Дьон олоҕор тугу эмэ үллэстии диэн куруук туттуллар быһыы буолар. Государство оҥорон таһаарар баайын тэҥнээн үллэстиини туһанан уһуннук олорбут сэбиэскэй былаас кэмигэр ону-маны, табаары, аһы үллэстии элбэх буолара.

Сиртэн хостонор баайы, гааһы, ньиэби билигин дэлэччи атыылыыр Россияҕа салайааччылар, баайдар үллэстиини бэйэлэрэ баһылааннар аһара байаллара элбээтэ.

Сахаларга булду үллэстии диэн быһыы элбэхтик туттуллар. Бары кыттыһан бииргэ бултаан баран тэҥ гына үллэстэн кэбиһии былыргы кэмнэргэ үөскээн баран, билигин да куруук туттуллар. Урукку кэмҥэ аймахтыылар бэйэ-бэйэлэриттэн ордук кытаанахтык тутуллар эрдэхтэринэ тэҥнээн үллэстиини куруук туһаналлара. Хайа эрэ ыал быйыл идэһэтэ суох хааллахтарына, ыалларын идэһэлэриттэн тииһинэр, амсайар кыахтаналларын үллэстии үөскэтэрэ. Идэһэтэ суох ыалга хатаҕалаан бэрсэллэрэ.

Үллэстии киһи быһыытыгар киирсэр ураты өйдөбүллээх. Кыыллар үллэстибэттэр, бэйэлэрин иннилэрин эрэ көрүнэллэр, ким кыахтаах барытын хабан ылыан сөп. Киһи өйө, аһынар, харыстыыр, көмүскэһэр санаата үөскээн сайдыбытынан үллэстиини таба сыаналаан туһанар кыахтаммыт.

Оҕону кыра эрдэҕиттэн тугу эмэ үллэстэргэ иитии, үөрэтии хайаан да ирдэнэр. Туппутун ыһыктыбат киһи хайҕаммат, дьону кытта бииргэ олорууга ыарахаттар үөскүөхтэрин сөп.

Үллэстэр үгэскэ иитиллибэтэх, үөрэтиллибэтэх оҕо аһара бэйэмсэх, аһыныгаһа суох майгыланан хаалыан сөп. Ол иһин сахалар кыра оҕоҕо тугу эмэни биэрэн баран бытарытан, үллэстэргэ кыра эрдэҕиттэн үөрэтэллэр. Тугу эмэ биэрдэҕинэ “Оҕом бэристэ” диэн үөрэллэр, хайгыыллар, онно эбэн “Бачча улахан буол” диэн улаханы көрдөрөн, улаатан иһэргэ баҕа санааны үөскэтэн биэрэллэрэ ордук улахан туһаны оҥорор.

Оҕоҕо улаатан иһэргэ баҕа санаата саамай туһалаах, киһи буолууну ситиһэригэр тириэрдэр баҕа санаа буолар. Бу баҕа санаа “Улахан киһи буол” диэҥҥэ тиийдэҕинэ оҕо улаатарга, киһи буоларга, киһилии быһыыланарга баҕа санаалаах, ол аата киһи таҥаралаах, ону ситиһэргэ сыаллаах буола улаатар кыахтанар. Баҕа санаата сыалы, киһи буолууну үөскэтэрин бэйэтэ ситиһэрэ эрэ хаалар.

Эрдэттэн оҥоруллубут биэс, уон сыллаах былааннар быһыыларынан сайдар сэбиэскэй государство төһө барыһы киллэрбиттэрин уонна ороскуоттаабыттарын ааҕаллара, суоттууллара уонна тэҥнээн кэриэтэ бары үллэстэллэрэ. Туох ордубутун барытын промышленность сайдыыны ситиһэригэр аныыллара, ол иһин ССРС сэрии кэмигэр олус күүскэ сайдыбыта.

Сэбиэскэй былаас кэмигэр дьон бары бииргэ үлэлээн муспуттарын холбоон баран бары тэҥҥэ кэриэтэ, төһө үлэни-хамнаһы оҥорбуттарыттан көрөн үллэстэллэрэ, хамнас аахсаллара, пиэнсийэ ылаллара. Салайааччылар хаһан баҕарар бэйэлэригэр элбэҕи ылыахтарын сөбүттэн, ылар хамнастара аналлаах аһара барбат хааччахтааҕа, ол оннугар араас элбэх босхо көмөлөрүнэн туһаналлара. Кириэмил кырдьаҕастара коммунизм олоҕор олороллор диэн этэллэрэ чахчы этэ. Барыта кэриэтэ бэлэмҥэ олорбуттара.

Бу былаас үлэһиттэр былаастара буоларын бэлиэтинэн ханнык баҕарар үлэ кыра да соҕус буоллар сөптөөх хамнастаах, пиэнсийэ кээмэйэ орто хамнастан кыранан кыра этэ. Ол оннугар бары дьону барыларын ыган-хаайан үлэлэтэллэрэ уонна кыра да соҕус буоллар сөптөөх хамнаһынан хааччыйаллара.

Бэлэм, кыра да буоллар куруук кэлэр хамнаска дьон үөрэнэн хааланнар уонна мөлтөхтүк үлэлиир элбэх ахсааннаахтары үтүктэннэр үлэ оҥорон таһаарыыта сыыйа намтаан испитэ. Бэйэ оҥорон таһаарар оҥоһуктара быста аҕыйаабыттара, саҥа массыыналары, табаардары араас фондаларынан эрэ түҥэтэргэ тиийбиттэрэ. Маҕаһыыннарга ханнык да сыаналаах, туһалаах табаар атыыламмат буолбута, аналлаах толуоҥҥа эрэ тиксэр кэмэ тиийэн кэлбитэ. Кэлин сэбиэскэй былаас эстиитигэр туох да ас маҕаһыыҥҥа суох буола симэлийбитэ.

Ньиэп, гаас атыытыттан киирэр харчыны үллэстиинэн салайтаран олорор государство үрэллибитэ, ыһыллыбыта. Ньиэп сыаната түспүтүгэр үллэстэр харчы аҕыйаан бары тус-туспа барыылара саҕаламмыта, государство тутула, былаас уларыйбыта, сыыйа ырыынак сокуоннара киирэн барбыттара.

Дьон бары тэҥ буолбатахтар. Дьону тэҥнии сатаабыт сэбиэскэй былаас эстибитэ ону дакаастыыр. Уопсай баайга элбэхтик үлэлээн биэрэр оннугар аҕыйахтык үлэлиир санаа дьон өйүн-санаатын сабардаабыта, үлэ оҥорон таһаарыыта быста аҕыйаабыта.

Үлэ оҥорон таһаарыыта мөлтөөһүнүгэр үлэлиэхтэрин баҕарбаттары күүһүлээн үлэлэтэ сатааһын улахан оруолу ылбыта. Үүрүллэ сылдьан үлэлээччилэр хаһан да таһаарыылаахтык үлэлээбэттэр, аатыгар эрэ саллаҥныыллар. Ол иһин үлэ оҥорон таһаарыыта быста намтаабыта.

Үллэстии бэлэми кэтэһэ сылдьары сайыннарар, улаатыннарар. Кыратык да үлэлээтэххэ сөптөөх хамнас үллэстииттэн тиийэн кэлэрэ үлэ оҥорон таһаарыытын намтатан иһэр.

Үллэстииттэн тииһинии төһө да үчүгэйин иһин, дьону бэлэмҥэ үөрэтэрэ куһаҕан. Бэлэмҥэ үөрэнии үгэс буолан хааллаҕына киһи ону кэтэһэриттэн туһалааҕы оҥороро биллэрдик аҕыйыыр.

Дьоҥҥо үллэстиини кээмэйин билэн туһаныы ирдэнэр. (1,83).

Туһаныллыбыт литература уларыт

1.Каженкин И.И. Кут-сүр үөрэҕэ. Өй-санаа уратылара. - Дьокуускай: РГ "MEDIA+", 2020. - 116 с.

Өссө маны көр уларыт