Тулаайах оҕо диэн хайа эрэ төрөппүтэ суох оҕо ааттанар.

Оҕо өйө-санаата сайдыытыгар кыра эрдэҕинэ ханнык кэргэҥҥэ, усулуобуйаҕа иитиллэн улааппыта улахан оруолу ыларын саха дьоно арааран бэлиэтииллэр. Элбэх оҕолоох, толору, эйэлээх, үлэһит кэргэҥҥэ улааппыт оҕолор өйдөрө-санаалара туруктаах, бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөһөр, өйөһөр, үлэһит буола улааталлар.

Былыргы кэмҥэ саха дьоно тулаайах оҕо иитиитигэр улахан болҕомтолоохтук сыһыаннаһаллара биллэр. Кинилэр тулаайах оҕо, толору кэргэҥҥэ улааппыт оҕоттон ураты өйдөөх-санаалаах буола улаатарын былыр-былыргыттан бэлиэтиир эбиттэр. Сахаларга тулаайах оҕону иитэргэ уонна үөрэтэргэ сыһыаннаах холбуу этиилэр элбэхтэр. Маннык этиилэри мунньан холбоотоххо, тулаайах оҕону хайдах үөрэтиэххэ сөбүн туһунан толору билиэххэ сөп. Тулаайах оҕо иитиитигэр уонна өйүгэр-санаатыгар тахсар уратылары ити этиилэр эмиэ бэлиэтииллэр.

Тулаайах оҕону үксүгэр соҕотох дьахтар иитэриттэн, бу оҕо иитиитэ кэлтэйдии, аҥар өттүттэн, дьахтар өйүнэн-санаатынан баран хааларын сахалар бэлиэтээн: «Аҥардас дьахтар оҕото» диэн арааран ааттыыллар. Кинилэр өйдөбүллэринэн тулаайах оҕо хайаан даҕаны эбиискэ үөрэтиигэ наадыйар. Тулаайах оҕо толору кэргэн олоҕун ситэ билбэккэ хааларын чугас аймахтара, эр дьоно билсиһиннэрэн, үөрэтэн биэриэхтэрин сөбүн куруук бэлиэтээн этэллэр.

«Тулаайах оҕо хоргус» диэн этии оҕо кыра эрдэҕинэ, ону-маны өйдүүр буолуоҕуттан эр киһи көмүскэлэ суох буолан, куруук мөлтөх курдук сананарыттан үөскээн тахсар өйдөбүлү биэрэр. Оҕо кыра эрдэҕиттэн атын толору кэргэҥҥэ төрөөбүт оҕолортон туспатын, кинилэрдээҕэр ахсаанынан аҕыйаҕын билинэн улаатар. Кини ити иһин атын оҕолору ордугургуу саныыр буола улаатар. Ол санаата улаатан, бэйэтэ күүһүрэн-уоҕуран истэҕинэ аны уларыйан, иһигэр күрэхтэһэ сатааһыҥҥа уонна күөнтэһиигэ кубулуйан барыан сөп. Кыра эрдэҕинэ аҕалаах оҕолор тулаайаҕы аанньа ахтыбаттар, ол иһин кини туспатык тутта сылдьар. Кыра да түбэлтэҕэ хоргуппутун, хомойбутун иһигэр тутан мунньуна сылдьарынан уратыланар. Сорох түгэннэрин ийэтигэр этэн хомолтотун көҕүрэтиэн баҕарар эрээри, аны улаатан уонна ийэтин аһынан ис санаатын эппэт буолар. Тулаайах оҕо ити курдук, хоргуппутун уонна хомойбутун иһигэр тута сылдьар майгылаах буола улаатар буолан кыра да хомолто киниэхэ олус дириҥник киирэн иҥэр, умнуллубат. Кини итинник майгыланан улаатыыта, атын дьону кытта уопсай тылы буларыгар уустуктары, табан өйдөспөт буолууну үөскэтэр.

Туора дьон тулаайах оҕоҕо сыһыаннарын биллэрэллэригэр «Тулаайах оҕону атаҕастаама» диэн этии баар. Бу этии эмиэ тулаайах оҕо бэйэтэ аҕата суох буолан, төрүөҕүттэн атаҕастаммыт курдук сананарыттан үөскээн тахсар өйдөбүл. Бэйэтэ даҕаны атаҕастаммыт, туора көрүллүбүт киһини эбиискэ атаҕастыыр ордук куһаҕан буолуохтааҕын өйдөтөр этии. Тулаайах оҕо майгыныгар кини иитииллиитин уратыта эмиэ дьайар. Аҥардас ийэ оҕотун күнүн курдук көрөн куруук кини баҕатын эрэ толорон, маанылаан, атаахтатан улаатыннарар. Маннык үөрэнэн улааппыт киһи атын киһиттэн туора көрүлүннэҕинэ, ураты хоргус, хомойумтуо буолар.

Аҥардас дьахтар иитэр уол оҕото ордук эрэйгэ түбэһэр. Уола улаатан истэҕинэ, өйө-санаата уларыйан барыытыгар ийэтэ сүбэлээн көмөлөһөрүн оннугар харыстыыр санаата киирэн: «Оҕом кыра, кыаммат. Атыттар туораталлар»,- диэн өйдөбүлү иҥэрэн, атын оҕолортон намыһахтык сананарын, туоратар курдуктарын эбии күүһүрдэн биэрэригэр тиийэр.

Тулаайах оҕо кыра эрдэҕинэ иитиллиитигэр итинник итэҕэстэр бааллара, кини өйүн-санаатын уларыталлар. Оҕо улааттаҕына урукку туора, туспа санана сылдьыбыта олохсуйан хаалан, улахан дьону кытта сыһыаныгар таба суолу тутуһара ыарахан. Кини ордук хомойбутун уонна атаҕастаммытын хаһан даҕаны умна, бырастыы гына охсубат, иһигэр мунньан хаһаана сылдьар идэтин кыайан бырахпат. Тулаайах оҕо иитиитигэр туспа, тастыҥ көмө хайаан да баар буолуохтааҕын саха дьоно бэлиэтииллэр.

Эр киһи уонна кини уола буоланнар хас күн аайы атын дьону эбэтэр бэйэ-бэйэлэрин кытта сыһыаннаһыылара кэҥээн, үөрэхтэрэ эбиллэн иһэллэр. Аҕалаах уол атын дьону кытта сыһыаннара бэйэтэ улаатан истэҕинэ, сыыйа улаатан - кэҥээн иһэллэр. Атын дьону кытта, аҕата хайдах кинилэргэ сыһыаннаһар даҕаны, оннук сыһыаннаһарга көрө сылдьан эрэ үөрэнэн иһэр. Тулаайах уол улаатыар диэри наар ийэтин кытта сылдьар буоллаҕына, атын дьоҥҥо сыһыана эмиэ кыра оҕо ийэтигэр сыһыаныттан уларыйбакка хаалар. Тулаайах оҕо улааттаҕына улахан дьону кытта тапсан биир санааны булара улаханнык уустугурар. Кини кыра аайы, кыра оҕо курдук өһүргэнэн, толлойон иһэр майгынын хаһан даҕаны бырахпат, ураты хомойумтуо майгына олохсуйан хаалбыта олус эрэйдиир.

Оҕо улаатан истэҕинэ ордук улахан оруолу тулуурдаах буолууга үөрэниитэ ылыахтаах. Киһи төһөнөн тулуурдаах даҕаны оччонон олоххо көрсөр ыарахаттарын туоруурга дьоҕура улаатар. Манна киһи тылын уйар, тулуйар буолуу диэн үөрэх эмиэ учуоттаныахтаах. Оннук үөрэх улахан дьону кытта сыһыаҥҥа быһаарар оруолу ылар. Мөҕүллүүнү, үөрэтэн этиини, тыл араас дэгэттэрин таба өйдөөн, сөптөөхтүк сыаналыырга үөрэниигэ тулаайах оҕо улаханнык ночоотурар. Сорох дьон үгэ-хоһоон тылынан кэпсэтэллэрин оҕо киһи табан өйдөөбөккө уратытын саныы сылдьара элбэх буолар.

Киһи киһиэхэ сыһыаныгар ураты тулуурдаах буолууну эйэ-нэмнээхтик олорор ийэ уонна аҕа бэйэлэрин холобурдарынан хас күн аайы оҕолоругар иҥэрэн иһэллэр. Туох эмэ табыллыбатаҕар ордук хомойон иһэр киһиэхэ кыра да өйөбүл тыллара санаатын көтөҕөллөр. Бэйэ холобурунан көрдөрөн үөрэтии суоҕунан, тулаайах оҕо эр киһи уонна дьахтар бэйэ-бэйэлэрин өйдөһөр сыһыаннаһыыларыгар үөрэммэккэ хаалар. Ити үөрэнии итэҕэһэ кини дьиэ кэргэн иһигэр тахсар өйдөспөт буолуу түбэлтэлэригэр таба суолу тутуһарын олус уустугурдар. Тулаайах итинник быһыыларга урут түбэспэтэх буолан хойутаан, бэйэтин холобурдарыттан эрэ үөрэнэригэр тиийэр. Ити иһин тулаайах оҕото эмиэ тулаайах буолар диэн быһааран этии оруннаах буолан тахсарыгар тиийэр.

Сахалар ситэри быһаарыммат киһини «Тулаайах оҕо курдук буолан түһэҥҥин»,- диэн ааттыыллар. Бу этии тулаайах оҕо кыра эрдэҕиттэн ону-маны оҥорорго ситэ үөрэммэтэҕин, ол иһин хайдах оҥорору билбэт буолан, барыга-бары муҥкугун, сатаабатын бэлиэтиир. Тулаайах оҕо кыра эрдэҕинэ кыайбат уонна сатаабат буолан оҥоруон да сөбүн оҥорбот буола үөрэнэн хааларын уонна бары дьыалаларга быһаарыныы ылынара уустук буолан тахсарын бу этии быһаарар.

Статистика дааннайдара бигэргэтэллэринэн эдэрдэр ортолоруттан бэрээдэги кэһээччилэр үгүстэрэ толорута суох кэргэҥҥэ иитиллибиттэр. Kыра эрдэхтэринэ иитии-үөрэтии туруга суох буолуута кинилэри быстах дьыалаларга убаныыларыгар эбэтэр сыыһа-халты туттууларыгар тириэрдэр.

Олохторугар араас ыарахан балаһыанньаҕа түбэһэн оҕолорун хаалларбыт төрөппүттэр, бэйэлэрэ ханна эрэ сылдьар буоллахтарына, оҕолорун «тыыннаах тулаайаҕа» диэн, онтон «төгүрүк тулаайах» диэн хайа да төрөппүтэ суох оҕону ааттанар. Былыр сахалар аҕа уустарынан тутуллан олорбут кэмнэригэр төгүрүк тулаайаҕы да аймахтара бары көмөлөөн, көрөн-истэн улаатыннаран, киһи-хара оҥорон улаатыннараллара биллэр.

Тулаайах оҕо буолуу киһини бэйэтин олус ыарахан суолга умсары анньарын былыргы сахалар билэннэр, тулаайах оҕо аҕыйах ахсааннаах буоларыгар баҕараллара, оҕолор бары толору кэргэҥҥэ иитиллэн улааталларын ситиһэ сатыыллара. Билигин олох көнөн, оҕо иитиитин аҥардас дьахталлар кыайа-хото тутар буолбуттарын да иһин, тулаайах оҕо өйүн-санаатын уратылара син-биир уларыйбаттар, олох сайдан иһиитэ төттөрү өттүгэр дьайыыта тулаайах оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ сабыдыаллыыр. Бу кэмҥэ өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин сүтэрбэккэ тулаайах оҕо иитиитигэр бары аймахтара, туһулаан эр дьон утумнаахтык көмөлөһөллөрө эрэйиллэр. (1,36).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1. Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. - Дьокуускай: Бичик, 2004. - 128 с.