Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия комитета

Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия кэмитиэтэ (кылг. ОыОК, нууч. кылг. МОК, фр. Comité international olympique, ааҥл. International Olympic Committee) — Олимпия оонньууларын уонна Олимпия хамсааһынын көҕүлүүр омуктар икки ардыларынааҕы тэрилтэтэ. Ыстаап-кыбартыырата Швейцария Лозанна куоратыгар баар.

Лозаннаҕа баар ыстаап-кыбартыыра

ОыОК 1894 сыл бэс ыйын 23 күнүттэн, Пьер де Кубертен тыл көтөҕүүтүттэн ыла Париж куоракка аан бастаан баар буолбут. Бастакы бэрэсидьиэнинэн Деметриус Викелас буолбут[1]. Онон, хас сыл аайы, бэс ыйын 23 күнүгэр Омуктар икки ардыларынааҕы Олимпия күнэ бэлиэтэнэр.

Кэмитиэт суолтата, анала уларыт

Аналын быһыытынан — Олимпия хартиятынан салайтаран, олимпия хамсааһынын уонна Олимпия оонньууларын сайдыытын салайыы. Кэмитиэт спорду уонна спортивнай оонньууну тэрийэри итиэннэ сайыннарыыны биһириир, Олимпия оонньуулара кэмигэр ыытылларын хааччыйар.

Олимпия оонньууларын бары бырааба - кэмитиэккэ баар. Ол гынан баран, Олимпия оонньууларын ыытыы - Кэмитиэккэ буолбакка, оонньуу буолар сиригэр тэриллибит Тэрийэр бөлөххө сүктэриллэр.

Кэмитиэти үбүлээһин уларыт

Кэмитиэккэ үп киирэр соҕотох суола - чааһынай эйгэ. Мантан баһыйар өттө - көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар уонна спонсордар. Онон, Кэмитиэт ити үпкэ олоҕуран Олимпия оонньууларын ыытыыга, Нассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин сыллааҕы үлэлэригэр итиэннэ омукар икки ардыларынааҕы спорт делегаттарыгар олохтоохтук көмө оҥорор кыахтаах.

2010 саҥатынааҕы туругунан, Кэмитиэккэ сүрүн барыс Олимпия оонньууларын көрдөрүүгэ быраап атыытыттан (уопсай барыстан 53%), спонсортан (34%), билиэт атыытыттан (11%) уонна лисиэнсийэ биэрииттэн (2%) киирбит. 2008 сыллаахха Кэмитиэт уопсай барыһа $2,4 млрд тэҥнэспит.[1]

Кэмитиэт кыттыылаахтара (чилиэттэрэ) уларыт

Кэмитиэ чилиэттэринэн, төһө да Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киирэллэр диэн алҕас санаа тарҕаммытын иһин, 115-тэн элбээбэт ахсааннаах киһи буолар. Олортон 70 киһи дуоһунаһа суох, манна сыһыаннаах дьарыга суох, 15 кыттыылаах - күөгэйэр күнүгэр сылдьар спортсмен, 15 кыттыылааҕы Омуктар икки ардыларынааҕы спорт федерациялара эбэтэр кинилэр ассоциациялара туруораллар уонна 15 кыттыылааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киллэрэр. Өр кэм устата Кэмитиэккэ эр дьону эрэ киллэрэ сылдьыбыттар, дьахталлары аан бастаан 1981 сыллаахха талбыттар[2].

Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитинэн эрэ үлэлииллэр. 2016 сыл саҥатыгар итинник кэмитиэт ахсаана 206 тиийбит. Олортон 193 ХНТ кыттыылаах-иллэри көрдөрөллөр, өссө 13 (Американскай Самоа, Аруба, Бермуд Арыылара, Британия Виргин арыылара, Виргин арыылара (АХШ), Гонконг, Гуам, Кайман арыылара, Кук арыылара, Палестина Ил, Пуэрто-Рико, Косово Өрөспүүбүлүкэ, Кытай Тайбэйэ) араас туруктаах сирдэри көрдөрөллөр. ХНТ билиммит дойдуларыгар баар Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитин эмиэ ылар. Хас биирдии Наассыйа Олимпиятааҕы кэмитиэтэ бэйэтин континентальнай Олимпия ассоциациятыгар бас бэринэр:

  • Африка — ANOCA (ааҥл. Association of National Olympic Committees of Africa — Африка Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин Ассоциацията)
  • Америка — PASO (ааҥл. Pan American Sports Organisation — Панамериканскай спортивнай тэрилтэ)
  • Азия — OCA (ааҥл. Olympic Council of Asia — Азия Олимпиятааҕы сэбиэтэ)
  • Европа — EOC (ааҥл. European Olympic Committees — Европатааҕы олимпия кэмитиэттэрэ)
  • Океания — ONOC (ааҥл. Oceania National Olympic Committees — Океаниятааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ)

Кэмитиэт толорооччу бөлөҕө (кэмитиэтэ) уларыт

Должность Имя Страна
Бэрэсидьиэн Бах, Томас Германия  Германия
Бииссэ-бэрэсидьиэн Эль-Мутавакель, Наваль Марокко  Марокко
Бииссэ-бэрэсидьиэн Риди, Крейг Улуу Британия  Улуу Британия
Бииссэ-бэрэсидьиэн Коутс, Джон Австралия  Австралия
Бииссэ-бэрэсидьиэн Цайцын Ю Кытай  Кытай
Генеральнай дириэктэр Кеппер, Кристоф де Бельгия  Бельгия
Кыттыылаах Ву Чин-куо Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ  Кытай Өрөспүүбүлүкэтэ
Кыттыылаах Фазель, Рене Швейцария  Швейцария
Кыттыылаах Хики, Патрик Ирландия  Ирландия
Кыттыылаах Бокель, Клаудиа Германия  Германия
Кыттыылаах Самаранч, Хуан Антонио (аччыгыйа) Испания  Испания
Кыттыылаах Бубка, Сергей Назарович Украина  Украина
Кыттыылаах Лухан, Вили Калтшмитт Гуатемала  Гуатемала
Кыттыылаах Дефранц, Анита АХШ  АХШ
Кыттыылаах Эрденер, Угур Турция  Турция
Кыттыылаах Линдберг, Гунилла Швеция  Швеция

Кэмитиэт хамыыһыйалара, хос кэмитиэттэрэ, тутула уларыт

По состоянию на 23 июня 2015 года

Хамыыһыйа-кэмитиэт Английскайдыы суруллуута Төрүттэммит сыла Бэрэсэдээтэлэ
Толорооччу кэмитиэт IOC Executive Board 1921   Томас Бах
Спортсмен хамыыһыйата Athletes’ Commission 1981   Клаудия Бокель
Спортсменнар сыһыаннаһыыларын хамыыһыйата Athletes’ Entourage Commission   Сергей Бубка
Аудит хамыыһыйата Audit Committee   Пьер-Оливье Бекерс-Вьёжан
Коммуникация хамыыһыйата Communications Commission   Камил Эйрлингс
Рио-де-Жанейро-2016 салайар хамыыһыйата Coordination Commission For Rio de Janeiro 2016   Наваль эль-Мутавакель
Пхёнчхан-2018 салайар хамыыһыйата Coordination Commission For PyeongChang 2018   Гунилла Линдберг
Токио-2020 салайар хамыыһыйата Coordination Commission For Tokyo 2020   Джон Коатс
Лиллехаммер-2016 салайар хамыыһыйата Coordination Commission For The Lillehammer 2016 YOG   Анджела Руджеро
Буэнос-Айрес-2018 салайар хамыыһыйата Coordination Commission YOG Buenos Aires 2018   Фрэнк Фредерикс
Олимпия удьуорун уонна култуура хамыыһыйата[3] Culture and Olympic Heritage Commission   Ламбис Николау
Delegate Members Delegate Members   Патрик Хики
Этика хамыыһыйата Ethics Commission 1999   Юссуфа Ндиай
ЮОИ-2020 сыаналыыр хамыыһыйата Evaluation Commission YOG 2020   Ян Ян (A)
ЗОИ-2022 сыаналыыр хамыыһыйата Evaluation Commission Olympic Winter Games 2022   Александр Жуков
Үп хамыыһыйата Finance Commission   Ын Сер Мианг
Кэмитиэт кыттыылаахтарын талар хамыыһыйа[4] IOC Members Election Commission   Принцесса Анна
ВАДА олохтооччу Сэбиэтигэр Кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ IOC Representatives on the WADA Executive Committee and Foundation Board   Крэйг Риди
Быраап дьыалатыгар хамыыһыйа[5] Legal Affairs   Джон Коатс
Маркетинг хамыыһыйата Marketing Commission   Цунэкадзу Такэда
Наука уонна медицина хамыыһыйата[6] Medical And Scientific Commission   Угур Эрденер
Олимпия үөрэхтээһинин хамыыһыйата[7] Olympic Education Commission   Филип Крэйвен
Олимпия бырагырааматын хамыыһыйата Olympic Programme Commission   Франко Карраро
Солидарность олимпиятааҕы хамыыһыйата Olympic Solidarity Commission 1981   Ахмед аль-Фахад ас-Сабах
Общественноһы кытта сибээс уонна спорт нөҥүө социальнай сайдыы кэмитиэтэ[8] Public Affairs And Social Social Development Through Sport   Марио Песканте
«Спорт уонна көхтөөх общество» хамыыһыйа[9] Sport And Active Society Commission 1983   Сэм Рамсами
«Сайдыы уонна удьуор-утум» хамыыһыйа[10] Sustainability and Legacy Commission 1995   Альбер II
«Дьахталлар спортка» хамыыһыйа[11] Women In Sport Commission 2004   Лидия Нсекера
Олимпия ханаала Olympic Channel   Лэрри Пробст
Olympic Channel Services S.A. (Швейцария) Olympic Channel Services S.A.   Томас Бах
Olympic Broadcasting Services S.A. (Швейцария) Olympic Broadcasting Services S.A.   Ричард Паунд

Ылыллыбыт сирэ

Кэмитиэт бэрэсидьиэннэрэ уларыт

Кэмитиэт бары бэрэсидьиэннэрэ Брендеджтан ураты Европа дьоно.

Бэрэсидьиэн Ил Салайбыт сыллара Бэлиэтээһиннэр
Деметриус Викелас   Греция 18941896
Барон Пьер де Кубертен Франция  Франция 18961916 уонна 19191925 1925 - 1937 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ
Барон Годфруа де Блоне Швейцария  Швейцария 19161919 (э. т.)
Граф Анри де Байе-Латур Бельгия  Бельгия 19251942
Зигфрид Эдстрём Швеция  Швеция 19461952 (э. т. 19421946)
Эвери Брендедж АХШ  АХШ 19521972 Олимпия оонньууларыгар спортсмен быһыытынан кыттыыны ылбатах бастакы бэрэсидьиэн
Лорд Майкл Моррис, 3-й барон Килланин Ирландия  Ирландия 19721980
Маркиз Хуан Антонио Самаранч Испания  Испания 19802001 2001 - 2010 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ
Граф Жак Рогге Бельгия  Бельгия 20012013 Олимпия оонньууларыгар хас да төгүл спортсмен быһыытынан кыттыбыт (1968, 1972 уонна1976)бастакы бэрэсидьиэн. 2013 сылтан ОыОК бочуоттаах бэрэсидьэнэ
Томас Бах[12] Германия  Германия с 2013 года Олимпия чемпиона буолбут бастакы бэрэсидьиэн (1976, фехтование)

Бэлиэтээһиннэр уларыт

  1. 1,0 1,1 Александр Губский. «Учтен каждый доллар», — Жак Рогге, президент Международного олимпийского комитета // Ведомости, 03.02.2010, 18 (2536)
  2. FACTSHEET THE OLYMPIC MOVEMENT(ааҥл.). olympic.org (октябрь 2013). — «In 1981, Pirjo Häggman and Flor Isava Fonseca were the first women to be elected as IOC members.»  Тургутулунна 5 Алтынньы 2014.
  3. Ранее — Комиссия по культуре и олимпийскому образованию
  4. Ранее — Комиссия по номинациям
  5. Ранее — Юридическая комиссия и комиссия «Спорт и право»
  6. Ранее — Медицинская комиссия
  7. Ранее — часть комиссии по культуре и олимпийскому образованию
  8. Ранее — Комиссия по международным отношениям
  9. Ранее — Комиссия «Спорт для всех»
  10. Ранее — комиссия «Спорт и окружающая среда»
  11. Ранее — комиссия «Женщины и спорт»
  12. Томас Бах стал новым президентом Международного олимпийского комитета.

Сигэлэр уларыт