах, үчүгэй майгылаах, үлэни-хамнаһы кыайар эдэр көлүөнэни иитэн-үөрэтэн улаатыннарарга тириэрдиэхтээх. Саха дьоно бука бары элбэх ыччаттардаах, кыанар хаһаайыстыбалаах тойон уонна хотун буолууга дьулуһаллар. (1,38).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Каженкин И.И. Үлэ - олох үөрэҕэ. - Дьокуускай: УПК ТРИ, 2010. - 100 с.